Силиһэ суох мас үүммэт, төрдө суох киһи төрөөбөт
Хас биирдии ыал олоҕор ураты суолтаны ылар мал-сал баар буолар. Ол көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрэ, сырдык өйдөбүлү хаалларан, ааспыт уонна билиҥҥи кэми, уруккуну уонна хойуккуну ситимнии турара ордук кэрэхсэбиллээх. Сорох дьиэ кэргэн киэн туттуута, барҕа баайа аҥаардас мал-сал, иһит-хомуос, көмүс эрэ буолбатах.
Ааспыт субуотаҕа В.П. Ларионов аатынан Физико-техническэй лицейгэ “Мин дьиэ кэргэним реликвията” күрэх үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. 8 “Б” кылаас (салайааччы Мария Алексеевна Баишева) бу кэскиллээх бырайыага, үтүө үгэскэ кубулуйбут тэрээһинэ дойду үрдүнэн биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар ананна.
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ
7 “Б” кылаас үөрэнээччитэ Айтал Заровняев хос эбэтэ Стручкова Фёкла Ильиничнаттан кэлбит мас хоппотун аҕалбыт. Кини хос хос эһэтэ Шахурдин Илья Никифорович тапталлаах кыргыттарыгар маннык хопполору бэлэхтээбит эбит. Ити быһа холоон 1930-с сылларга. Уран тарбахтаах уус аата, хомойуох иһин, биллибэт. Маһы ыллаппыт маастар биир да тимир тоһоҕону туттубатах, таһын оһуорунан-мандарынан киэргэппит. Хоппону арыйдахха, ис өттүгэр латыынныы алпаабытынан “Cүөкүлэ дьааһыга” диэн суруктаах.
– Татыйаанаҕа анаммыт хоппо билигин аймахтарбытыгар Төҥүлүгэ баар. Ону кэлин хараҥа өҥүнэн кырааскалаабыттар. Биһиэхэ баар хоппоҕо эбэбит Пинигина Мария Алексеевна малын-салын уурунар. Билигин да бөҕө-таҕа турар. Дьиэ кэргэммит харыстыыр мала көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэҕэ, – диэтэ Айтал. Кини күрэх түмүгүнэн 3-с бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ.
Александра Жиркова (7 “Б” кыл.) – Егоровтар-Жирковтар медицинскэй династияларын кэскиллээх ыччата. Кини аҕатын кытта хос эһэтиттэн уонна хос эбэтиттэн кэлбит, халыҥ аймахха көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр оҕо олоппоһун аҕалан соһуттулар. 1949 сыллаахха Сунтаар улууһугар оҥоһуллубут мас олоппоско отучча оҕо олорон улааппыт. Кыыс аҕата этэринэн, хас да улууһу кэрийбит, тимир көлөнөн, бэл диэтэр, атынан кытта айаннаабыт. Өссө да сулууспалыыр чинчилээх, бөҕө-таҕа көрүҥнээх. Күрэх түмүгүнэн Александра 2-с миэстэни ылла.
Сытыы-хотуу, чобуо тыллаах-өстөөх 5 “А” кылаас үөрэнээччитэ Роман Им кэрэхсэбиллээх кэпсээнэ дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Кини дьиэ кэргэнин реликвията – 20-с үйэ саҕаланыыта Касли куорат собуотугар (билиҥҥи Челябинскай уобалас) кутуллубут чугуунтан оҥоһук. Ыйааһына тос курдук. Норуокка “Каслинское литье” диэн аатынан аар-саарга аатырбыт скульптуралар, уран оҥоһуктар билиҥҥэ диэри сыаналаналлар. Рома аймахтарыгар бу үйэлээх оҥоһугу икки уол оҕолоох ыалга харысхал уонна бэлэх быһыытынан биэрэр үтүө үгэс баар эбит. Уол тоҕус көлүөнэҕэ диэри төрдүн-ууһун үөрэппитин хайгыы иһиттибит. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Роман Им кыайыылаах үрдүк аатын ылла.
