19.02.2020 | 13:28

СИБЭТИЭЙ УУ АРАЛЛААНА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэмэн үйэлээх сааһыгар тыа сиригэр олорон, үлэлээн букунайан кэллэ. Түөрт уонтан тахса сыл бииргэ олорбут эмээхсинэ былырыын анараа дойдуга аттанан, оҕолоро дэлби сабатаастааннар, куоракка кыыһыгар киирэн биир сыл кыстаата. Кыстаан да диэн, кыһыары хойут киирэн баран, дойдутун дэлби ахтан, саас суол сабыллаары эрэ турдаҕына өтөҕүн булбута.

Бөһүөлэгэр кэлэн, ахтылҕанын таһааран, ыалларын, оҕонньотторун көрсөн, куорат сонунун ыһа-тоҕо кэпсээбитэ. Бастаан утаа урууларыгар Өлөөнчүктээххэ олорон дьиэтин сылытан баран, малын-салын хомунан көһөн кэлбитэ. Дьиэтэ, дэриэбинэтэ барахсан үчүгэйин, салгына ырааһын, таһырдьата чуумпутун! Дьон хайдах куоракка олорорун Сэмэн сатаан санаабат. Оттон, этэргэ дылы, дьиэлэрэ-уоттара, утуйар оронноро, үлэлиир миэстэлэрэ эрэ баар буолан талаһаахтыыллар ини. Кини, хата, дойдутун туохха да биэрэр санаата суох. Эчикийэ, сыттыын минньигэһэ, салгынныын ырааһа. Саатар сиэннэрэ нууччалыы чубугураһаллар, кыыһа да төлөпүөнүнэн үксүн нууччалыы кэпсэтэр. Аҕатын кытары иллэҥ буолан сэлэһэр да бириэмэтэ суохха дылы. Атастара-доҕотторо да элбэхтэрэ. Сотору-сотору бырааһынньык, көрсүһүү, өссө дьиэлэригэр баар бааннаҕа суунан сөп буолбакка, били сауна дии-дии ойоллор.

Сэмэн, дьэ, биири интэриэһиргээн кэллэ. Ити тохсунньуга, Кириһиэнньэ күн, өрүскэ баран сөтүөлүүр идэлэммиттэр эбит. Айыыбытын-харабытын ыраастанабыт дэһэллэр. Буолумуна, төрөөбүт тылларын билбэттэр, кырдьаҕастары аанньа ахтыбаттар, пиибэни тута сылдьан иһэллэр, ол барытаайыы буолбакка, туох үһүнүй? Кини кыыһа аах эмиэ ол күн иһит-хомуос ылынан онно ойбуттара. Оҕолоргун илдьэ барыма дии сатаабыта, ону истиэхтэрэ дуо, хата, бары дьиэнэн

«сус» гынан хаалбыттара. Оҕонньор, дэлби куттанан, аны бары ууга түһэн хаалыахтара эбэтэр тымныйан ыалдьыахтара диэн таҥараттан көрдөһө хаалбыта. Хата бары этэҥҥэ кэлбиттэрэ, иһиттэрин толору уулаах-хаардаах этилэр. Ууларын күүстэринэн Сэмэҥҥэ сыҥалыы сатаабыттара, өссө дэриэбинэҕэ барарыгар бытыылкаҕа кутан биэрбиттэрэ. Онтулара сытыйбат да, буорту да буолбат үһү. Күҥҥэ биирдии ньуоскананиһэ сырыт, оччоҕо уһун үйэлэниэҥ, ыалдьыаҥ суоҕа диэн алҕаабыта буолбуттара.

Быйыл Сэмэн куоракка киирэр санаата суох. Бэйэтэ да олорор кыахтаах, маһын-мууһун аймахтарын уолаттара тиэйэн аҕаллахтарына, маһы баҕас хайытымына, мууһу киллэриминэ. Сайын оҕолоро тахсан аҕаларын илдьэ бараары хаайа сатаан

баран, сапсыйан эрэ кэбиспиттэрэ. Онон Сэмэн күһүн дьиэтин сыбанан, маһа-ото бэлэм буолан, билигин кимнээҕэр быр-бааччы олорор. Дөрүн-дөрүн оҕонньоттор кэлэн бараллар, таһараа Марыыска да көрө-истэ сылдьар. Биэнсийэтэ бэйэтин айаҕар тиийэр, өссө мунньан сиэннэригэр ыытар. Оҕолоро куоратган аһын-үөлүн таһа тураллар.

