СЭРГЭЛЭЭХ, ХАЙДАХ ОЛОРОҔУН?
Устудьуон олоҕун дьиҥнээхтии билиэххин баҕарар буоллаххына, уопсайга олоруохтааххын дииллэр. Онон сиэттэрэн хас биирдии устудьуон Сэргэлээх уопсайыгар олорорун ыраланара саарбахтаммат дьыала.
ХИФУ уопсайдара Арассыыйа биир бастыҥ уопсайдарыгар киирэллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ Сэргэлээххэ 15 уопсай дьиэ баар, биэс тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Бу уопсайдар бары санитарнай уонна баһаарынай өттүнэн ирдэбиллэргэ эппиэттииллэр. Сүнньүнэн уопсайдарга улуустартан, Арассыыйа атын куораттарыттан уонна омук сирдэриттэн үөрэнэ кэлбит устудьуоннар олороллор. Бүгүн Сэргэлээҕи иккис дьиэ оҥостубут устудьуоннарбыт уопсайга хайдах олороллорун билсиэхпит.
«Устудьуонннуур кэмнэрбиттэн Сэргэлээҕим мин иккис дьиэм буолар. Манна бэйэбин көмүскэллээх уонна бигэ туруктаахтык сананабын. Биһиги устудьуоммут куората – өрөспүүбүлүкэ ыччатын саамай киинэ. Устудьуоннарбыт, олохтоохторбут бары култууралаахтар, ыраастык туттан-хаптан олороллор. Сэргэлээх уопсайдарын салалтата, устудьуоннарга дьиэтээҕи усулуобуйаны, тупсаҕай оҥоһууну уонна бары өттүнэн көмүскэллээх буолууну хааччыйар», – диир ХИФУ уопсайдарын дириэктэрэ Степан Павлов.
Сэргэлээх хас биирдии уопсайа араас хабааннаах тэрээһини, кэнсиэрдэри тэрийэр үгэстээх. Саас устудьуоннар аттынааҕы күөллэргэ хаҥкылыы тахсаллар. Халлаан сылыйдаҕына киэһэ ахсын гитаранан ыллыыллар. Кыһын хас оптуорунньук ахсын чэпчэтиилээх киинэҕэ сылдьаллар, остолобуойдарга тото-хана аһыыллар, уруоктарын ааҕаллар, бириэмэни туһалаахтык атаараллар.
УОПСАЙГА ОЛОРУУ – ЫЙГА 945 СОЛКУОБАЙ
“Быйыл бастакы куурус 1819 устудьуона уопсайданна. Номнуо уопсайга олохсуйдулар. Кууруһуттан, үөрэҕиттэн тутулуга суох хас биирдии устудьуон уопсайга олороругар ыйга 945 солкуобайы төлүүр. Омук сириттэн кэлбит устудьуоннар эмиэ бу сууманы төлүүллэр, усулуобуйа барыларыгар биир. Билигин Сэргэлээх үрдүнэн 5540 устудьуон олорор ”, — диэн ХИФУ устудьуоннарын куоратын дириэксийэтин регистрациялыыр уонна олохтуур сулууспатын начаалынньыга Михаил Яковлев иһитиннэрэр.
СЭРГЭЛЭЭХХЭ ДЬОЛЛООХПУН
ХИФУ Медицинскэй институтун алтыс кууруһун устудьуона Айсана Неустроева Үөһээ Дьааҥы улууһуттан сылдар, стоматолог идэтигэр үөрэнэр. Кини алтыс сылын 20-с куорпуска олорор: «Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына убайдарым уопсай бэһиэлэй, чаҕылхай олоҕун кэпсээннэр, олус ымсыырдааччылар. Мин ахсыс этээскэ олорор эрдэхпинэ үһүс этээскэ олорор доҕотторбор түһэрим. Бииргэ ас астанан аһааччыбыт, эт-кус сиэччибит, бэһиэлэй биэчэрдэри атаарарбыт. Наһаа да кэрэ кэмнэр ааспыттар эбит. Билигин үксүлэрэ үөрэхтэрин бүтэрдилэр, ыал буоллулар, уопсайтан тахсан барбыттара. Мин ХИФУ уопсайыгар олорорбуттан олус үөрэбин», – диир Айсана Неустроева.
