25.07.2020 | 18:04

Сибэкки - күн сырдыгын, төрөппүт - оскуола бастыҥын

Сибэкки - күн сырдыгын, төрөппүт - оскуола бастыҥын
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оҕону оскуолаҕа киллэрии – куорат олохтоохторугар тыын боппуруос. Киэҥ иһит салааһыннаах диэбиккэ дылы, киин сиргэ оскуола эрэ элбэх курдук. Ол эрээри төрөппүттэр сороҕор оҕолорун олорор аадырыстарыттан атын сиргэ турар оскуолаҕа биэрэ сатыыллара баар суол. Сибэкки күн сырдыгын былдьаһарыныы, төрөппүттэр оҕолоругар бастыҥ үөрэх кыһатын көрдүүллэр. Сорохтор оҕо эдьиийэ, убайа үөрэнэр оскуолатыгар биэрэ сатыыллар. Ким эрэ куорат киинигэр талаһар, оттон сорох үлэтиттэн чугас буолуон баҕарар.

Санатар буоллахха, маҥнайгы кылааска киирээччилэртэн олорор аадырыстарынан сайабылыанньалары бэс ыйын 30 күнүгэр диэри туппуттара. Оскуола территориятыгар прописката суох оҕолортон сайабылыанньалары от ыйын 1 күнүттэн ылан саҕалаабыттара. Ол туһунан куорат үөрэххэ управлениетын кэтээн көрүү уонна үөрэх хаачыстыбатын салаатын начаалынньыга Мирослав Афанасьев иһитиннэрдэ.

"Бу нэдиэлэ түмүгүнэн маҥнайгы кылааска киирэр оҕолор төрөппүттэриттэн (сокуоннай бэрэстэбиитэллэртэн) уопсайа 4729 сайабылыанньа киирдэ. Онтон 4550 оҕо оскуолата номнуо быһаарылынна. Дааннайдар нэдиэлэ аайы саҥардыллаллар", – диэтэ Мирослав Николаевич.

Оскуолаҕа киирэр оҕо ахсаана элбэх, миэстэ былдьаһык. Ол курдук, киин куорат  оскуолаларыгар эбии 11 кэмпилиэк кылаас аһылынна. Ол курдук, Саха политехническай лицейгэ 3, Саха-корейскай оскуолаҕа 1, "Айыы Кыһата" национальнай гимназияҕа 2, Саха гимназиятыгар 1, 16 №-дээх оскуолаҕа 1, 24 №-дээх оскуолаҕа 1, 27 №-дээх оскуолаҕа – 2 кылаас. Оҕо ханнык тылынан үөрэнэрэ төрөппүттэр сайабылыанньаларын көрөн быһаарыллар.

"Билиҥҥи туругунан 172 кэмпилиэк кылаас аһылынна. Ол иһигэр 123 кылаас оҕону нуучча тылынан үөрэтэр, 49 сахалыы кылаас, – диэтэ оскуола салаатын начаалынньыга.

Оҕону маҥнайгы кылааска электроннай ньыманан суруйтарыы сүрүн бириинсибэ оннунан хаалла. Ол курдук, төрөппүттэр сайабылыанньаларыгар биир эрэ үөрэх кыһатын ыйан суруйаллар. От ыйын 1 күнүнээҕи дааннайынан, эмиэ бу иннинээҕи сыллар курдук, 2, 26, 5, 33 №-дээх  оскуолаларга аһаҕас миэстэлэр хаалбыттара. 1, 16, 17 №-дээх оскуолаларга, "Айыы Кыһата" национальнай гимназияҕа, Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназияҕа оҕолору оскуолаҕа ылыы боппуруоһа уустук.

Элбэх төрөппүт (сокуоннай бэрэстэбиитэл) от ыйын 1 күнүгэр диэри сайабылыанньаларын олорор аадырыстарыттан атын сиргэ турар оскуолаҕа биэрбиттэр. Оттон сорохтор куоракка прописката суохтар. Ол иһин аккаас туттулар. От ыйын 1 күнүгэр диэри кинилэр олорор сирдэригэр эбэтэр көһөн кэлбит аадырыстарыгар баар биир эрэ оскуолаҕа оҕолорун суруйтарар кыахтаахтара. Оттон от ыйын 1 күнүттэн баҕалаах оскуолаларыгар миэстэ баар буоллаҕына, киириэхтэрин сөп, – диэн быһаарда Мирослав Афанасьев.

Дьокуускай куоракка оҕолору маҥнайгы кылааска ылыы балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри салҕаныаҕа.

Төрөппүттэр (сокуоннай бэрэстэбиитэллэр)  Дьокуускай куорат үөрэххэ управлениетын кэтээн көрүү уонна үөрэх хаачыстыбатын салаатыгар эрийэн ыйыталаһыахтарын сөп. Төл.: (4112) 34-35-17, 40-88-80 (бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри).

2020-2021с. үөрэх дьылыгар оҕолору маҥнайгы кылааска ылыы туһунан иһитиннэриилэри Дьокуускай куорат үөрэххэ управлениетын yaguo.ru сайтыттан ("О приеме заявлений в 1 класс" диэн) булан ааҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...