26.10.2023 | 10:00

Сергей Расторгуев: «Циркэбит ситэри тутуллуон, тиһэҕэр тиэрдиллиэн наада...»

Сергей Расторгуев:  «Циркэбит ситэри тутуллуон, тиһэҕэр тиэрдиллиэн наада...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха сирин судаарыстыбаннай циркэтэ төрөөбүт дойдубут баай историятын, кистэлэҥнээх кэрэтин, төрүт култуурабыт уратытын аан дойду улахан түһүлгэлэригэр искусство этигэн тылынан кэпсиир, көрдөрөр. Биһиги циркэбит ханна да тиийдэр, куруук киэҥ сэҥээриини ылар. 
Дириэктэр, уус-уран салайааччы, Арассыыйа уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Сергей Васильевич Расторгуев – «Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү нүөмэрин ыалдьыта.

50 сыл биллибэккэ ааста

– Сергей Васильевич, тохсунньу ыйга 70 сааскын туолбутуҥ, соччо биллибэккэ хаалбыта. Ол оннугар бу күннэргэ айар үлэҥ 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээри, доҕотторгун мунньаары сылдьаҕын. Бу туһунан ааҕааччыларбытыгар кылгастык кэпсиэҥ дуо?

– Сахалар итиччэ саастарын ылбаттар диэни тутуһан, үбүлүөйбүн киэҥник-куоҥнук бэлиэтээбэтэҕим. Циркэбитигэр бырааһынньыктааҕы мунньах курдук ыыппыппыт. Ол да буоллар айар үлэм 50 сылынан биэчэр тэрийэр толкуй эрдэттэн баар этэ. Оҕолор күһүҥҥү сынньалаҥнарын кэмигэр оҥорор табыгастаах диэн быһаарбыппыт. Москваттан, Беларусьтан, Казахстантан, Таджикистантан ыалдьыттар кыттыахтара, онон норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнанна, биир-икки күннээх буолбакка, декада курдук ыытыллыаҕа. Ыалдьыттарбыт салгыы хаалан, «Вокруг света за 80 минут» (режиссер Фекла Колесова-Попова) диэн бырагыраамабытыгар үлэлиэхтээхтэр.  

– Эн тускунан суруналыыстар алаадьы курдук эргитэ сылдьан суруйдахтара. Ол да буоллар айар үлэҥ сүрүн кэрдиис кэмнэригэр кылгастык тохтоон ыларбыт тоҕоостоох курдук.  Үйэ аҥаара төһө түргэнник ааһар эбитий?

– Чахчы, 50 сыл биллибэккэ ааста. Бу кэм устата буолбуту барытын ахтыбаппын, хаһыат балаһатыгар батыа да суоҕа. Арай кылгастык, аҕыйах тылынан этиэхпин сөп.

Биһиги, «Якутская эстрада-72» выпуск, 1972 сыллаахха Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы эстрада искусствотын айар мастарыскыайын бүтэрэн кэлбиппит, сахалартан бастакы идэтийбит артыыстар буолбуппут. Сэбиэскэй Сойуус улахан маастардарыгар, биллэр-көстөр уһуйааччыларга үөрэммит дьоллоох дьоммут. Манна саха эстрадатын Василий Босиков, Юрий Платонов төрүттээбиттэрэ диир тоҕоостоох. Мин оҕо сааһым ыра санаатын толорон, Саха сиригэр маҥнайгы идэтийбит мим, үҥкүүлүүр жонглер буолбутум. 1974 сыллаахха Марфа Петровналыын холбоспуппут.

1994 сыллаахха Михаил Ефимович Николаев өйөөн, Ыйаах таһааран, «Сахаконцерт» тэрилтэттэн туспа баран, СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан Ойуунускай уул., 8/2, көспүппүт. Дьоҕус дьиэбитигэр элбэх саҥаны, сонуну айан таһаарбыппыт. Бастакы уон сылбытыгар Саха сиригэр циркэ хайаан да наада диэн санааны бигэргэтэр туһугар үлэлээбиппит. Онон 2004 сыллаахха билиҥҥи дьиэбитигэр киирбиппит. Бэрэсидьиэн Вячеслав Анатольевич Штыров салгыы циркэбит иккис уочаратын туттара сатаабыта, кэлин Егор Афанасьевич Борисов ылсыбыта, эмиэ кыаллыбатаҕа да, ааттарбытын циркэҕэ иҥэрбитэ.  Билигин Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаевка эрэлбит улахан.