СЭРГЭЛЭЭХ БИЛСИҺИИ КУОРАТА
Геологоразведочнай факультет үһүс кууруһун устудьуона Ким Игнатьев этэринэн, Сэргэлээх билсиһэр уонна көстүбэт талааннарын арыйар сир: «Биһиги уопсайбыт 7/1 уопсай буолар, манна элбэх устудьуон олорор, бары наһаа бэһиэлэйдэрбит. Бэйэм устудьуоннар уопсайдарын салайар “ОССО” активиһа буолабын. Устудьуоннуур киһи саамай умнуллубат кэмэ уопсай буоллаҕа дии, дьиҥнээх устудьуон олоҕун манна олорбут эрэ киһи билэр. Билигин сиэссийэ чугаһаата, срс оҥоруута бүппэт түгэнэ үүннэ. Үөрэхпин кыанабын эрээри, көтүтүүм элбэх соҕус. Этэҥҥэ сессиябын саптарбын ханнык. Хоспутугар, бастакы куурустан доҕордоһор таабаарыстаһар доҕотторбун кытта олоробун. Этээскэ олорор устудьуоннар, уочаратынан муоста сууйабыт, ырааһырдыы үлэтин тэрийэбит. Аспын, улуустан дьонум ыыта олорор буоланнар, абыранабын».
СЭРГЭЛЭЭХХЭ ЫАЛЛАР
18-с куорпус былыр-былыргыттан ыал буолбут дьон уопсайдара. Манна оҕо ытыыра-ыллыыра, сүүрээрэ-көтөрө барыта көстөр. Эдэр ыал Семеновтар ааспыт сылтан олороллор эбит. Саша Семенова уолунаан Кэскиллиин уонна кэргэнинээн Сергейдыын төрдүс этээскэ олороллор. Устудьуон ийэ бэйэтэ Медицинскэй институтка иккис кууруска үөрэнэр, бу иннинэ Миирнэйдээҕи коллеһы ситиһиилээхтик бүтэрбит. Саша кэргэнэ Сергей эбии үөрэхтэһин факультетыгар үөрэнэр уонна физико-техническэй институтка электроснабженец идэтин баһылыан баҕарар. ХИФУ-га киирэригэр физиканы, математиканы уонна нуучча тылын БКЭ-нэн туттарыан наада: «Биһиги манна олус сэргэхтик олоробут. Уолбут, Кэскил сарсыарда 7:30 киэһэ 18 чааска диэри оҕо уһуйааныгар сылдьар. Баспытааталлар олус үчүгэйдэр, көрсүө майгылаахтар. Уолбут олус сөбүлээтэ. Биһиги куорпуспут көрдүөрэ куруук толору оҕо буолар, бары бииргэ оонньууллар. Киэһээ кэргэним үлэлээн кэллэҕинэ, иккиэн дьиэтээҕи сорудахтарбытын толоробут», – диэн санаатын үллэстэр Саша Семенова.
КИЭҺЭЭТИН КИИНЭ КӨРӨБҮТ
9/2 куорпуска омук тылын филологиятын уонна нуучча тылын факультеттарын устудьуонанара олороллор. Маны таһынан, тас дойдуттан үөрэнэ кэлбит устудьуоннар эмиэ манна бааллар. Филогическай факультет иккис кууруһун устудьуона Семен Колпаков киинэ көрөрүн сэҥээрэр: «Хас киэһэ ахсын бары күргүөмүнэн, биир дьиэ-кэргэн курдук киинэ көрөбүт. Омук устудьуоннара эмиэ көрсөллөр. Кинилэр үксүн Францияттан, Египеттэн уонна арабскай дойдулартан сылдьаллар. Уопсайга хас бээтинсэ ахсын тэрээһиннэр, биэчэрдэр ыытыллаллар. Аныгы уопсайдарга түргэн скоростаах Wi-Fi үлэлиир буолан, дьиэ сорудаҕын оҥорорго туһалалаах».
