13.06.2024 | 12:00

«Школа 21» эйигин күүтэр!

«Школа 21» эйигин күүтэр!
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Ааспыт сылга Дьокуускай куоракка Сбер хампаанньа “Школа 21” аныгы кэм оскуолата аһыллыаҕыттан, өрөспүүбүлүкэ 5500-тэн тахса олохтооҕо үөрэххэ сайаапка түһэрэн, хайыы үйэ 860-тан тахса киһи сүүмэрдээһини ааспыт.

Сыл саҕаланыыта сүрүн үөрэхтээһин бастакы түһүмэҕэр 120 кыттааччы талыллыбыта. Ыам ыйын 22 күнүттэн сүүмэрдээһини ааспыттар үөрэхтэрин сүрүн чааһа саҕаламмыта. 110 киһи бырагыраамалааһын тылларын үөрэтиигэ, дьоҕуру сайыннарарга, дааннайдары уонна базалары кытта үлэлииргэ үөрэнэр.

Ол курдук, кинилэр балтараа сылтан үс сылга диэри көмпүүтэр бырагырааматын оҥорор «C», «C++», «Java», «C#», «Python», «Go» тылларын үөрэтиэхтэрэ. Оттон бэс ыйын 24 күнүттэн саҥа үөрэх кууруһа саҕаланар, онон баҕалаахтар https://21-school.ru/ саайтка киирэн сайаапкаҕытын биэриэххитин сөп.

Сбер хампаанньа Дьокуускай куоракка оскуолата Уһук Илин регионугар ИТ-каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ бастакы хараҥаччы буоларын бэлиэтиир тоҕоостоох.

Курсааннар манна суукканы эргиччи тохтоло суох үөрэнэллэр. Онуоха 1900 кв. миэтэрэ иэннээх киэҥ-куоҥ, аныгы ирдэбилгэ толору сөп түбэһэр үөрэнэр, сынньанар зоналардаах, аныгы күүстээх көмпүүтэрдэринэн хааччыллыылаах дьиэ-уот бары өттүнэн хоруйдуур.

Үөрэххэ ураты методика туттулларын бэлиэтииллэр. Ол хас биирдии курсаантан үлэҕэ, үөрэххэ дьулууру, бэйэ бириэмэтин сөптөөхтүк аттарыыны, былаанныыр дьоҕуру ирдиир. Манна эбэн эттэххэ, кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ ИТ-исписэлиистэр ахсааннара түөрт төгүл элбээтэ. Онон олохтоох сыыппара бородууксуйата аан дойду ырыынагар тахсарыгар бигэ акылаат ууруллар диэххэ сөп.

 

Аныгы ирдэбилгэ толору хоруйдуур үөрэх

Василий Ефимов, СӨ инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияҕа миниистирэ:

— Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сыыппара экономикатыгар көһүү үрдүк таһымнаах ИТ-исписэлиистэри ирдиир. Бүтэһик дааннайдарынан, Арассыыйаҕа ИТ-исписэлиистэр ахсааннара 13 % улаатта, оттон ИТ идэтэ абитуриеннар ортолоругар биир саамай ирдэнэр таһымҥа таҕыста. Санатан эттэххэ, Владимир Путин бэйэтин анал этиитигэр «Экономика данных» саҥа нацбырайыагынан 2030 сылга диэри  экономика уонна социальнай эйгэ бары тутаах салааларыгар бигэ сыыппара эйгэтин олохтуур соругу туруорбута. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ИТ-салаатыгар сааһыттан тутулуга суох үрдүк таһымнаах исписэлиистэри бэлэмниир халбаҥнаабат ситим олохтонно. Сбер тэрилтэ “Школа 21” аныгы кэм оскуолата бу систиэмэҕэ ситиһиилээхтик кыттар. Үөрэх тутула аныгы ирдэбилгэ барытыгар сөп түбэһэрэ эмиэ улахан суолталаах. Үөрэх бырагыраамата уонна ирдэбиллэрэ тиһигин быспакка ситэриллэн-хоторуллан иһэллэр. Онон уустук сүүмэрдээһини ааһан бу үөрэххэ киирбит курсааннарга барыларыгар ыра санааларыттан аккаастаммакка, ыарахаттартан чаҕыйбакка, үөрэх, билии саҥаттан саҥа саҕахтарын арыйалларыгар баҕарабын.

 

Ылбыт билиилэрин толору туһаныахтара

Екатерина Сперанская, Дьокуускай куоракка “Школа 21” оскуола дириэктэрэ:

— Биһиги оскуолабытыгар үөрэнэ киириэн баҕалаах элбэҕэ Саха сирэ информационнай технология эйгэтигэр уһулуччу кыаҕын туоһулуур. Ол курдук, кампус аһыллыаҕыттан номнуо 6 тыһ. кэриҥэ киһи ИТ-эйгэтигэр баҕалааҕын биллэрдэ, кинилэртэн 800-тэн тахса киһи номнуо интенсивы ааста. Биһиги сорукпут – хас биирдии кыттааччыга аныгы кэм ирдэбилигэр хоруйдуур ИТ-идэни баһылыырыгар көмөлөһүү. Хас биирдии устудьуоҥҥа наадалаах ресурсалары биэрэн, ырыынак ирдэбилигэр толору хоруйдуур исписэлиис буолан үүнэн тахсарыгар тирэх буоларбытынан киэн туттабыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай куоракка арыллыбыт «Школа 21» оскуола эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылааттарын киллэриэн баҕалаах хорсун санаалаах, киэҥ билиилээх дьону түмэр киин буола үүннэ. Онон үөрэҕи ааспыттар бары ылбыт билиилэрин, дьоҕурдарын инники олохторугар толору туһаныахтара диэн эрэнэбит.

