26.01.2024 | 16:00

«Школа 21» үөрэх дьылын саҕалаата

«Школа 21» үөрэх дьылын саҕалаата
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Быйыл күһүҥҥүттэн киин куоракка Сбербаан “Школа 21” үөрэх кампуһа аһыллыаҕыттан икки сүүмэрдиир тургутууга 400-тэн тахса киһи кытынна. Бу дьонтон бастакы 120-чэ кыттааччы үөрэхтэрин саҕалаатылар. Курсааннар 1,5 сылтан үс сылга диэри сүрүн үөрэҕи ылыахтара. 
Сбербаан “Школа 21” оскуолата көмпүүтэр бырагырааматын суруйарга, онуоха туһааннаах ньымалары түргэнник баһылыырга көмөлөһөр. Хамаандаҕа барыта 120-тэн тахса киһи үлэлиэҕэ, бөлөҕүнэн бырайыактары оҥоруохтара. Көмпүүтэр бырагырааматын суруйар тыллары үөрэтиини таһынан, база дааннайдарын кытта үлэҕэ үөрүйэхтэри ылыахтара. Кыттааччылар этэллэринэн, үөрэх кампуһа саҥа билиини ыларга, саҥа доҕоттору буларга бары өттүнэн табыгастаах. Уопсай үөрэх түмүктэннэҕинэ курсааннар бөдөҥ хампаанньаларга үс ыйдаах стажировканы ааһыахтара.


Бэлиэтээн эттээххэ, информационнай технология эйгэтин каадырдарын бэлэмнээһин боппуруостарыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит ураты болҕомтону уурар. Ол туоһутунан Сбербаан «Школа 21»  бастакы оскуолатыгар үөрэнэргэ 4300-тэн тахса сайаапка киирбитэ буолар. Бу манна ыччат эрэ буолбакка, улахан дьон эмиэ сайаапкалары биэрбиттэр. Ол курдук саастаах да дьон көмпүүтэр бырагырааматын суруйууну, веб-дизайны баһылыырга бэлэмнэрин биллэрбиттэр. 
“Школа 21” үөрэнэргэ барыта 4 тыһыынчаттан тахса  сайаапка киирбитэ. Үөрэниэн баҕалаахтар бары араас саастаахтар, идэлээхтэр, ол гынан баран  инники олохторун информационнай эйгэни кытта ситимниир баҕалаах дьон. Билигин интенсив кэмигэр устудьуоннар бириэмэлэрин бэйэ-бэйэни кытта алтыһан атаараллар. Бары кыттааччыларга ситиһиини баҕарабын, мин кинилэргэ эрэнэбин”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин социальнай ситимигэр бэлиэтиир. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....