Сэргэх көрсүһүү
Үс чаас кэриҥэ олорон, күө-дьаа буолан оҕолуу омуннаахтык кэпсэттибит. Бары даҕаны орто омурҕаннарын ааспыт, эт-хаан, кут-сүр чарааһаан, мөлтүү быһыытыйан эрэр, сааһыра барбыт дьоммут. Хайыы үйэ оннун булбут өй-санаа, олох, дьылҕа, айан, уларыйара уустук. Хас биирдии киһи, ылын-ылыныма, бэйэтинэн, баарынан кэрэ, истиҥ, дьиҥнээх. Оннук даҕаны буолуохтаах.
Бэлиэтээн эттэххэ, “Иэйии” түмсүү салайааччыта Илья Афанасьев-Алмаас сүрэҕэр эпэрээссийэ оҥоһуллуохтааҕа көһөрүллэн, ыраах Хабаровскайтан төннөн кэлбитэ. Ол да буоллар санаатын күүһүнэн сылдьарын сөҕө саныыгын.
Маны сэргэ, кэнники кэмҥэ айар үлэлэригэр биллэр-көстөр ситиһиилэммит дьоммутун бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын: ырыа матыыбын айааччы, толорооччу Константин Мохначевскай, айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах Сунтаар Кириэстээҕиттэн саха тылын дьылҕатын туһугар тыл этэн сийиэскэ кыттыыны ылбыт Александр Амбросьев-Сайылык Уола.
Константин Мохначевскай уонна Сайылык Уола: "Айымньыбытынан син биир астыммаппыт, туох эрэ өрүү тиийбэт, сымсах курдук", – диэбиттэрин сөбүлүү, сэргии иһиттим. Тыыннааҕыҥ тухары үүн-сайын, ай-тут – ол айан бүтэр уһуга көстүбэт. Оннук күн аайы, сааһырдаргын, ыарыйдаргын, тайахха да тайана сырыттаргын, ситиһиилээх да буолларгын, өрүү үрдүккэ, кэрэҕэ тардыс, бу сиргэ кэлбит иэскин – үчүгэйи, үтүөнү үксэт!
Бүгүн бааргын, тыыннааххын, бэйэлээх бэйэҥ эрэ айар-тутар олоххунан олор!