29.07.2021 | 10:35

Сэттэ сыллааҕы уот түгэннэриттэн

Сэттэ сыллааҕы уот түгэннэриттэн
Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Василий Григорьевич Иванов.  Сааһа—алта уон түөрдэ. Сахаҕа орто уҥуохтаах, толуу көрүҥнээх. Дьэ, үлэни - хамнаһы кыайыах сирэйдээх-харахтаах, туттууллаах-хаптыылаах. Көрөн-истэн, саҥаран-иҥэрэн уолан-хаан. Төрөөбүт дойдутугар сорук туруорунан сайыннарар, тупсарар баҕалаах 2012 сылга Ньурба Чуукаарыгар нэһилиэк баһылыгын быыбарыгар туран, кыайан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Сырыыны да кыайар, киириилээх-тахсыылаах. Дьокуускайга биирдэ билсиэхпиттэн элбэҕи сэһэргэспитим. Онтон биирин бу баһаар тыын суолталаммыт кэмигэр  бэчээттииргэ быһаардым.

Алдьархай ааҥнаан кэллэҕинэ, сорох киһи өйө баайыллан, дьону улаханнык уолутан, бутуйан, аһара аймаан алдьархайы кэҥэтиэн сөп. Оччоҕуна уоскутар, өйдөтөр уустугурар. Онуоха, “Эн, олох хорсун быһыыны оҥорбут герой эбиккин. Килбигийбэккэ, хаһыакка кэпсээ, таһаарыым, – диэбитим.  Кэлин кэмҥэ Арассыыйа үрдүнэн элбэх баһаар буолла. Регионнарга  бөһүөлэктэр күлгэ-көмөргө кубулуйаллар.

Алдьархай хантан баҕарар, ханна баҕарар соһуччу үөйбэтэх түгэҥҥэ кэлэр. Онуоха бу түбэлтэ туһунан кэпсээһин атыттарга сэрэхтээхтик сыһыаннаһалларыгар холобур буоллун. 

 

- 2014 сылга бэс ыйын 14 күнүгэр дьиэнэн Тываҕа баран испиппит, - диэн ахтар Василий Григорьевич. - Ол уустук кэми Даппыра үрэҕэр сэттэ суотай иэннээх сиргэ  уот бара турарын  киэһэ сэттэҕэ тыаны үрдүнэн ааспыт көтөр аал биллэрбитэ. Тута Ньурба лесничествотыгар телефоннаан, баһаар улаата илигинэ, тыа авиациятын ыытан, Күндээдэ баһаарыттан  биэс-алта парашютиһы быраҕан умулларыахха диэн көрдөспүтүм. Мин балайда уопуттаахпын, уон сыл устата Ньурба лесхоһугар ойууру харыстыыр инженерынан үлэлээбитим. Ол сыллар усталарыгар элбэх баһаары сөмөлүөтүнэн көрүү кэмигэр саҥа турбут уоттары олох кыра иэҥҥэ түүннэри-күнүстэри сабыта тутар этибит..

Онтум баара, тоҕо эрэ тута булгуччулаах  быһаарыы ыытыллыбатаҕын түмүгэр, киэһэ сэттэҕэ турбут уот хойут уон  биир чааска уон биэс гектары сиир. Дьокуускайтан сарсын көтүөхтээхпин, баһаар буолбутун истээт, төннөргө быһаарыммытым.

Сарсыарда Кызыллыыр билиэппин төннөрөөт, уолбунан Үөһээ Бүлүүгэ бырахтарабын. Онтон мотуордаах оҥочонон Чуукаары булабын. Айанныыр кэммэр быста-быста холбонор телефоммунан балаһыанньаны билсэ дьаһайса олорбутум. Сарсыарда аҕыс аҥаарга 85 гектарга, эбиэккэ 100-тэн тахса гектарга тэнийдэ диэбиттэрэ. 

