Sinet Spark бастакы оҕо балаһааккатын арыйда
Киин куорат Промышленнай уокуругар, Рихард Зорге уулуссатын 7/2 нүөмэригэр, Sinet Spark бастакы оҕо балаһааккатын арыйда.
Sinet Spark уонна inDriver көҕүлээһининэн уонна үбүлээһининэн, быйыл куорат уокуруктарыгар 10 оҕо балаһааккаларын тэрилэ туруоҕа. Бырайыакка куорат дьаһалтата кыттар.
«Быйыл биһиги inDriver-ы кытта куоракка 10 аныгылыы оҕо балаһааккаларын бэлэхтиибит. Ураты болҕомто ыраах сытар, оҕо оонньуур миэстэтэ суох сирдэргэ ууруллуоҕа. Атырдьах уонна балаҕан ыйдарга 7 таас уонна 2 мас дьиэлэргэ балаһааккалары туруорары былаанныыбыт. Балаһааккалар араас көрүҥнээх, араас сиргэ оҥоһуллубут буолуохтара. Итинэн Дьокуускай усулуобуйатыгар бастыҥ оҥоһуулаах балаһааккалары бэрэбиэркэлээһин оҥороору гынабыт. Инники өттүгэр биһиги климаппытыгар хайдах барсарын билээри гынабыт», - диир Sinet Spark салайааччыта Александра Козулина.
Рихард Зорге уулуссатын урукку балаһаакката оҕо оонньууругар табыгаһа суох сиргэ турбут.
«Биһиэхэ олоххо дьикти буолбат дииллэр этэ. Бу миэстэҕэ гараастар турбуттара, бөх-сах сыппыта. Маннык кылгас болдьоххо үчүгэй балаһаакка тутуллубутуттан олус үөрдүбүт. Оҕолор наһаа күүппүттэрэ, үөрүүлэрэ кэмэ суох», - диир Промышленнай уокурук салайааччыта Елизавета Служеникина.
Бырааһынньыкка олохтоох оҕолортон балаһааккаҕа бэрээдэги көрөөччүнү талыахха наадата этилиннэ. Оҕолор бэрээдэги көрөллөрүн туһунан үөрэ кэпсээтилэр.
«Бары наһаа үөрдүбүт, саҥа балаһаакка туппуттарыттан. Ордук хачыалы уонна «паутинка» диэни сөбүлээтибит. Ким да киртиппэтин курдук көрөбүт», - дииллэр оҕолор.
Сотору саҥа балаһааккалар маннык аадырыстарга баар буолуохтара:
- Воинскай уул., 1;
- Автодорожнай уул., 40/7;
- Көтөр фабриката, 10;
- Чернышевскай уул., 4/1;
- Аммосов уул., 4;
- Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул., 23/2;
- Лермонтов уул., 25/2;
- Челюскин уул., 37/4;
- Мелиоратордар уул., 6 (6/1).