«ОССО” УСТУДЬУОҤҤА КӨМӨЛӨӨХ
Физико-техническэй институт үһүс кууруһун устудьуона Степан Слепцов олох иллэҥ бириэмэтэ суох эбит. Кини уопсайга олорор устудьуоннар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ: «Бастаан устудьуоннар сэбиэттэригэр 6В куорпуска олорон киирбитим, онтон спорт салаатыгар үлэлээбитим. Ааспыт сылга кытаанах киирсии кэннэ устудьуоннар уопсайдарын биир тутаах киһилэринэн талбыттара. Биһиги үлэбит устудьуон интэриэһин көмүскээһин буолар. Үлэбит сүнньүнэн араас хабааннаах тэрээһиннэрэ, үҥкүү биэчэрдэрин, тематичэскэй биэчэрдэри тэрийэбит уонна Сэргэлээххэ бэрээдэги хонтуруоллуубут. Аҕыйах хонуктааҕыта Сэргэлээх куорат төрөөбүт күнүн бэлиэтээбиппит. Аны Саҥа дьыл тэрээһиннэрэ хааллылар. Университет Саҥа дьылын ыытаары бэлэмнэнии бөҕө бара турар », – диир актыбыыс Степан.
СПОРТ СААЛАЛАРА ЧУГАСТАР
Киин куорат бастыҥ спортивнай эбийиэктэрэ барыта Сэргэлээх уопсайдарын тула тураллар. Ол курдук «Юность», «Триумф», «Долгун» барыта устудьуоннар эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар тутуллубуттара. Лыткин Максим физкультура институтун үһүс кууруһун бастыҥ устудьуона эбит. Спортивнай эбийиэктэр Сэргэлээх аттыгар туралларын хайҕыыр. Спортсмен буолан уһун кыһынары-сайыннары саалаттан тахсыбат эбит. «Мин уопсайга олоробун, күн аайы аттыбар турар саалаларга дьарыктана тахсабын. Бииргэ үөрэнэр оҕолорбун кытта олоробун. Уопсайга олоруу барыта бэлэм буолбатах, син-биир араас кыһалҕа элбэх. Саамай үчүгэйэ диэн, оптуобуска харчы төлүү-төлүү айаннаабаппыт. Билигин сессиям саҕаланан эрэр”, – диир спортсмен Максим.
СЭРГЭЛЭЭХ МИН СҮРЭХПЭР
Уйгулаана Филиппова Автодорожнай факультет выпуснига. Үөрэҕин бүтэрдэҕинэ дойдутугар тиийэн үлэлиир сыаллаах: «Мин 20-с уопсайга олоробун. Усулуобуйата үчүгэй – хоско иккилии буолан олоробут, киэҥ-куоҥ куукуна, туттар мал-сал элбэх. Устудьуоннуур сылларым түмүктэнэн эрэр буолан, хас биирдии күммүтүн умнуллубаттык атаарыахпын баҕарабын. Уопсайга ыаллар баар буоланнар, син айдааннаах соҕус. Сессиябыт саҕаланна, бары устудьуоннарга үтүө түмүктэри баҕарабын».
СЭТТЭ СЫЛ УОПСАЙГА
Сааскыйаана Иванова саха тылын уонна литературатын институтун иккис кууруһун магистрана. Кини эрдэ биэс сыл эмиэ уопсайга олорбут: «Устудуьоннуур сылларым хара маҥнайгы күннэриттэн 9/1 куорпуска олорон кэллим. Номнуо бу уопсайга олорбутум сэттис сылыгар үктэннэ. Хара аантан биир хоско, биир этээскэ олоробун. Уопсайбыт олус сылаас, сырдык уонна ыраас. Магистратураҕа үөрэнэрим таһынан үлэлиибин. Хойутаан да кэллэхпитинэ, уопсайбытыгар киллэрэллэр, онон үчүгэй”, - диир Сакыйаана.
Киһи устудьуоннуур кэмэ – олоҕун биир саамай чаҕылхай, умнуллубат сыллара: саҥаттан саҥа билии-көрүү, саҥа доҕоттор-атастар, бастакы симик таптал... Күлэн-үөрэн, хомойон-хоргутан, ардыгар аччыктаан устудьуоннуур кэммит олус да түргэнник ааһар. Соторутааҕыта эрэ киэҥ олоххо үктэнэн, долгуйа сарсыҥҥы күммүтүн күүтэрбит бу баарга дылы курдук...