Сэмэн аһара соҕотохсуйбат, доҕор ыттаах буолан абыранна. Саас тахсарыгар оҕолоро ыт оҕотун булан аҕалбыттар этэ. Хата ону дьиэҕэ олорон бүөбэйдээн, бэйэтэ аат иҥэрэн, аһатан-сиэтэн, дойдутугар илдьэ тахсыбыта. Онто дэлби улаатан, өй хаата буолла. Сэмэни харыс да сиргэ туора хаамтарбат, куруук батыһа сылдьар. Уулуссаҕа дьону көрсөн кэпсэтээри тохтоотоҕуна, аттыгар хороллон баран олорор, бииргэ аһыыллар, утуйаллар. Наадаларыгар эмиэ бииргэ таһырдьа тахсан киирэллэр. Уопсайынан, куруук аргыстаһа сылдьаллар.

Саҥа дьылга диэн ааттаан, оҕолоро күнүнэн кэлэн барбыттара, куоракка илдьэ киирэ сатаабыттарын, эмиэ буолбатаҕа. Хата ытынаан Аргыстыын бэрт үчүгэйдик, чуумпутук саҥа дьылларын көрсөн, тэлэбиисэр көрө сатаан баран, өттүгэстээбиттэрэ. Куоракка эбитэ буоллар, дирбиэнэ-дарбаана, киирии-тахсыы, кэлии-барыы. Былырыын үлтү сүпсүйэннэр, сарсыардааҥҥа диэри хараҕын саппатаҕа. Дэлби сылайан, сылаарҕаан аҕай биэрбитэ.

Сэмэн бөһүөлэгин дьонун быйыл сөтүөлэтэр санаалаах. Барыларыгар куоракка хайдах сөтүөлүүллэрин кэпсээн, аҕыйах оҕонньору ойбон тэһэргэ син тылыгар киллэрдэ. Аны туран,

син сылаас турбут халлааннара эмискэ тымныйан, сорохтор аккаастыах да курдук буоллулар. «Туохпут баҕайытай, аҕыйах да сыл наада этэ, бу оҕонньор түөһэйээри гыммыт быһыылаах», — диэччилэр бааллар.

Сэмэн 18 күн сарсыарда эрдэ туран таһырдьааҥны кыраадыһын көрбүтэ, 50-тан тахсыбыт. Аан туман оргуйан олорор. Дьону күөттээн баран, хайыай, аһаан-сиэн, сылаастык таҥнан, Аргыһын кытары аллараа күөлгэ киирдэ. Оҕонньотторо биллибэттэр. Арааһа, тымныыттан чаҕыйбыттар быһыылаах. Чэ, буоллун, бэйэтэ да ойбону алларар ини. Салааскаҕа кууллаах мас сыыһын, хойгуотун тиэйэн тиийиитигэр, хата, Ылдьаа диэн атаһа аа-дьуо хааман иһэр эбит. Дьэ, үйэтигэр итинник бытааннык сылдьар киһи. Күн күөрэйдин, хаҥ хаарыйдын, Ылдьаа онно эрэ кыһаммат. Куруук кини наҕылыттан, бытаанытттан урут-уруккуттан дьон тыла иҥнэр этэ. Бу да сырыыга, хойгуотун сүгэн, бэрт бытааннык кэллэ.

