12.02.2020 | 11:37

СЕРЖАНТ ЛЫТКИН ДНЕВНИГЭ

СЕРЖАНТ ЛЫТКИН ДНЕВНИГЭ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Василий Сергеевич Лыткин 1920 сыллаахха сэтинньи 19 күнүгэр Евдокия Ивановна уонна Сергей Иннокентьевич Лыткиннарга Алаҕар нэһилиэгин Кыаттама алааһыгар күн сирин көрбүтэ. Алаҕар сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, 1939 сыл күһүн Чурапчы педагогическай училищетыгар үөрэнэ киирбитэ.

1942 сыллаахха Чурапчы педучилищетын бүтэрээт, Амма оройуонун Амма-Наахара сэттэ кылаастаах оскуолатыгар (Өнньүөс) учууталынан ананан барбыта уонна күһүн Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбыта.

Мальтаҕа полковой оскуоланы бүтэрэн, младшай сержант званиелаах 306-с стрелковай дивизияҕа станковай пулемет командирынан фроҥҥа атаарыллыбыта. III-с Украинскай фронт чаастарын састаабыгар киирэн Харьков куорат туһаайыытынан Николаев куоракка диэри өстөөҕү үүрсүбүтэ. Ол кытаанах киирсиилэргэ Дергачи диэн дэриэбинэ иһин өстөөҕү утары алта күннээх кыргыһыыга ыараханнык бааһыран госпитальга киирбитэ. Онтон үтүөрэн баран 1944 сыл сайыныгар Белоруссияны босхолуур иһин кыргыһыыларга кыттыбыта. Гомель куорат таһыгар иккиһин бааһыран, госпитальга эмтэммитэ. Онтон 1944 сыл бүтүүтэ Варшаваны босхолооһуҥҥа кыттыбыта.

Кыайыы күнүн Берлиҥҥэ көрсүбүтэ.

Сэрииттэн эргиллэн кэлбит хорсун буойун эйэлээх олоҕун Алаҕар сэттэ кылаастаах оскуолатыгар учууталынан саҕалаабыта уонна кэккэ сылларга завуһунан, дириэктэринэн үлэлээбитэ. Ол кэннэ салайар үлэлэргэ, колхоз бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, сопхуос бэрэссэдээтэлинэн, сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн тиийэ үлэлээбитэ.

Кэргэнинээн Кононова Ирина Степановналыын 5 оҕону көрөн-харайан үлэһит оҥорбуттара. Василий Сергеевич Аҕа дойду сэриитин I группалаах инбэлиитэ, “РСФСР үөрэҕириитин туйгуна”, “РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна”, “Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ”, Кыайыы 50 сылыгар Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденнынан наҕараадаламмыта.

Василий Сергеевич Лыткин улахан, дьоһун олоҕу олорбута, бар дьон ытыктабылын ылыан ылбыта.

Бүгүн биһиги хорсун буойун дневнигиттэн быһа тардан бэчээттээн саҕалыыбыт.

Ст. Мальта – Берлин. Сентябрь 1942-1945 гг.

(Демобилизован из Берлина в декабре 1946 г.)

22-IX. 1942. Мин  Амга-Наахара н/п средней школатыгар учууталынан сылдьан Армияҕа ыҥырылынным. Биһиги Амга-Наахараттан 20 киһи буолан Слободаҕа айаммытын саҕалаатыбыт. 6 1/2 чаас сарсыарда Слободаҕа кэллибит. Мин Александровтуун  директорторбытыгар Алек. Алек. Дяксиляковка киирэн аһаан баран призывной пууҥҥа бардыбыт.

23-IX. Биһигитини Армияҕа ылар буоллулар уопсайа Амгаттан 34 киһи.

24-IX. Амгаттан машинанан Майаҕа киирдибит.

25-IX. Майаттан куоракка киирдибит. "Краснай" парохотунан Лена өрүһү туораатыбыт. Мантан сатыы Советская уулусса 44 № тиийдибит.

29-IX. Якутскай куораттан Москва парохотунан хоҥуннубут.

2-Х. Олекмаҕа кэллибит.

7-Х. Муктияҕа киэһээ 8 саҕана кэллибит.

6-Х. Пеледуй - диэн аатырар туустаах сири аастыбыт.

7-Х. Витим куоракка кэллибит.

8-Х. Бүгүн Иркутскай область территориятынан айаннаан иһэбит. Киэһээ Пьяный бык диэн үрдүк хайаны аастыбыт. Бу хайа турар сиринэн Лена өрүс олус кыараҕас. Хайа үрдүгэр харабыл дьоннор олороллор, кинилэр парохоту утарыта көрсүһүннэрбэт сыаллаахтар.

