20.12.2020 | 10:46

СЭРИИ ОҔОТУН СЭҺЭНЭ

СЭРИИ ОҔОТУН СЭҺЭНЭ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хаҥалас улууһун Улахан Ааныгар М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Улуу Кыайыыга кылааттарын киллэрбит биир дойдулаахтарын, оччотооҕу сэрии оҕолорун ахытыыларын хомуйуунан утумнаахтык дьарыктаналлар. Ыччакка билигин баар кырдьаҕастар кэпсээннэрин хайдах баарынан тиэрдии – патриотическай иитии биир көрүҥэ.

         Аҕа дойду сэриитин кэмигэр, 1942 сыл муус устар 11 күнүгэр кадровай булчут, холкуос чилиэнэ Гаврил Иннокентьевич уонна Аграфена Михайловна Ивановтар дьиэ кэргэннэригэр кырачаан уол күн сирин көрөр. Бу биэс оҕолоох ыалга Василий Гаврильевич Иванов иккис оҕонон төрөөбүт. Сэрии иннинэ дьоно Амчаах диэн улахан үрэх кытыытыгар олорбуттар, ийэтэ субан сүөһүнү көрөрө, аҕата бултуура, сайынын онно оттууллара. Дэриэбинэҕэ 1946 с. көһөн киирэллэр. Сэрии инниттэн төһө да дэриэбинэттэн туспа олорбуттарын иһин, дьон айманарын син биир билэллэрэ, сэрии ыар тыына, аймалҕана кими да аһыммата.

БИҺИГИ АЙМАХТАН 6 КИҺИ СЭРИИГЭ БАРБЫТА

         Василий Гаврильевич сэрии кэмин туһунан оччотооҕу дьон кэпсээниттэн тугу өйдөөн хаалбытын, бэйэтин оҕо сааһын туһунан маннык кэпсиир:

–Сэрии саҕаламмытыгар холкуоска мунньах бөҕө буолбут: арыыга, сыһыыга, харыйаҕа, пятилеткаҕа, баҕадьаҕа. Оройуонтан боломуочунай кэлэн: “Сэрии буолла! Германия Сэбиэскэй сойууһу сэриилээтэ!” – диэн айдаан бөҕө тардыбыт. Дьон соһуйуу бөҕөнү соһуйбуттар.

Аҕа дойдуну кѳмүскүүр сэриигэ биhиги аймахтан алта киhи ыҥырыллыбыта. Убайдарым Иванов Дмитрий Иннокентьевич, Иванов Филипп Егорович иккиэн тэҥҥэ 1942 с. сэриигэ барбыттара. Иванов Петр Егорович 1939 с. барбыта, Иванов Иван Дмитриевич 1942 с., Иванов Яков Петрович 1942 с., Иванов Василий Егорович. Мантан Филипп, Бүөтүр сэриигэ охтубуттара, уоннааҕылар төннөн кэлбиттэрэ. “Чаппай” колхуос бэрэссэдээтэлэ Кононов Спиридон сэриигэ барар уолаттары аһатан-сиэтэн, алҕаан ыыталаабыт. 

ОҔУС СИЭТЭРТЭН САҔАЛААН

 “Кыһыл сулус” холкуос үлэтигэр Сыһыыга 10 сааспыттан от үлэтиттэн үлэлээн саҕалаабытым, үксүгэр оҕус сиэтэр этим. Ол кэмҥэ Платонов Леонид диэн уолу кытта оҕус сиэтэр этим. Икки сыл кинини кытта үлэлээн баран, аны Ирина Степановнаны кытта оҕус сиэтэр буолбуппут, иккиэн бииргэ үөрэммиппит.

Зыков Самсон Павлович диэн Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх биир олус үчүгэй холкуос бэрэссэдээтэлэ киһи баара, кини үлэлии сылдьар дьон усулуобуйатын киирэн бэрэбиэркэлиир этэ, куһаҕан эти сии олорор буоллахпытына, ол эти Хаастаахха саһылга быраҕар этэ, оттон биһиэхэ эмис баайтаһын этин киллэрэн биэрэр этэ.

Күһүн балык былаанын биэрэллэрэ, муҥхаһыттар Амчаахха биригээдэнэн тахсаллара. Күөллэр үрэххэ түһэн барбыттара. Сэрии кэмигэр куобах элбэх этэ. Ол кэмҥэ куобаҕы бары бултууллара. Ордук кырдьаҕас эмээхситтэр. Алаас тулата барыта куобах буолара. Сэрии кэнниттэн аччыктааһын диэн суох этэ.

Оҕо эрдэхпитинэ таҥнар таҥаспыт үксэ тирии таҥас буолара: этэрбэспит, түүппүлэбит. Ынах тириититтэн түүппүлэ, сайынын үксүгэр атах сыгынньах сылдьаҕын, оннук атах таҥаһа ардахха сытыйан хаалар этэ.

Окко сылдьан улахан оонньуу суох, ол да буоллар саабылалаһан оонньуур, маһынан лапталыыр этибит. “Городки” диэн биэс маһы туруоран баран, маһынан быраҕан сууллара оонньуурбут. Мин оскуолаҕа 3 кылаас үөрэммитим. Ол саҕана балалайканан үҥкүүлүүллэр, онтон мандалина, кэлин 50-с сылларга гармошка кэлбитэ, 60-с сылларга баян. Оннук араас инструменынан доҕуһуоллатан үҥкүүлүүр этибит.