Дьиҥэр, ким да утарбат...

– Ити боппуруоһу туруорсубуккут ыраатта, тутуу туохтан атахтанан тохтоото? Горькай уулуссатыгар турар эргэ, хаарбах дьиэлэри көһөрүү боппуруоһа син быһаарыллыах курдук буолбута дии...

– Олортон биир эрэ дьиэ хаалла, бырагыраамаҕа киирбэтэх. Ону да олохтоохтор бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн кэмигэр оҥорторбокко хойутаабыттар. 

Дьиҥэр, циркэ иккис уочарата тутулларын ким да утарсыбат. Үп көрүллэн, түргэнник ситэриллиэн, бүтүөн наада.    

Эһиил манна киирбиппит 20 сыла. Кырдьык, дьиэбит-уоппут аныгылыы ирдэбилгэ эппиэттээбэт буолла. Манежпыт, туохпут барыта олус эргэрдэ. Кыылларбыт кып-кыараҕастык тураллар. Гримернайдарбытыгар уончалыы киһи олорор. Реквизиппит, көстүүммүт элбэх, ханна да баппат.

Амфитеатрынан  аныгылыы ареналаах саҥа тутуу салгыы оҥоһуллуон наада. Онно циркэ эрэ буолбакка, араас бөдөҥ тэрээһиннэри ыытыахха сөп. Дьон-сэргэ, ыччат тоҕуоруһа мустар киэҥ-куоҥ, тупсаҕай тутуулаах култуурунай-уопсастыбаннай кииҥҥэ кубулуйуо этэ. Аллара массыына туруорар сирдээх, туристар түһэллэригэр үс сулустаах гостиницалаах, рестораннаах оҥоруохха, аны циркэ искусствотын түмэлин да тэрийиэххэ. Дьиҥэр, толкуйдаатахха элбэх, былаан киэҥ.

Куораппытыгар ыччат, оҕо, уопсайынан, дьиэ кэргэнинэн сынньанарга табыгастаах киин буолуо этэ дии саныыбын. Билиҥҥитэ оннук тэрилтэ аҕыйах курдук көрөбүн.  Киин куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ дьоһун суолталаах, туристическай да өттүнэн бэртээхэй эбийиэк буолан тахсар кыахтаах. Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнанан, «Арктика цирковой искусствотын киинэ» диэн далааһынын кэҥэтиэххэ да сөп. Оччоҕуна сыл аайы норуоттар икки ардыларынааҕы симпозиумнары, форумнары, бэстибээллэри тэрийэр кыах үөскүөҕэ.  

Эргэ саалабыт таах туруо суоҕа. Устудьуоннар, оҕолор устуудьуйалара дьарыктанар, артыыстар репетицияланар буолуохтара этэ.

Арассыыйаҕа “Росгосцирк” тэрилтэ иһинэн үлэлиир 40-ча циркэ баар. Онтон хаһа да саҥардыллан, тупсарыллан тутулунна. Холобур, Владивосток циркэтин олус бэркэ оҥорбуттар.

Сотору Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуллуоҕа, оччоҕуна ыаллыы сытар куораттартан – Иркутскайтан, Владивостоктан, Хабаровскайтан циркэлэр кыһыннары да, сайыннары да кэлиэхтэрэ этэ. Сылга 4-5 улахан бырагырааманы көрдөрүөххэ сөп.

Биһиэнин курдук циркэ ханна да суох. Бачча саҕалаан баран ситэри тутар, тиһэҕэр тиэрдэр киһи диэн баҕа санаалаахпыт.

"Биһиги аан дойдуга суох ураты труппалаахпыт. Сэбиэскэй уонна Кытай циркэлэрин үтүө үгэстэрин иҥэриммит, ону тэҥэ хотугу норуоттар баай култуураларын илдьэ сылдьар кэлэктиип ханна да суох."

Кэскиллээх хайысха

– Аҕыйах сыллааҕыта циркэ оскуолатын арыйар баҕа санаалааххын хаһыаппытыгар суруйан турабыт. Ол туох диэн буолла, олоххо киириэн сөп дуо?

– Циркэ оскуолатын бырайыага табыллыбат эбит. Арассыыйа сокуонугар олоҕуран, ирдэбил быһыытынан оҕолору тохсус эрэ кылаас кэннэ үөрэтэр көҥүллэнэр. Ол иһин Москватааҕы циркэ училищета 9-с уонна 11-с кылаас эрэ кэннэ ылар.