12-Х. Киренскэй куоракка кэллибит. Бу куорат Лена өрүс уҥа уонна хаҥас биэрэгэр олорор.

13-Х. Тыаллаах тымныы, пароходпут сүрдээх бытааннык айанныыр. Түүн пароходпут барбата, хоно сытабыт.

15-Х. Бүгүн хаар түспүт. Биһиги сассыарда туран таҥна олорон дойдубут диэки ахтыһан ыллыбыт. Бүгүн сыа-ас күнэ. Сүөһү өлөрөн эрдэхтэрэ - диэн ___ ол эрээри саныахха ыраах, санаабыт санаа тиийэрэ да биллибэт...!!!

Киэһээ Москва пароход чаардаан хаалан Кожуй диэн дэриэбинэҕэ тахсан хоннубут.

16-Х. Сассыарда Шахтер диэн пароход Усть-Куттан кэлэн биһигитини ылла.

17-Х. Усть-Куттан биһиги взвод икки машинанан айаҥҥа турдубут.

18-Х. Усть-Куттан 140 км сиргэ Крестовая диэн дэриэбинэҕэ кэллибит.

Мантан биир чаас саҕана Заярскай куоракка кэллибит.

21-Х. Биһиги бары бииргэ пароходка иһэбит. Биһиги Ангара өрүһү өрө өксөйөн иһэбит.

22-Х. Бүгүн мин Амга-Наахараттан турбутум оруобуна ый буолла. Ангара өрүс кытылыгар дьоннор олус кирээстээхтик олороллор. Манна сыана олус ыарахан.

25-Х. Бүгүн ардах түһэр, мин бөлүүн түүн түһээн дойдубар тиийбитим. Дьоммун кытта бииргэ аһыы олоробун, онтон уһуктан кэлбитим, мас ороҥҥо сытар эбиппин.

Бүгүн сарсыардаттан ыла үөһээ терассаҕа баарбын. Ангара көҥүл чэбдик салгынынан өрө тыынабын. Манна киэҥ мэндээр хочолор сап курдук тардыллан бараллар, манна кустарниктар көрүөхтэн кэрэтик үүммүттэр. Киэһэ биһиги Усолья куоракка тиийдибит. Манна биһигитини сатыы барарга быһаардылар.

Усолья - бу испиискэ оҥорор куорат Ангара өрүс үрдүгэр олорор. Халлаан сырдыыта Мальта диэн станцияҕа кэлэн землянкаҕа хоннубут.

27-Х по 31-ХII. Армия олоҕо

Биһиги землянкаҕа хонон баран сассыарда таһырдьа тахсыбыппыт хайы-үйэҕэ солдаттар ырыалара иһиллэр. Сотору соҕус буолаат биһигитини тус-туһунан араартаан атын-атын чаастарга ыыталаан истилэр. Биһиги орто үөрэхтээх өттүбүт младшай командир школатыгар бардыбыт.

Биһигитини уч. батальоҥҥа ыыттылар. Олорор сирбит землянка, онтон остолобуойбут эмиэ. Биһиэхэ армейскай таҥаһы биэрдилэр. Аан бастаан хайдах эрэ дьиктигэ дылы, маннык таҥаһы хаһан таҥныбытым баарай.

Иккис күнтэн ыла олохтоох үөрэхпит саҕаланна. Биһиги станковай пулемету үөрэтэбит, кини чаастарын биэс тарбах курдук билэргэ дьулуһабыт. Мантан ураты үөрэх соччо суох. Манна араас ырыалары үөрэтэбит.

10-ХI. Я получил из дома телеграмму.

Бу курдук икки ый устата Мальтаҕа сылдьабын.

Фроҥҥа

7 января 1943 г. Мальтаттан фроҥҥа айаҥҥа турдубут. Киэһээ Зима диэн станцияны аастыбыт.

9-I. Красноярскай куоракка кэллибит.

1 0-I. Новосибирскай куоракка кэллибит.

11-I. Татарск диэн куоракка.

12-I. Омскай куоракка кэллибит.

12-I. Түүн аатырар ыраахтааҕы крепоһыгар Петропавловскай куоракка.

13-I. Курган диэн куоракка кэллибит.

15-I. Свердловскайга.

20-I. Вятская поляна диэн станцияҕа кэллибит. Манна биир вагон өлбүт немецтэри көрдүбүт.

25-I. Второй Москваҕа кэллибит. Манна Волга-Москва каналы үрдүнэн аастыбыт. Второй Москваттан биһигитини Смоленскай обласка ыыттылар. Манна тус-туһунан сирдэргэ аҕыйах хонук устата үөрэннибит.