Баһаар Даппыра үрэҕин кытыытынан аллара түһүүтүгэр күөдьүйэн күлүбүрээн Чуукаары көрбүтүнэн ол диэки барбыт. Нэһилиэнньэ ортотугар улахан уолуйуу буолбут. Солбуйааччым дэриэбинэҕэ биллэрии таһаарбыт, рупорынан бастакынан булгуччулаах, наадалаах малгытын, докумуоннаргытын ылыҥ, эвакуацияҕа бэлэмнэниҥ, -дии сылдьар эбит.  Мин үлэһиттэри, дьону мунньан, тугу-ханныгы билсэн, маҕаһыыннары, тэрилтэлэри кэрийэ сылдьан нэһилиэнньэни уоскутабын: ”Уолуйумаҥ, мин ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьан элбэх баһаары умуруорбутум, биһиги таҥара дьоллоох оҕолоробут. Быыһаныахпыт. Эбэлэрбит, мырааннарбыт көмүскүөхтэрэ,” –диибин. Эбээлэр түмсүүлэригэр Эбэлэргитин аһатыҥ, көрдөһүҥ диибин. Бэйэм төрөөбүт Эбэм аартыгар оҕо эрдэхпиттэн сүгүрүйэр баай тииппиттэн көрдөһөбүн. Кыһалҕа тирээтэҕинэ хайыаххыный, дойдуҥ-дьонуҥ туһугар бары ньыма барыта туттуллар эбит.

2012-2013 сc. баһаарга үлэлээбит дьон хамнаһа араас төрүөтүнэн төлөммөккө сылдьыбыта, онон дьону мобилизациялыыр уустуктары үөскэппитэ. Ол кэмҥэ от үлэтин үгэнэ этэ. Сорохторго эттэххэ: “Уоту баһаарынайдар умулларыахтара, мин оппун билигин оттооботохпуна, сүөһүбүн хайдах кыстатыахпыный?”—диэччилэр да бааллара. Аны уот алҕас киирдэҕинэ, уматыктартан тэмтэн тоҕута тэбиэ диэн, туох-баар уматыгы мунньан массыынанан бөһүөлэктэн тэйитэргэ эппиппэр, баһаарга туттулунна, былдьанна, диэн төннөрүөххүт суоҕа диэн биэрбэттэр эмиэ бааллара. Бастакы күннэргэ тыл-тылга киирсибэт курдук балаһыанньа үөскээбитэ. Ыксаллаах түгэннэргэ ыксыы-түүрсүү да ханна барыай. Түмсүбэтэххэ, эбэтэр куота, эвакуациялана сырыттахха, бөһүөлэги туран биэрэрбитигэр тиийэбит. 

Итини дьоҥҥо быһаарарга, итэҕэтэргэ 1941 – 45 сс. сэриини кытта санатыһыы тахсыбыта. Ол ыар сылларга оҕо да төрүүрэ, оҕо саадтара, оскуолалар, кулууптар тигинэччи  үлэлии турбуттара. Биһиги да эмиэ тэҥҥэ от оттоон, кыстыкпыт аһылыгын бэлэмниэхтээхпитин өйдүүбүн диэтим. Ол эрээри бука баһаалыста иккилии - биирдии эр киһини, уол оҕону биэрэҕит, кэбиһии буоллаҕына, уолгутун кэбиһиигэ биэриэм диэн мэктиэлээн, син мобилизация саҕаланан, техника, уматык өттүгэр улуус, администрация, чуолаан баһылык солбуйааччытыгар Юрий Револьевич Николаевка махталым улахан.

Түүннэри-күнүстэри үлэлээбиппит. Туох наадатын тута быһаарар этэ. 2 бульдозер Т -100,  1 МТЛБ (танкетка), 2 чааһынай ДТ-75 трактор, 6 МТЗ уу ыстарардаах ПКЛ-70 баһаарынай булуук кэлбитэ. 