Мин санаабар, циркэ – син биир спорт курдук. Оҕо кыра сааһыттан дьарыктаныахтаах.

Биһиги үс көлүөнэни, 60 ыччаты Кытайга ыытан үөрэттэрдибит. Билигин да кэпсэтии барар. Табылыннаҕына, оҕолору сүүмэрдиэхпит. Өрөспүүбүлүкэбит салалтата өйүүр, кэскиллээх хайысха буоларын өйдүүр.

Циркэ оскуолата, устуудьуйата хайаан да баар буолуохтаах. Култуура колледжыгар циркэ салаатын арыйыахпытын баҕарбыппыт ыраатта. Практическай бааза суоҕа мэһэйдиир. Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар эмиэ аһар туһунан былаан баар. Ол  баҕанан циркэбит иккис уочарата тутуллан, эргэ саалаҕа устудьуоннар дьарыктаныа этилэр.

"Мин санаабар, циркэ – син биир спорт курдук. Оҕо кыра сааһыттан дьарыктаныахтаах."

Аан дойдуга суох ураты труппалаахпыт

– Билигин национальнай тыйаатырдарга улахан болҕомто ууруллар буолла. Эһиэхэ оннук ураты харыстабыллаах сыһыан баар дуо?

– Сэбиэскэй Сойуус 15 национальнай өрөспүүбүлүкэтигэр барытыгар циркэ баара. Ыһыллыы-тоҕуллуу, уларыта тутуу кэнниттэн бэрт аҕыйах өрөспүүбүлүкэ труппатын тутан хааллаҕа. Холобур, Узбекистан, Казахстан.

Билигин Арассыыйаҕа «национальнай» диэн ааттаныан сөптөөх икки эрэ циркэ – биһиэхэ уонна Бурятияҕа эрэ баар. Ону да бүрээттэр туспа дьиэлэрэ-уоттара суох, туруорса сатыы сылдьаллар. Татарстаҥҥа сүрдээх үчүгэй циркэ устуудьуйата (оскуолата) баар, үлэлээбиттэрэ ыраатта. Туспа циркэ тэринээри гыналлар. Ол иһин биһиги аан дойдуга суох ураты труппалаахпыт диибин. Сэбиэскэй уонна Кытай циркэлэрин үтүө үгэстэрин иҥэриммит, ону тэҥэ хотугу норуоттар баай култуураларын илдьэ сылдьар кэлэктиип ханна да суох. 

"Бу олоххо баҕалаах эрэ киһи сайдар, элбэҕи ситиһэр. Ким эрэ күһэйиитинэн, хамаанданан сылдьар буоллахха, тугу да улаханы оҥорбоккун."

Бүтүн Саха сирин ситиһиитэ

– Быйыл улахан бэстибээллэргэ ситиһиилээхтик кытынныгыт, Саха сирин циркэтэ аан дойду таһымыгар күрэстэһэр кыахтааҕын бигэргэттигит. Ол туһунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?  

– В.И. Ленин: «Из всех искусств для нас важнейшими являются кино и цирк», – диэн этэн турар. Билигин саха киинэтэ аан дойду үрдүнэн билиннэ, биһиги циркэбит да онтон хаалсыбат. Саха киинэтин, тыйаатырын, циркэтин ситиһиитэ – бүтүн Саха сирин ситиһиитэ.

Кэлэктииппит аан дойду бэстибээллэригэр ситиһиилээхтик кыттар. Миигин бөдөҥ тэрээһиннэргэ дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлэтэллэр. Биһигини билэллэр, үгүс бэстибээлгэ, күрэххэ күүтэллэр. Быйыл атырдьах ыйыгар СӨ култууратын туйгуна Роман Романов салайааччылаах жонглердарбыт Алматыга норуоттар икки ардыларынааҕы циркэ бэстибээлигэр «Кыһыл көмүһү» ылары ситистилэр. Аны СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Посельскай салайааччылаах «Летающие мачты» нүөмэрбит Астанаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы  «Эхо Азии» уонна Москваҕа Никулин циркэтигэр эмиэ циркэ искусствотын бэстибээлигэр Боруонса призер буолан, үөрүүбүт-көтүүбүт өссө үксээтэ.

 

"Бу санаатахпына, олоҕум тухары ким да оҥорботоҕун оҥоро сатыыр эбиппин. Оннук айыллан төрөөбүппүн дуу, оннук үөрэппиттэр дуу быһыылаах. Ыччакка эмиэ оннук үлэлээҥ диэн куруук этэбин."