Светлана Константинова, “Школа 21” оскуола бастакы түһүмэҕин  кыттыылааҕа:

Мин манна ордук бэйэ икки ардыгар алтыһыыны сөбүлээтим. Биһиги араас тэрээһиннэри ыытабыт – остуол тенниһэ, остуол оонньуулара, робототехника о.д.а. Кимиэхэ да мэһэйдэппэккэ, уу чуумпуга олорон үлэлииргэ эмиэ сөптөөх усулуобуйа баар. Бастаан үөрэнэ киирэн баран бириэмэбин сатаан аттарбакка, сорудахтары кэмигэр туттарбакка, ыарахаттары көрсүбүтүм. Биирдиилээн буолбакка, хамаанданан үөрэнэр, биир киһи барыбыт туһугар, бары биир киһи туһугар эппиэтинэһи сүгэр буоламмыт, кэлин тайм-менеджмени баһылаатым. Онон билигин ХИФУ математика уонна информатика институтугар уонна “Школа 21” тэҥинэн үөрэнэ сылдьабын, икки үөрэҕи дьүөрэлиир буоллум. Кэлэр өттүгэр бэйэбин аналитик быһыытынан көрөбүн. Тоҕо диэтэххэ бизнес-бырассыастары кэтээн көрөбүн, сыыппара бородууксуйата сайдарыгар дааннайдары хомуйабын.

 

Алексей Шараборин, “Школа 21” сүрүн үөрэхтээһинин кыттыылааҕа:

“Школа 21” оскуола ырыынакка ирдэнэр күүстээх исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар диэни истэн, анаан-минээн үөрэнэ киирдим. Билиҥҥитэ саамай улахан ситиһиим – код суруйарга үөрэнним. «С» тылынан бырагыраама суруйарга үөрэннэххэ, атын тылларынан судургутук суруйар буолаҕын. Иккиһинэн, үөрэх ньыматын сөбүлээтим. Холобура, тугу эмэ ыарырҕаттаххына, аттыгар олорор киһигиттэн ыйытан ис диэн үөрэтэллэр. Ол эбэтэр мунаахсыйар түгэммэр кампуска баар хайа баҕарар курсаантан сүбэлэттэрэр кыахтаахпын, ол эбэтэр 200-чэкэ киһиттэн син биир ким эрэ көмөлөһөн, ыйан-кэрдэн биэрэн, остуолбар кэлэн салгыы үлэлиибин. Онон биир өйдөөх-санаалаах, тэҥнээх дьоммун кытта сылдьарбыттан, биир хамаанда курдук үлэлиирбититтэн олус үөрэбин. Бары бэйэ-бэйэбитин өйдөһөбүт, көмө-тирэх буолабыт. Инникитин бэйэбин уустук алгоритмнары уонна нейроннар ситимнэрин оҥоруунан дьарыктанар дата-сайентист быһыытынан көрөбүн. Бу оскуола миэхэ ыарахан бырассыастары чэпчэкитик өйдүүргэ уонна онтон сиэттэрэн чуолкай быһаарыылары ыларга көмөлөһөр, саҥа идеялары даҕаны күн ахсын биэрэ турар.

Бэлиэтээн эттэххэ, Алексей Шараборин номнуо бастакы ситиһиилэригэр тахсыбыт, салайар хамаандата Hack-the-Iceи хакатоҥҥа бастакы миэстэ хаһаайына буолбут.

 

Валерий Нестеров, “Школа 21” оскуола сүрүн үөрэхтээһинин кыттыылааҕа:

— Бырагыраама суруйарга үөрэниэхпин уруккуттан баҕарар этим, чугас доҕотторум бары ону билэллэр. Интэриниэт ситимиттэн «Школа 21» кампус аһыллыбытын билэн, бэйэбин холонон көрөргө санаммытым. Сөбүлээбитим диэн, манна үөрэнии барыта буор босхо. Веб-разработка, робототехника, дааннайдары ырытыы уонна искусственнай интеллект уо.д.а. – бу маны барытын баһылаабыт киһи, чахчы, тарбахха баттанар исписэлиис буолан тахсара саарбаҕа суох.

Сбер “Школа 21” баҕалаахтарга барыларыгар саҥа кыаҕы биэрэр, сайдыы аартыгын арыйар аныгы кэм оскуолата. Оскуолаҕа туттарсарга үлэ уопутун, сатабылы уонна диплому ирдээбэттэр, онон ким баҕалаах хабыллар кыахтаах. Үөрэҕи бүтэрдэххэ, ИТ идэтин баһылаан, үрдүк хамнастаах исписэлиис буолан тахсаҕын.

Билигин Арассыыйаҕа Сбер “Школа 21” аныгы кэм оскуолатын тоҕус кампуһугар дойду 70 регионуттан 5 600-тэн тахса киһи үөрэнэр. Үөрэҕи ааспыттар 100% Арассыыйа бөдөҥ ИТ-хампаанньаларыгар уонна стартаптарыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Чугастааҕы сылларга оскуола кампустара дойду өссө атын регионнарыгар арыллаары тураллар.

Курсааннар 30% кыргыттар, орто саастара — 30, саамай аҕа саастаахтара — 49, бу иннинэ тэхиньиичэскэй хайысхаттан саҕалаан, атыы-эргиэн, өҥөнү оҥоруу идэлэринэн үлэлии, үөрэнэ сылдьыбыт дьон.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...