06.05.2021 | 19:06

Севернай микрооройуон суолун хамыыһыйа быһаарыаҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат дьаһалтата иһитиннэрэринэн, Севернай микрооройуон суола алдьаммыт сүрүн төрүөтүн хамыыһыйа көрөн быһаарыаҕа. 
Ыам ыйын 5 күнүгэр социальнай ситим нөҥүө Севернай микрооройуон саҥа буор суола алдьаммытын туһунан үҥсүү киирбитэ. Бу суол 2019 сыллаахха «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн өрөмүөннэммитэ. Бэдэрээтчит «Инвестдорстрой» «Главстрой» тэрилтэ сакааһынан үлэлээбитэ. 
«Бу учаастакка бырайыак быһыытынан уу ааһар турбата ууруллубута. 2019-2020 сылларга турба штатнай эрэсииминэн үлэлээбитэ. Быйыл наһаа элбэх хаар түһэн уонна тымныы кыһын буолан, турба тоҥон, онно уу мустан суол болотуната алдьаммыт», – диэн этэр «Главстрой» тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ.

Куорат тутуутун уонна тырааныспар инфраструктуратын департамена бу нэдиэлэҕэ хамыыһыйа тэрийэн суол алдьаммыт төрүөтүн уонна өрөмүөнү ким ыытарын быһаарыахтара. 

«Хамыыһыйа суол алдьаныыта гарантиялаах түгэҥҥэ сөп түбэһэрин быһаарыаҕа. Оннук буоллаҕына, өрөмүөнү бэдэрээтчит бэйэтин суотугар ыытыаҕа. Оттон мэктиэлээх болдьоххо сөп түбэспэт диэн быһаарылыннаҕына, манна үлэлиир тустаах тэрилтэ өрөмүөнү ыытыаҕа», – диэн «Главстрой» үлэһиттэрэ этэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...