Муус устар ыйга «Земля мамонта» диэн улахан бырагыраамабытынан дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыппыт. СӨ Бырабыыталыстыбата өйөөн, үп-харчы көрбүтэ. Билигин ол бырагырааманан 30 киһилээх бөлөхпүт Орто Азия куораттарынан сылдьар, онно сыл аҥаара буолуохтаах. Биир ый устата Алматы циркэтигэр   ситиһиилээхтик үлэлээннэр,  салгыы  Ташкеҥҥа айаннаатылар. Саҥа дьылга Астанаҕа, онтон салгыы Шымкеҥҥа, Карагандаҕа тиийиэхтээхтэр. Кэлиини-барыыны барытын ыҥырааччылар төлүүллэр. Түгэнинэн туһанан, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар уонна СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтигэр өйөбүллэрин иһин махталбытын тиэрдэбит. 30 артыыс Казахстаҥҥа сөмөлүөтүнэн көтөр айанын уонна 40 туонналаах таһаҕаспыт тиийэр ороскуотун уйуннулар.

– Норуоттар икки ардыларынааҕы “Мамонтенок” бэстибээл кэлин тоҕо ыытыллыбатый?

– Чахчы, 5-6 сыл буолла. “Азия оҕолоро” оонньуулар кэмнэригэр куруук тэрийэр этибит. Эһиил циркэбит төрүттэммитэ 30 сылын, бу дьиэҕэ көһөн кэлбиппит 20 сылын бэлиэтиибит. Онон ити бэстибээлбитин хайаан да ыытыахпытын наада! Ол иһинэн көһө сылдьар Шапито-циркэни туруорсабыт! Оонньуулар кэмнэригэр эрэ буолбакка, кэлин улуустарынан, онно-манна да айанныырга табыгастаах буолуо этэ. Светодиоднай экраммыт эмиэ саҥардыллыан наада! Сквербит сырыы аайы арыыланан хаала турар, дьиҥэр, сэлиичээнэ эрэ «биһиэнэ» диэн ээ.

"Билигин саха киинэтэ аан дойду үрдүнэн билиннэ, биһиги циркэбит да онтон хаалсыбат."

Олоҕум тухары ким да оҥорботоҕун оҥордум

– Ханнык жанрга артыыс тиийбэтий? Эдэрдэр туохха үлэлэһиэхтэрин нааданый? Циркэ сайдыытын, инники кэскилин хайдах көрөҕүн?

– Бу санаатахпына, олоҕум тухары ким да оҥорботоҕун оҥоро сатыыр эбиппин. Оннук айыллан төрөөбүппүн дуу, оннук үөрэппиттэр дуу быһыылаах. Ыччакка эмиэ оннук үлэлээҥ диэн куруук этэбин. Холобур, чабычахтаах нүөмэрбин Пантелеймон Габышев диэн уолга биэрбитим. Дьиҥэр, тиэхиньикэтэ сүрдээх ыарахан ээ. «Ойуун» синтез-тыйаатыры эмиэ сөргүтэ сатыыбын.  

Артыыстарбыт үгүстэрэ Кытайга үөрэммит буоланнар акробатикабыт үчүгэй диэххэ сөп. Балеппыт, оркестрбыт олус бэркэ үлэлиир. Салгыҥҥа өссө күүстээх нүөмэрбит суох. Бу хайысхаҕа үлэлиэхпитин, таһыммытын өссө үрдэтиэхпитин наада. Ол элбэх дьарыгы, дьаныары эрэйэр. Иллюзионнай магияҕа артыыс тиийбэт. Дрессировка диэҕи, кыылларбытын тутар усулуобуйабыт суох, онон элбэтэр былааммыт уопсайынан да суох. Ат, таба, ыт син баар. Бутафордарбыт, худуоһунньуктарбыт сүрдээҕин сайыннылар. Бу барыта хамаанда үлэтэ.  Балетмейстер СӨ култууратын туйгуна Марияна Саморцева, сүрүн режиссер – СӨ култууратын үтүөлээх деятелэ Мария Попова-Харлампьева, сүрүн худуоһунньук – СӨ култууратын туйгуна Петр Винокуров, оркестр салайааччыта – Егор Ефимов.