Хас биирдии мал-сал тус-туспа дьылҕалаах. Оскар Васильев (6 “А” кыл.) ааспыт үйэ кэрэһитин – хос эбэтэ Романова Мария Егоровна холбукатын аҕалан көрдөрдө. “Манна ийэм көмүс киэргэллэрин угар. Мин кыыс оҕолоннохпуна, ийэм киниэхэ биэриэхпит диир”, – диэн кэпсээтэ Оскар. Кини “Кэм уонна көлүөнэлэр ситимнэрэ” диэн анал аакка тигистэ.
Алгыс Портнягин (5 “А” кыл.) хос эһэтэ Потапов Дмитрий Иннокентьевич – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Кини уордьана, мэтээллэрэ уонна автобиографията – дьиэ кэргэн киэн туттуута. Алгыс хос эбэтэ Мария Васильевна ааспыт үйэ 50-60-с сылларыгар тикпит икки мааны кэһиэччигин ийэтэ кичэллээхтик ууруна сылдьан, кэрэ-бэлиэ күннэргэ эрэ кэтэр. Бу күрэххэ кини сиэдэрэй киэргэллээх, хараҥа өҥнөөх кэһиэччигинэн кэлбит. Алгыс “Өйдүүбүт! Киэн туттабыт! Харыстыыбыт!” анал ааты ылла.
Көмүс – күндү бэлэх
Айаал Пермяков (5 “Б” кыл.) 19-с үйэтинээҕи үрүҥ көмүс ньуоска кинилэр дьиэ кэргэннэригэр ураты суолталааҕын кэпсээтэ. Бу ийэтин өттүнэн хос хос эбэтэ Елена Дмитриевна Созоноваттан тиксибит. Айаал ньуоска матырыйаалын, ыйааһынын, кээмэйин, сүрүн бэлиэлэрин чинчийбит. Ону таһынан ийэтин өттүнэн төрдүн-ууһун үөрэппит, “Личности Эльгетского улуса” диэн монографиянан туһанан, архыып матырыйаалларын хасыһан, Слепцовтар (Арбатыы ууһа) халыҥ аймах туһунан элбэҕи билбит-көрбүт. Кини үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, “Бастыҥ презентация” анал аат хаһаайынынан буолла.
Евгения Тимофеева (6 “Б” кыл.) хос эбэтиттэн кэлбит кыһыл көмүс чаһы дьылҕатын сэһэргээтэ. Маны хос эһэтэ таптыыр кэргэнигэр бэлэхтээбит эбит. Пензатааҕы чаһы собуотун, суон сураҕырбыт “Заря” маарка оҥоһуга. Женя кэпсээнэ биһирэнэн, “Реликвия саамай ураты историята” анал ааты ылары ситистэ.
Кинигэ – үйэлээх баай
Альберт Васильев (6 “Б” кыл.) хос эһэтэ Василий Павлов-Толоон уола икки кинигэлээх. “Хос эһэбит айымньылара улуустааҕы “Дьааҥы аартыга” хаһыакка бэчээттэммиттэрэ, “Остуолбам сыһыыта” хоһооно нэһилиэк гимнэ буолбута”, – диэн киэн тутта кэпсээтэ кини. Күрэх түмүгүнэн кыттааччы “Дьиэ кэргэн духуобунай сыаннаһа” анал аат хаһаайына буолла.
Анастасия Мачахова (6 “Б” кыл.) хос эбэтэ Вера Мачахова “Көөчүктэнэр оҕо саас” кинигэтин олус күндүтүк саныыр. “Кини хос сиэннэригэр, чуолаан миэхэ уонна Вераҕа анаан таһаарбыта”, – диэн долгуйа кэпсээтэ. Настя аныгы үйэҕэ ааҕыы, төрөөбүт тыл кыһалҕаларын бэлиэтээбитэ ордук хайҕаллаах. Кини “Дьиэ кэргэн үгэстэрин күүһэ” анал ааты ылла.
