Сиэри- туому тутуспаттан...
Алексей, Дьокуускай куорат: – Мин абааһы, сибиэн диэни соччо итэҕэйбэт киһибин. Кыра сылдьан аралдьыйа таарыйа, үксүгэр куттуур, дьээбэлиир сыаллаах мустан абааһылаах түүллэри кэпсэтэллэрин күлүү-элэк курдук истэрим. Улаатан да баран куска, куобахха соҕотоҕун куттаммакка дурдаҕа, үүтээҥҥэ хонон туруллааччы. Умнубатахпына, сирбин-уоппун аһатааччыбын. Дьолго, Байанайы дуу, иччилэри дуу хомоппутум суох быһыылаах. Үлэһит буолан баран, куорат таас дьиэтиттэн мээнэ быкпатаҕым. Куруук үлэҕэ умса түһэн, оннооҕор сааскы куска тахсыбат буолбутум. «Үлэ-дьиэ-үлэ» хаатыргатыгар хаайтаран, тыыным-быарым ыгыллан барбыта. Хата, биирдэ тойонум ыҥыран ылан: «Алёша, эйигин хоту улууска ревизияҕа ыытар буоллубут, түргэнник бүтэрэн төннө сатаар», – диэн сорудахтаата. Мин наар түөрт истиэнэҕэ көмпүүтэр иннигэр олорбут буолан, ити сонуну үөрэ иһиттим. Буолаары буолан, хаһан да үктэммэтэх хоту улууспар ыытар буолбуттар. Көтөр билиэппин ылан, олохтоох дьаһалтаны кытта кэпсэтэн, түһэр сирбин эҥин быһаарсан баран, дьиэбэр тиийэн хомуннум. Олохтоох дьаһалта үлэһитэ «кэлэргэр, баһаалыста, икки ячейка сымыытта илдьэ кэлээр, бу дойдуга олох сымыыт атыыламмат», – диэбитин быһа гымматым.
Соннук сарсыныгар АН-24 сөмөлүөтүнэн икки чаас кэриҥэ көтөн тиийиэхтээх сирбин буллум. Хоту дойду дьоно барахсаттар үөрэ-көтө көрүстүлэр. Мин улуус салалтата субсидия быһыытынан ылбыт үбүн төһө сөпкө туттубутун бэрэбиэркэлиир сыаллаах тиийдэҕим. Эргэ баҕайы тутуулаах аэропортан гостиницаҕа илтилэр. Гостиница да диэхтээн, киһи хонугар 2000 тыһыынча солкуобайы төлүүрүгэр отой остуойута суох, боростуой көстүүнэй. Сааһыра барбыт дьахтар хоспун булан олохтоото. Мин тута үлэбин толоро хонтуораҕа ыстанным. Киэһэлик кэлэн, ол-бу түргэн лапсаны эҥин буһаран аһаабыта буоллум уонна сылайбытым бэрт буолан, утуйан хааллым. Арай түүн үөһэ хоспор киһи киирэн кэллэ. Мин уум быыһынан көрдөхпүнэ, кубархай таҥастаах, тирии сонноох, саастаах дьахтар турар. Гостиница үлэһитэ киирдэ диэн бастаан улахаҥҥа уурбатым. Туран тэлэбиисэрбин араараары гыммытым, эмээхсиним сүтэн хаалла. «Хайдах хайдаҕый?» диэн тулабын көрдүм да, туох да баара биллибэт. Хараҥаны баттаһан аллара түспүтүм, били дьахтар утуйан муннун тыаһа муораҕа. Сэрэнэн, аан халҕанын арыйан тахсан табахтаатым уонна киирэн хоспор сыттым. Дьэ, саҥардыы уоскуйан, утуйан истэхпинэ, тумбабыттан тушенка бааҥката төкүнүйэр тыаһа иһилиннэ. Уубар аҥаарыйан истэхпинэ, аны сирэйбэр сотторум кэлэн түстэ. Дьэ, ыксаатым, хаһыырдым. Сарсыарда хонтуораҕа тиийбиппэр: «Хайа, хайдах утуйдун?» – эҥин диэн токкоолостулар. «Ээ, үчүгэй», – диэтим. Дьиҥэ, ситэ утуйбакка сордонон аҕай сылдьарым. Киэһэ тиийэн, били көстүүнэй үлэһитигэр бөлүүн туох буолбутун сэмээр кэпсээтим. Онуоха анараа киһим «ээ, куттаныма, манна дөрүн-дөрүн баарын биллэрээччи, эдэр оҕону дьээбэлиир, ааҥҥар бу кыптыыйы ууран кэбиһээр», – диэн кыптыый биэрдэ. Мин оччолооҕу истэн баран, өр да өр утуйбакка муҥнана сыттым. Хата, ол сибиким биллибэтэҕэ. Оннук нэдиэлэ кэриҥэ буолан баран, дьиэбэр төннүбүтүм. Бу санаатахха, кэлбит күммэр сирбин-уоппун аһаппатах эбиппин. Ол иһин ким эрэ буулаабыта быһыылааҕа.