Бу олоххо баҕалаах эрэ киһи сайдар, элбэҕи ситиһэр. Ким эрэ күһэйиитинэн, хамаанданан сылдьар буоллахха, тугу да улаханы оҥорбоккун. Артыыстарбар: «Биһиги кэлэктииппит хайдах сайдара хас биирдии киһиттэн тутулуктаах», – диэн мэлдьи этэбин. Чахчы, артыыстарбыт биир бырайыакка сылдьан туохха барытыгар кыттан иһэллэр. Москва режиссердара: «Саха циркэтин артыыстарын дэгиттэр талааннаахтар», – диэн куруук бэлиэтииллэр. Онон кэлэктииппинэн киэн туттабын. 

– Улахан маассабай тэрээһиннэргэ режиссер быһыытынан үлэлээн кэллиҥ. Манна туохха болҕомтоҕун уураҕын?

– Спортивнай тэрээһин аһыллыыта да, сабыллыыта да оннук ис хоһоонноох буолуохтаах дии саныыбын. Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа «Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар» режиссер быһыытынан үлэлээбитим. Таһымы үрдэттиҥ диэн үрдүк сыанабылы ылбытым. Аммаҕа буолбут оонньууларга Сахаачча уобараһын тута толкуйдаабытым, бэркэ табыллыбыта. Бороҕоҥҥо эмиэ туспа хайысха тахсыбыта. Эһиил Аммаҕа «Олоҥхо ыһыаҕын» тэрийиэхпит.

«Расторгуев уһаайбата»

– Айар куттаах киһи салайааччы буолара хайдах эбитий?

– Кырдьык, бастаан тэриллэрбит саҕана: «Мин уус-уран өттүн салайыахпын сөп, хаһаайыстыбаннай чааһынан дьарыктаммаппын», – диэн этэн көрбүтүм. Ол эрээри биир киһи салайара үчүгэй эбит. Бэйэм бу эйгэни иһин-таһын билэр буолан, артыыстары өйдүү сатыыбын.

Кэлиҥҥи сонуммун үллэһиннэхпинэ, Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар аспирантураҕа кэтэхтэн түөрт сыл үөрэнним. Саха циркэтин сайдыытын туһунан кандидатскай үлэ көмүскүөхтээхпин. История барыта төбөбөр баар буоллаҕа, син биир ким эрэ суруйуон наада диэн сөбүлэспитим.

– Хайдах сынньанаҕын? Киин куоракка сөбүлээн сылдьар сириҥ?

– Киинэҕэ, тыйаатырга, кэнсиэргэ сылдьабын. Кыра эрдэхпиттэн бултуурбун туохтааҕар да ордоробун. Саас аайы уоппуска ылан, Аммаҕа тахсабын, тапталлаах Нуотарабар сынньанан, күүс-уох эбинэн кэлэбин. Итиэннэ эдэр эрдэхпиттэн өрөбүл аайы баанньыктанабын, паарданабын.

Покровскайдыыр суол 15 км, мыраан анныгар, үс үрэх сүүрүгүрэ устар кэрэ айылҕалаах сиригэр даачалаахпыт. Кып-кыра дьиэлээх, баанньыктаах өр баҕайы турбута. Онно үс сыллааҕыта Гаврил Дягилевы көрдөһөн, доҕотторум  көмөлөһөн, ньиэмэстии муннуктаах балаҕан туттарбытым. Уот Сэмэнниин, циркэ уолаттарын кытта ураһаны туттубут, кэлин дьоҕус циркэ курдук буолуон сөп дии саныыбын. Олбуорун оҥоро сылдьабыт. Сайын устуудьуйа дуу, сайыҥҥы оскуола дуу үлэлэтиэхпин баҕарабын. «Сергей Расторгуев уһаайбата» диэн ааттыахха сөп. Баҕар, кэлин туристарга аналлаах эбийиэк буолан хаалыаҕа. Толкуй элбэх, барытын кэпсээбэппин. Сыыйа-баайа олоххо киирэр ини.

– Сергей Васильевич, бар дьоҥҥор, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ.

– Ыра санааҕытын ымыы оҥостон, искитигэр илдьэ сылдьан иитиэхтээҥ. Туолар кыаҕа да суох буоллаҕына, онно олоххут тухары талаһыҥ, дьулуһуҥ. Мэлдьи үлэ үөһүгэр сүүрэ-көтө сылдьыҥ, доруобуйаҕытын көрүнэргитин умнумаҥ. Сир үрдүгэр өрүү ыраас халлаан турдун, барыбытыгар иллээх-эйэлээх олоҕу баҕарабын. Саха сирин дьоно-сэргэтэ, түмсүүлээх буолуохха. Өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут сайдарын туһугар үлэлиэххэ. Циркэни таптааҥ, өйөөҥ диэн ыҥырабын!    

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...