  • Хайа, доҕор, хайыыбытый?
  • Хайыыбытый буолан, оттон ойбоммутун тэһэн барар инибит, — диэн Сэмэн дьаһайар киһи быһыытынан эппиэттээтэ.
  • Оттон тымныыта бэрт дии, эмээхсиним хаһыытыы хаалла. Бу оҕонньор куораттары үтүктэн эҥин-дьүһүн буолан хаалаары. Бу тымныыга атаххын тэҥнии сыттаххына буор да хаһар үлэлээх ини, - диир.
  • Ол-бу айыыны лахсыйыма. Дьон сөтүөлээбэт буоллаҕына, хайыахпытый? Бэйэбит умсаахтаан көрөө инибит. Лэгэннээх мэлийдилэр дии. Арааһа, салыннылар быһыылаах, — диэт Сэмэн куулун сүөрэн, мас сыыһынан уот отторго быһаарынна.
  • Арба, куораттар балаакка эҥин тардаллар үһү. Онон сарсын балаакка булуохха наада. Онно тимир оһох туруоран баран, итии үүттээх чэй иһэ-иһэ дьон умсуохтара буоллаҕа! Оччоҕо ким да тоҥмот дииллэр. Мин тэлэбиисэринэн көрбүтүм, бары сыбыс-сыгынньах ууга умсаллар этэ.
  • Бай, ол ийэттэн төрүү сыгынньах киирэбит дуо. Эчи куһаҕанын. Биһигини көрөн хата бары үрүө-тараа сырсаллар ини.
  • Ис таҥаспытын баҕас устуохпут суоҕа, хата, дьахталлары көрөн хаалыллыа, — диэн Сэмэн бэрт үөннээхтик мүчүҥнүү-мүчүҥнүү уотун отто сырытга.
  • Бээрэ, арба, Бэлэс Биэрэ бэҕэһээ тылынан кыыра турар сурахтааҕа. Сэмэн оҕонньор куораттан тахсан дэриэбинэ дьонун барытын ууга түһэрэн өлөрөөрү сылдьар үһү диэн. Хата бэйэтин ойбоҥҥо умса анньыахха баар этэ диэбит. Мин эмээхсиним маҕаһыыҥҥа сылдьан истэн кэлбит этэ. Куораттан таһаарбыт иччилээх уутун киэһэ аайы иһэн баран ыаллары, эдэр дьахталлары кэрийтэлиир үһү. Онон оҕонньоттор онно ымсыыран, хата дьахталлар бары огдообо хааларбыт буолуо, баһылыкка тыллыахха баар эбит диир үһү.

— Үһү да үһү буолан, аны хобу-сиби таһар идэлэммиккин дуу? Ол Бэлэс Биэрэ барахсан тылынан кыырарын сөбүлүүр идэлээх. Бэйэтигэр сырытыннараары гынара буолуо. Ол ууну иһэммин, көрөрүҥ курдук ытырдыбакка да сылдьабын. Бэйэҥ ымсыырар этиҥ дии. Чэ, таах турума, хойгуобутун ылан үлэлээбитинэн барыахха.

Муус да халыҥаабыта сүрдээх, оҕонньоттор көйө сатаан баран дэлби аҕылаан, уоттарыгар иттэ, итии чэйи тиэрмэстэн иһэ турдахтарына сыырынан баһылык массыыната элээрдэн кэлэн кинилэр иннилэригэр хорус гына түстэ. Инники олбохтон нэһилиэктэрин тойоно Сүөдэрэбис ыадаллан түстэ.

 — Хайа, кырдьаҕастар, дорооболоруҥ. Сүллүкүүн иһиллээри оҥосто сылдьаҕыт дуо? Кырдьан баран кылыыһыт буолбут диэбиккэ дылы, иннигит кылгаан, кэннигит уһаан баран, туох саҕы билээри гынаҕыт? Эһиги ааккытыгар тыллабыр киирдэ. Ойбон алларан, дьону симитэлээри гыналлар диэн. Билигин гражданскай сэрии да, былыргы да олох тыына бүтэн турар. Дьону онон-манан иирдимэҥ. Бу Сэмэн, эн, куораттан тахсыаххыттан букатын уларыйдыҥ ээ, доҕор. Дьиэҕиттэн быкпаккын, куруук ыты батыһыннара сылдьаҕын, өссө киэһэ аайы аҥаардас, ээ, ыаллары кэрийэр үһүгүн.

