Сергей Сивцев күн тоҕо көстүбэтин быһаарда
![Сергей Сивцев күн тоҕо көстүбэтин быһаарда](https://kiinkuorat.ru/wp-content/uploads/2021/08/bDrbNcnpR8.jpg)
Саха сирин экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччыта Сергей Сивцев күн тоҕо көстүбэтин уонна буруо туһунан быһаарбыт.
«Билигин Таатта уонна Уус-Алдан улуустарыгар хас да улахан ойуур баһаардара бааллар. Хотугулуу-илиҥҥи тыал ол диэкиттэн хойуу буруону аҕалар. Кэбээйи, Бүлүү уонна Ньурба оройуоннарыгар билиҥҥи туругунан күүстээх буруо турар, ол иһин хараҥа, күн көстүбэт», - диир Сергей Сивцев.
Өрөспүүбүлүкэ кылаабынай лесничэйэ этэринэн, Кэбээйи улууһугар ураты болҕомто ууруллар.
«Билиҥҥи туругунан Кэбээйи улууһун территориятыгар 9 ойуур баһаара баар, онтон 5 баһаара Ситтэ нэһилиэнньэлээх пуун сиригэр уонна биирдии баһаар Лүксүгүҥҥэ, Сангаарга, Кэбээйигэ уонна Кальвицаҕа. Баһаары умуруоруу уопсай иэнэ – 15864,3 га. Итиннэ 283 киһи уонна 26 тиэхиньикэ үлэлиир», - диэн бэлиэтиир Сергей Сивцев.
Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр Управление дааннайынан, киин куоракка нэдиэлэ устата син-биир буруолаах буолара күүтүллэр.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар
![Мария Мигалкина: «Кэлии сиэмэлэринэн үлүһүйүмэҥ»](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/zgV1bKwtkp.jpg)
![Изабелла Попова: Сүрэхпэр сөҥөрбүт дьүөгэлэрим](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/08bzwt1DHL.jpg)
![Баһаар буруйдааҕын тыллыаҥ — наҕараада ылыаҥ](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/FtpkFiKGrd.jpg)
![Саха сиригэр мелиорация үлэтэ саҕаламмыта 75 сылын туолла](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/6LP5o124wA.jpg)