5/II. Биһиги батальон фроҥҥа ыытыллар.

9/II. Второй Москваҕа иккиһин кэллибит. Улуу Москва Советскай Союз столицата киһи аймах өстөөҕүн үлтү охсон үөрэн-күлэн мичээрдии турар. Манна хас минута аайы трамвай-электро сыыйыллар, үөрүү-көтүү, ырыа-тойук, ким маннык дьолтон үөрбэт буолуой. Улуу куораты Советскай мохсоҕоллор маныыллар, кэрэ уонна күндү столицаны уордаах артиллерия маныыр.

Москватааҕы санаалар: киһи өйүгэр минутаҕа сүүс санаа киирэн ааһар. Мин биир саныыр санаам күндү доҕорбун Иринаны, оҕобун Васяны көрдөрбүн диэн. Кинилэри ким көрдөрүө баарай, төрөппүттэрбин ким манна кэлэн кэпсиэй? Кинилэр хайдах олороллорун... Онтон атын санаа дьоллоохтук сырыттарбын, күндү дьоммун кытта дьоллоох олорууну саҕалаатарбын диэн. Иринаны уонна Васяны көрдөрбүн диэн. Бу Улуу куорат Москва мин саныыр санаабын араастаан эргитэҕин.

Маршрут Станция Бабина - Москва - Рязань - Ряжь - Мичуринск - Купянск.

Бу станцияттан сатыы айанныыбыт.

Маҥнайгы сэриигэ.

9-III. Өстөөх сассыарда 6 чаас саҕана олус күүстээх Артиллерийскай кононада оҥордо. Биһиги ханна да барар сирбитин булбатыбыт. Мин пулеметым турар сирин чугаһыгар икки снаряд түстэ да биһиги тыыннаах ордон хааллыбыт. Уҥа фланкаттан өстөөх Ванюшата тибиирэр.

Биһиги өстөөҕү күүтэн сытабыт хантан кимэн киирэрин.

Сассыарда 7 чаас саҕана дэриэбинэ хаҥас өттүттэн өстөөх танкалара иһэллэрэ көһүннэ. Биһиги бары күүһү танканы утары түмнүбүт. Танкалар бокуойа суох кимэн киириигэ бардылар, ону кытта үөһээнэн немец самолеттара буомбалаан эрэллэр. Биһиги артиллеристарбыт танканы утары уоту астылар, 5 танканы үлтү ыттылар.

Бу бириэмэҕэ мин биир доҕорбун Мищенко Ник. Сем. миинэ дэлби тэптэ. Кини Күн сириттэн сүтэн иһэн кэриэс тылын миэхэ эппитэ.

“Пиши письмо домой”.

Чочумча буолаат мин уҥа өттүбэр өстөөх мината кэлэн түстэ. Аан бастаан мин тугу да билбэтэҕим, таах көхсүм итии уотунан кутуллубута.

Миигин кытта кэккэлэһэ олорор товарыһым миэхэ эппитэ баас ыллым диэн. Ону истээт мин өйбүн сүтэрбитим. Соҕотохто сүрэҕим өрүтэ мөхпүтэ. Миигин били товарыһым санитарнай пууҥҥа соһон иппитэ. Онно миэхэ бэрэбээскэ оҥорбуттара. Онтон соҕотохто хаһыы-ыһыы буола түспүтэ өйдөнөн кээлтим мин соҕотоҕун турар эбиппин, хайы үйэҕэ пехота биһиэнэ куотан эрэрэ. Онтон мин эмиэ куотарга санаммытым. Үтүлүгэ уонна бэргэһэтэ суох турар эбитим ол да буоллар куотарга соруктанным.

Манна 3 боец уонна 1 лейтенант сыталлар эбит, биһиги онно холбостубут. Мин уҥа көхсүм ыарыыта диэн сүр, ол да буоллар тулуйарга тиийиллэр. Уҥа илиибин арыычча өрө көтөҕөбүн. Көхсүбэр хааным диэн сүрдээх, онтон хаатыҥкабар кытта.

Биһиги мантан хараҥа буолуута тахсарга быһаарынныбыт. Немец танкалара хайы-үйэҕэ биһигитини уҥуор түстүлэр. Сэрии Харьков диэки иһиллэр.

Мантан миигин госпитальга ыытарга быһаардылар. Мантан антах кини биһиги арахсыбыппыт, илии-илиибититтэн тутуһан быраһаайдаспыппыт.

Мантан миигин 50 км Волочанск куорат госпиталыгар атаарбыттара.

Салгыыта бэчээттэниэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...