Манныкка бөһүөлэк уот диэки өттүгэр окуопа курдук хоруттахха, сири тиэрдэххэ эрэ быыһыахха сөп. Бастакы балаһаны: Чуукаартан 1,2 - 2,5 көстөөх сиргэ 75 км усталааҕы оҥорбуппут. Чуукаартан 5 км-дээх сиргэ 45 км усталаах иккис хорутууну быһа көтөн аастаҕына дэриэбинэ кытыытыгар 3 км – 200 м. 6 км усталаах бүтэһик балаһа хаалбыта. 6 МТЗ уу емкостаах оботторордоох, ыстарардаах 2 баһаарынай расчеттар туруохтаахтарын туһунан дьаһалбын таһаарбытым. Уонна дьону куоттарыыга Ньурбаттан атыы-эргиэн управлениетын баржата Чуукаар биэрэгэр кэлэн турара. Онно махтанным да этэ, ити тэрилтэ салайааччытыгар Чуукаартан төрүттээх Владимир Николаевич Степановка. Бу куоттарыы былаана олох чып кистэлэҥинэн оҥоһуллубута.

Сыыйа дьону түмэргэ Красноярскайга үөрэх кэнниттэн нууччалары, араас омуктары кытта эриһэн, кэлин лесхозка уонна ИДьМ систиэмэтигэр  үлэлээбитим улаханнык көмөлөспүтэ дии саныыбын. Оруобуна 57 күн устата сууккаҕа балтараалыы–иккилии чаас курдук нуктаан ыла эрэ сырыттым. Киһи куттаныах, санаата түһүөх – сорох түүн халлаан кып-кыһыл, ыт да үрбэт, ынах да маҥыраабат, сылгы кистээбэт түүннэригэр дьиэм аттыгар үктэлгэ олорорбун саныыбын.

Бырабыыталыстыба кэмииссийэтин иилээн-саҕалаан Петр Николаевич Алексеев Чуукаарга кэлэн, биһиги дьолбутугар икки, балтараа чаас курдук буруо аһыллан биэрэн, үлэбитин-хамнаспытын илэ хараҕынан көрөн, астынан нэһилиэнньэҕэ кэпсээн санааларын көтөҕөн, сэргэхситэн барбыта. Дьоммут отторун быыһыгар ыҥырыыта суох үрүсээк сүгүүлээх, күрдьэх тутуурдаах кэлэн испиттэрэ. Соҕурууттан-арҕааттан Москваттан, Амуур уобалаһыттан 60 парашютист кэлбитэ.

Баһаар ”Орто күөл” диэн сиргэ мобильнайдары, парашютистары төгүрүйэ сыһан, нэһиилэ күрэппиппит. Москва 25 парашютиһын буруо мэһэйдээн вертолет булбакка, аһа суох сырыттахтарына, навигатор көмөтүнэн танкетка нэһиилэ түҥ ойууру курдары көтөн булан ылбытыттан үөрбүт харахтара бу баар. Кинилэр мин сорудахпын 600 м балаһаны икки күнүнэн илиинэн хаһан, толорбуттара.

Уу кутар самолет көмөтүн күүппүппүт да мэлигир этэ, айылҕаны кытта сибээс, халлаан туругун, тыал хайысхатын үөрэтэн, утары уоту сөптөөхтүк кэмигэр ыытан табыгастаах сирдэринэн балаһалары быһыттаан, сири билэр булчуттары туһаныы барыта ситиһиини аҕалбыта. Чуукаардар бырахпыт шиналарын барытын утары уокка туттубуппут. Үгүс нэһилиэк маннык ньыманы билэрэ саарбах.