6 “Б” кылаас үөрэнээччитэ Алиса Терехова: “Биһиги дьиэ кэргэммит реликвията – эһэм Терехов Никифор Дмитрьевич кинигэлэрэ. Кини – хас да кинигэни таһаарбыт ааптар. Эбэбит Матрена Николаевна аатын үйэтитэр “Иэйэхсит бэлэҕэ” кинигэ биһиэхэ ордук күндү”, – диэн кэпсээтэ. Кини “Дьиэ кэргэн киэн туттуута” анал аакка тигистэ.
Төлкөлөрө түстэммит күнүгэр
Олох сайдыытын, кэм уларыйыытын биир кэрэһитэ – тиэхиньикэ. Сандал Замятин (7 “А” кыл.) эһэлээх эбэтэ 1976 сыллаахха ыал буолалларыгар уруу-аймах дьонноро “Океан-205” радиоприемнигы бэлэхтээбиттэр. «Аня, Алёша. С днем свадьбы от родственников» диэн сурук күн бүгүҥҥэ диэри дьиэ кэргэн төлкөтө түстэммит күнүн саната турар. Уол эһэтэ ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Японияҕа бара сылдьан SANYO фирма магнитофонун атыылаһан кэлбит. Өссө Сандал эһэтэ Финляндияттан икки кассеталаах JVC фирма магнитофонун сүгэн-көтөҕөн аҕалбыт. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Сандал “Саамай ураты реликвия” анал аат хаһаайына буолла.
Араҥаччылыыр күүстээхтэр
Таҥара мөссүөннээх иконалар үксүн нэһилиэстибэ быһыытынан хаалаллар. Маннык реликвиялар ураты дириҥ ис хоһоонноохтор. Ол курдук, Роман Григорьев (7 “В” кыл.) уонна Григорий Эм (8 “А” кыл.) дьиэ кэргэттэрэ 19-с үйэтээҕи иконалары харахтарын харатын курдук харыстыы сылдьаллара хайҕаллаах. Гриша көрдөрүүгэ аҕалбыт иконата сэрии кэмигэр дьиэ кэргэни аччыктааһынтан быыһаабытын кэпсээбитэ барыбытын долгутта. Кини – “Кэм кэрэһиттэрэ”, оттон Роман “Бастыҥ кэпсээнньит” анал ааттарга тигистилэр.
«Киин куорат» хаһыат анал аатын ким ылла?
8 “Б” кылаас үөрэнээччитэ Максим Афанасьев дьиэ кэргэнин киэн туттуута – Саха алааһын Иэйэхситэ, саха норуодунай артыыһа Анастасия Варламова “Аҕам алааһа” ырыата. Бу үйэлээх айымньы Максим хос эһэтэ Петр Елисеевич Варламовка анаммыт эбит. Анастасия Николаевна 11 оҕолоох тапталлаах убайын, ытык киһитин сырдык мөссүөнэ ылбаҕай ырыаҕа бу курдук ойууламмыт:
Отуутун таһыгар, оллоонун аттыгар
Хотуурун таптайар, табаҕын уурунар
Уонна, дьэ, оргууйдук бугулун бэрийэр...
Максим ураты тыыннаах алаас историятын, төрдүн-ууһун үөрэппит. Варламовтар дойдуларыгар Сыымахха дьиэ кэргэн түмэлэ тэриллибитин сэһэргээтэ. Кини: “Лэбийэ алаас – биһиги күүс-уох ылар ытык сирбит. Манна уруу-аймах сайын аайы мустар. Мин төрдүм – мин тирэҕим”, – диэн киэн тутта кэпсээбитин кэрэхсии иһиттибит. Онон “Киин куорат” хаһыат анал аатын Лэбийэ алаастан силистээх-мутуктаах Максим Афанасьев ылла!
***
Силиһэ суох мас үүммэт, төрдө суох киһи төрөөбөт. Ону ФТЛ үөрэнээччилэрэ өйдүүллэр, дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө туталлар, төрдүлэрин билэ, үөрэтэ, чинчийэ сатыыллар. Маладьыастар! Учууталлар, төрөппүттэр көмөлөрүнэн оҕолор кэскиллээх бырайыагы салҕыылларыгар баҕара хаалабыт. Эһиил көрсүөххэ диэри!