05.10.2020 | 11:54

Сэрэнэ-сэрбэнэ сылдьыбыттааҕар “күлүктэн” тахсар ордук дуо?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа нолуок үтүө уонна мөкү өрүттэрэ

Бэйэ тус дьарыктаахтарга анаммыт саҥа нолуок эрэсиимэ быйыл от ыйын 1 күнүттэн Арассыыйа бары регионнарыгар киирдэ. Билиҥҥитэ бу нолуогу киһи бэйэтэ баҕа өттүнэн талар. Күндү ааҕааччы, саҥа эрэсиим үтүө уонна мөкү өрүттэрин ырытан көрүөҕүҥ.

«Мин иккис оҕобун күүтэ сылдьабын, ийэ хапытаалынан дьиэ атыылаһыахпын баҕарабын. Ол эрээри кыра хамнастаах буолан, ипотека ылар кыаҕым суох. Дьэ, ол иһин үлэм таһынан эбии дохуоппун көрдөрөргө сананным. Иллэҥ кэммэр, өрөбүллэрбэр дьоҥҥо торт астыыбын. Ол гынан баран наһаа рекламаламмаппын, кистии-саба доҕотторбуттан уонна чугас дьоммуттан эрэ сакаас ылабын. Тоҕо диэтэр ыстарааптаныам, бэрэбиэркэҕэ түбэһиэм диэн куттанабын. Ыйга 8-15 тыһ. солк. син эбинэбин. Бэйэлэрэ тус дьарыктаахтарга анаммыт нолуок эрэсиимин (самозанятайдарга) талан, судаарыстыбаннай өҥөлөр порталын нөҥүө бэрт судургутук регистрацияланным. Нолуогун сууматын бэйэтэ ааҕар эбит. Билигин 22 тыһ. солк. бонустаахпын, тугу да төлүү иликпин”, ؘ– диэн кэпсиир Мария К.

         «Мин куораттан улууска дьону таһабын, такси өҥөтүн оҥоробун. InDriver сыһыарыынан үлэлиибин. Ол гынан баран, предприниматель быһыытынан регистрацияламмытым ыраатта, нолуок (дохуоттан 6%), ону таһынан пенсионнайга 36 238 солк. төлүүбүн. Ити миэхэ сүрдээх охсуулаах. Аны туран, биэнсийэбэр туох да эбиллибэт. Хайдах гыныахпыный, нолуокпун аччатаары, дохуоппун кыччатан көрдөрөбүн. Онон бу БТДь анаммыт нолуок миэхэ бэртээхэй ньыма эбит диэн, онно көстүм», – диир Алексей диэн сэһэргэһээччим.

         Манна диэн эттэххэ, бэйэлэрэ тус дьарыктаахтарга анаммыт (НПД - налог на профессиональную деятельность) нолуок эрэсиимин таларга икки эрэ биричиинэ баар курдук: кирэдьиит ылар кыахтаах гражданин статуһун ылыы уонна сокуоннайа суох биисинэһинэн дьарыктанааччылары уодьуганныыр миэрэлэртэн быыһаныы.

         Дьоҕус биисинэһи “күлүктэн” таһаарыыга судаарыстыба билигин “чыпчаххай” эрэ ньыматын туттар. Бу саҥа сокуоҥҥа эбии нолуогу кэмигэр төлөөбөтөххө эбэтэр дохуоту кистээтэххэ ыстарааптыыр санкциялар олохтоннулар. Бастаан ыстараап төлөммөтөх нолуогун ааҕар суумаҥ 20% тутуо, онтон иккис сырыыгар 100% былдьыа. Туох кистэлэ кэлиэй, бэл диэтэр, өр үлэлээбит урбаанньыттар нолуоктарын кэмигэр төлөөн быстыбаттар, сорохтор адьас да куотуналлар. Маннык кытаанах ыстарааптан сылтаан дохуоттарын судаарыстыбаҕа саҥа арыйбыт дьон бу эрэсиимтэн ханнан хаалыахтара суоҕа дуо?