Үөһэнэн барар уот наһаа тыастаах-уустаах буолар, сэрэхтээх. Үгүстэри салыннарар. Онуоха саамай сүрүнэ мобильнай этэрээти сөпкө туһаныы буолар. Онно идэтийбит байыастар эрэллээхтик туттуулара-хаптыылара дьону уоскутар. Спутниковай сибээс туһата улахан. Онон билсэн, дьону таһан, аттаран туруоруу, аһынан-үөлүнэн, уунан хааччыйыыны тэрийсибит Чуукаар нэһилиэгин дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр Валерий Николаевич Кыппыгыровка, нэһилиэк дьокутааттарыгар Ариан Иннокентьевич Семеновка, балыыһа биэлсэригэр Марианна Николаевна Жирковаҕа махтал. Кини бу баһаар кэмигэр дьон доруобуйатын, хааннарын баттааһыннарын, туруктарын чинчийэн барытын баһылыкка иһитиннэрэ олорбута.

Борис Васильевич Иванов  - Чуукаар нэһилиэгин урукку совхозтааһын дириэктэрэ, булдьозердар хайдах туруктаахтарын көрөн саппаас чаастарын кэмигэр булан, оҥотторо охсон абыраабыта. Балыыһа суоппара Александр Самуилович Иванов уус - уран тылынан тэрээһиҥҥэ талааннааҕын көрдөрөн элбэх көмөнү оҥорбута. Бу дьон баар буолан дойдубутун - сэргэбитин быыһаабыппыт. Түмүкпэр дойдум дьонуттан махталы ылартан ордук дьол суох дии саныыбын.

- Василий Григорьевич, маннык улахан баһаартан бүтүн дэриэбинэни быыһааһын хорсун быһыы дии саныыбын. Туох эмэ наҕараада, мунньахтарга холобур оҥорон кэпсээһин буолбута дуо?

- Хомойуох иһин суох. Арай, ойуур хаһаайыстыбатын 75 сыллаах үбүлүөйүгэр: “Бу сайыннааҕы баһаар геройа бу турар”, - диэн этэн аһарбыттара, ону да тохтобул кэмигэр. Биһиги үлэбит-хамнаспыт, уопуппут атыттарга эмиэ наада буолуо эбитэ ини.

- Баһаар уопсай содула төһө этэй?

- Оо, баһаам буоллаҕа. 150 тыһ. гектар ойуур, 190 га оттуур ходуһа умайбыта.

- Оо... онуоха кыстыкка хайдах дьоҥҥутун киллэрбиккитий?

- Ол да буоллар, ол 2014 cылга 1413 тонна отунан былааммытын 80 бырыһыанын толорбуппут,  290 тонна эбии атын сирдэртэн ылбыппыт, Бырабыыталыстыба тиэйиитин уйуммута. 90 тонна үүт ыаммыта. Баһаар кэнниттэн ириэрии баран былырыын үрэхтэр наһаа туолан, элбэх уу кэлэн өссө эбии 500 га оттуур сир былдьаммыта. Син-биир 2015 cылга 1228 тонна оттообуппут. Былаантан – 70 бырыһыана, 160 тонна үүт ыаммыта.

Дойдум дьонун бу үлүгэрдээх балаһыанньаҕа санааларын түһэрбэккэ, кыстыкка бэлэмнэниигэ күүстэрэ кыайарынан үлэлээбиттэрин-хамсаабыттарын хайгыы, астына саныыбын.

Биһиги Ил Дархаммыт сорудаҕын, ыытар политикатын өйөөн сүөһү-сылгы ахсаанын аҕыйаппатахпыт. 2016 с.типовой хотон туттаран кыаммат-кырдьыбыт дьоммут сүөһүлэрин, онно кыстатан кыһыҥҥы кэмҥэ  туруорар уонна инники соруктарга “Кэнчээри” ТХП кооперативын саҥа салайааччытын Татьяна Николаевна Афанасьеваны кытта саҥа былааннары ылар дьыалабыай кэпсэтии оҥорбуппут.

Дьэ, ити курдук, чуукаардар санааларын түһэрбэтэхтэрэ..

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...