06.05.2021 | 15:25

Сэрии бэтэрээннэрин кэнсиэринэн эҕэрдэлиибит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 6-7 күннэригэр Улуу Кыайыы 76-с сылын көрсө «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа ыытыллар. Бу туһунан СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.  


Кыайыы күнүгэр эйэлээх олох туһугар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сырдык тыыннарын толук уурбут хорсун буойуннарбытын ахтан-санаан, кэриэстээн ааһар үтүө үгэстээхпит. Хомойуох иһин, билигин аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт коронавирус дьаҥын тарҕаппат сыаллаах бары тэрээһиннэр дистанционнай пуорманан бараллар.
Аахсыйа чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугар Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ олорор тиэргэннэригэр, кинилэри истиҥник эҕэрдэлээн туран, дьоҕус кэнсиэртэр буолуохтара. 
Бүгүн Дьокуускай бэтэрээннэрин ырыанан эҕэрдэлээн саҕалаатылар. Тэрээһин бары санитарнай-эпидемиологическай нуормалары тутуһан ыытыллар. Тиэргэннэргэ элбэх киһи мустубатын волонтердар хонтуруоллуохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...