29.08.2022 | 12:00

Сибиир солко өрөөччүтүн эмтээһин түмүктэннэ

Атырдьах ыйын 28 күнүгэр, баскыһыанньаҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ Сибиир солко өрөөччүтүн эмтээһин бүтэһик түһүмэҕэ түмүктэннэ диэн иһитиннэрдэ Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Сибиир солко өрөөччүтүн эмтээһин түмүктэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Түмүктүүр тэрээһин Нам улууһугар ыытылынна, манна 48577 гектардаах ойуур эмтэннэ.

«Нам улууһун олохтоохторугар эмтээһин кэнниттэн икки нэдиэлэ устатыгар ойуурга сылдьыбаттарыгар сүбэлиибит», — диэн сэрэттэ Ойууру хонтуруоллуур департамент старшай госинспектора Николай Никитин.

Буортулааччыны кытта охсуһуу Саха сирин территориятыгар атырдьах ыйын 12 күнүттэн түөрт улууска — Горнайга, Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка уонна Намҥа саҕаламмыта. Тэрээһин устата уопсайа 59 221 га территория эмтэннэ, итинтэн: 8 026 га Горнайга, 1 148 га Аммаҕа, 1 490 га Мэҥэ Хаҥаласка уонна 48 557 га – Намҥа.

Буортулааччы көрдүгэнин суох оҥорорго «Клонрин КЭ» инсектициди   «Авилор АВИА» эмульгаторы кытта туһаннылар.

Инсектицид дьоҥҥо, ынахха-сүөһүгэ, кыылга-сүөлгэ куттала суоҕа бэлиэтэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...