- Сүөдэрэбис бу үлэ-хамнас кэмигэр, ойбоннору кэрийэ сылдьан дьон хобун-сибин таһар эбиккин дуу? Мин нэһилиэгим дьонугар үтүөнү баҕарар санааттан, саатар, сөтүөлээбэт буоллахтарына, сибэтиэй уу ылан доруобуйаларын тупсардыннар диэн санааттан бу кэлэн турабын. Бэлэс Биэрэ тыла тиийэ охсубут эбит.

- Чэ, онон-манан эргитэ сатыы турумаҥ. Дьаһал быһыытынан ойбон аллараргытын көҥүллээбэппин. Дьон эҥин-дьүһүн буолан хааллаҕына, буруйдаах мин буолар инибин. Хомунуҥ, дьиэҕитигэр тиэйэн илдьитэлиэм. Бу тымныыга ону-маны толкуйдааҥҥыт. Сэмэн, ол куорат нууччалара атын итэҕэллээхтэр. Биһиги, дэриэбинэлэр, туспаларбыт. Оттон уу ылар буоллаххытына, ханнык баҕарар ууну дьиэҕэ хоннордоххунуа, сибэтиэй буола түһэр дииллэр. Бүгүн куораттары кытары кэпсэтэн кэллим, тэлэбиисэргэ да кэпсииллэр. Чэ, Ылдьаа, кииирэн олоро тур, эн бытаан киһи. Ыккытын эмиэ ылыҥ, илдьэн биэриэхпит.

Сэмэн хайыай, тойон эппитин кэннэ. Хойгуотун, салааскатын массыынаҕа тиэйэн олорсоругар эрэ тиийдэ. Ол да

буоллар, дьиэтигэр иттэрэн да баран, эбиэттэн киэһэ эмиэ  Ылдьаатын ыҥыран, саатар кыракый ойбон сыыһа тэспит киһи диэн санаалаах буолла.

Ылдьаа Сэмэнтэн чугас олорор буолан, иккиэн бииргэ түстүлэр. Баһылык түһэллэригэр өссө төгүл сэрэттэ, ону-маны толкуйдаамаҥ, сылаас дьиэҕэ олоруҥ диэн мас-таас курдук эттэ.

  • Хайа, Ылдьаа, эбиэттээн баран киирэн көрөбүт дуо? — диэн Сэмэн киһитигэр эрэммэтэр да ыйыталаста.
  • Сэмэн, кырдьыккынан эт эрэ. Бу ууну истэххинэ, кырдьык эдэргэр түһэҕин дуо? Ыаллары кэрийэриҥ кырдьык дуо? — диэн сүрдээх эрэммит харахтарынан Сэмэн диэки көрөн сибигинэйэ былаастаан ыйытта.
  • Акаары да киһигин, аны эн Бэлэс Биэрэни итэҕэйдиҥ дуо? Аҕыйах сыл ыалдьыбакка-тумуулаабакка да олороруҥ куһаҕан дуо? Эн сайын аайы тирииҥ бааһырааччы дии, ону сотуннаххына үтүөрэн хаалаҕын. Сиэним сирэйэ баастаах диэбитиҥ дии, мин уубунан соппуккар сырдаата диэн бэйэҥ эппэтэҕиҥ дуо? Ону-маны түөһэ олорума. Аһаат да киириэхпит. Сарсын ситэри тэһэн баран, бөтүөнүнэн уу баһан таһааран, дьоҥҥо тарҕатыахпыт. Босхо эмтээх ууну ыллыннар, туһанныннар. Кимтэн да көҥөөбөппүт. Хата дьон сылдьан сэргэхсийиэм. Эн эмиэ бөтүөҥҥүн бэлэмнээр, — диэн, аҕа киһи быһыытынан дьаһайан кэбистим.

Онон, ханнык да баһылык дьаһалыгар, Бэлэс Биэрэ хобугар-сибигэр кыһаммакка, хата мин атаспынаан Ылдьаалыын сарсыҥҥы күнүгэр киирэн иккилии бөтүөнүнэн иккитэ кырынан сибэтиэй уу баһан дьоммутугар-сэргэбитигэр төгүрүк сыл туһалаан турабыт. Оннооҕор, дьонтон истэн, биир күн Сүөдэрэбис бэйэтинэн кэлэн илиитэ бааһырбытыгар ылан туһанан турардаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...