         Урукку кэм учууталлара кытаанахтык тутан үөрэтэр этилэр. “Чистописание” диэн уруокка графаттан тахсыбаккын, онно буочарым тупсубута.

70-С СЫЛЛАРТАН КЫАЙЫЫНЫ УРУЙДУУР БУОЛБУППУТ

Улахан Ааҥҥа 50-с сыллардаахха Кыайыыны уруйдаан парадтаабат этилэр. 70 сыллардаахтан парадтыыр буолбуттара. Былыр холкуостар арыыга ыам ыйыгар парадтыыллар үһү. Ол саҕана манна дэриэбинэ суох. Хойутуу көһөн тахсыбыттара. Сэрии туһунан кимтэн да, тугу да ыйыталаспат этим. Арай Прокопьев Иван Алексеевич диэн алын кылаас учууталлаах этибит, кини сэрииттэн уордьаннаах кэлбитэ, кини сэрии туһунан оскуола оҕолоругар кэпсиирэ. Разведкаҕа сылдьыбытын туһунан кэпсээбитэ.

 Убайдарым сэрии туһунан тугу да саҥарбат этилэр. Сэрии кэнниттэн үлэ үөһүгэр түстэхтэрэ дии, сарсыарда 5 чаастан киэһэ 10 диэри нуорманы толоро сатаан үлэҕэ умса түһэн үлэлииллэрэ: от охсуута, мунньуута, бугуллааһын, кээһии, үүт былаана, эт былаана, ону толоро сатаан бары доруобуйаларын харыстаабакка, бары күүстэрин, сатабылларын ууран туран үлэлииллэрэ, тыраахтар диэн ол саҕана суох, барыта ат, оҕус көлө, сүрүннээн илии үлэтэ.

ҮЛЭ ҮӨҺҮГЭР

Эрдэ доруобуйабынан хааччахтанан, үлэ бэтэрээнэ буоларбар ыстааһым биир сыл хаппатаҕа. 1 №-дээх СПТУ-га тырахтарыыс, комбайнер идэтигэр 1 сыллаах кууруска үөрэммитим. Онно үчүгэйдик үөрэммитим. Бастакы тыраахтардарга үлэлээбитим, Тулагы сопхуоһугар хортуоппуй олордубуппут: сеналка, копатель барытын биһиги үлэлэппиппит, ол кэннэ армияҕа барбытым. Онно сырыттахпына, саха уолаттара бары суруксуттуур этилэр. Биһиги Приморьеҕа Луговой бөһүөлэккэ Король диэн станцияҕа байыаннай сопхуоска оҕуруот ыһар этибит. 1965 с. Улахан Ааҥҥа көһөн кэлбитим.

Дуобаты сөбүлээн оонньуубун, маастарга кандидат буолбутум, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр кыттабын.

4 оҕолоохпун, 10-ча сиэннээхпин. Сэрии оҕолоругар курорка, санаторийга барарга путевка биэрэллэр дииллэр, мин инбэлиит буоламмын, ол өҥө син биир баар.

Урукку кэми кытта тэҥнээтэххэ, билиҥҥи оҕолорго барыта бэлэм: от  оттооботтор, мас мастаабаттар. Ол иһин аныгы кэм оҕото физкултууранан дьарыктаныахтаах дии саныыбын. Бэйэлэрин доруобуйаларын көрүнүөхтэрин наада. Доруобуйаны бөҕөргөтөргө сүүрүү саамай ордук. Мин кырабыттан сүүрүүнэн дьарыктанар этим. Ол саҕана сарсыарда, киэһэ хайаан да сүүрэр этим. Илиим эчэйбитигэр хаан бөҕө барбыта, онно физкултууранан дьарыктаммыт буоламмын, сүрэҕим үчүгэйдик үлэлиир буолан, көмөлөспүтэ, онон тыыннаах хаалбытым”, – диэн кэпсээнин түмүктүүр.

ХАҤЫКЫҺЫТ ЭҺЭЭ

Василий Гаврильевич Улахан Аан нэһилиэгин уулуссаларынан олус чэпчэкитик, сэргэхтик хаҥкылыырын өрөспүүбүлүкэ интэриниэт хаһыаттара сырдатан тураллар. Бу хаҥкытын кини 18 саастааҕар 1,5 солкуобайга атыыласпыт. Төһө да каток суоҕун иһин, ыраас салгынынан, сааскы сибиэһэй тыалы кытта тэҥҥэ уйдаран, хаҥкытын сыл аайы кэтэн, уулусса устун айанныыр. Киһи сааһыттан тутулуга суох санаата эдэрдии эрчимнээх буоллаҕына, күннэтэ тахсар күнтэн дьоллонор диэн Баһылай бигэтик саныыр.

Баһылай Ивановтар диэн булчут аймах удьуоруттан төрүттээх. Күн бүгүҥҥэ диэри Ивановтар халыҥ аймах сылгы иитиитинэн уонна булдунан дьарыктаналлар. Өрөспүүбүлүкэ, улуус уонна нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар Ивановтар удьуордара сүҥкэн кылааты киллэрэр. Кинилэр бары булчут ыттары иитэллэр. Нэһилиэк спортивнай уонна уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кытталлар. Василий Гаврильевич – дуобакка спорт маастарыгар кандидат. Бэйэтин үбүлүөйүгэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах дуобакка күрэхтэһии тэрийэн, спорду сэҥээрээччилэргэ дьоһун бэлэҕи оҥорбута.    

Лилия Федорова, Саша Львова, Хаҥалас улууһун 2 Малдьаҕар орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...