Саҥа нолуок “ноолоох”

         Бу нолуок уратыларын саас-сааһынан көрүөххэ эрэ. Өскөтүн нолуок төлөөччү  өҥөтүн физическэй сирэйгэ, ол эбэтэр чааһынай киһиэхэ оҥорор буоллаҕына, дохуотуттан 4%, оттон юридическэй сирэйгэ, ол эбэтэр тэрилтэҕэ оҥорор буоллаҕына 6% төлүүр.

БТДь нолуогун талбыт киһи ОКВЭД-2 испииһэгиттэн хайа баҕарар көрүҥүнэн дьарыктаныан сөп. Ол эрээри манна хапсыбаттар: бэйэлэрэ оҥорботох табаардарын атыылааччылар, арыгынан, табаҕынан, бэнсиининэн эргинээччилэр, сир баайын хостооччулар, атын хампаанньаларга таһаҕас тиэйээччилэр, агентскай, комиссионнай дуогабардарынан үлэлээччилэр.

Бу эрэсиим дьиэлэрин куортамҥа биэрээччилэргэ эмиэ барсар. Эбии дохуоту көрдөрүөн баҕалаах судаарыстыбаннай сулууспалаахтарга бэртээхэй уонна соҕотох көҥүллэнэр ньыма.

“Мой налог” диэн Федеральнай нолуок сулууспатын мобильнай сыһыарыытынан пааспаргын уонна хаартыскаҕын киллэрэн сайаапкаҕын ыытыаххын сөп. Онтон Госуслуги.ру саайтынан регистрацияланар быдан судургу, манна туох да дааннайгын, хаартыскаҕын угарыҥ наадата суох буолар.

Нолуогуҥ суумата төһө буолбутун сыһыарыы бэйэтэ ааҕар, тус кабинеккар ааспыт ыйдааҕы нолуогуҥ иһитиннэриитэ кэлэр, ону 25 чыыһылаҕа диэри төлүөхтээххин. Өскөтүн суумаҥ нолуога 100 солкуобайтан итэҕэс буоллаҕына, тугу да ыыппаттар, ол оннугар кэлэр ыйгар эбэллэр.

Саҥа нолуок өссө биир “ноолоох”. Дохуоттан 4 даҕаны, 6 даҕаны бырыһыан – сиэрэ суох үрдүк. Арай ыйга уон тыһыынчаттан итэҕэһи аахсар буоллахха, нолуок суумата 1-2 быраһыаҥҥа диэри аччыыр. Ол туһунан Федеральнай Сокуон 2-с ыст.422-cнүөмэрдээх пуунугар ыйыллар. Онтон нолуок төлөөччү сыллааҕы дохуота 2 мөл. 400 тыһ. солкуобайтан элбэх буоллаҕына, урбаанньыт быһыытынан регистрацияланыахтаах (ИП эбэтэр ХЭТ).

Итэҕэһэ элбэх, барыһа да баһаам

Саҥа нолуок туһунан экспертэр санааларын истиэҕиҥ.

         Светлана Амбросьева, буҕаалтыр, «Сигма-актив» ХЭТ салайааччыта (Инстаграмҥа @sigma_aktiv):

Бу нолуок саамай үчүгэй өрүтэ – нолуок төлөөччү регистрацияны ааһара бэрт судургу. Сайабылыанньаны “Мой налог” сыһыарыыга биэрэҕин, хаартыскаҕын уонна пааспарыҥ копиятын ыытаҕын. Өссө билигин нолуок төлүүргэр 20 тыһ. солк. бонус көрүллэр. Кэмиттэн кэмигэр  отчуот туттарар наадата суох. Бу эмиэ бэртээхэй усулуобуйа. Пенсионнай пуондаҕа, ФСС-ка усунуос төлөөбөккүн. Ол оннугар үлэ ыстааһа ааҕыллыбат.

 Саҥа нолуок итэҕэһэ  да  элбэх. Үрдүк бырыһыан (дохуоттан 4% уонна 6%  диэн тустаахха олус элбэх), дохуоту хааччахтааһын (сылга 2 мөл. 400 тыһ. эрэ диэри көҥүллэнэр),  ыстарааптар, о. д.а. Баҕар, кэлин бу эрэсиими арыый сымнатыахтара диэн эрэниэҕиҥ.  Ити да буоллар, көҥүлэ суох биисинэһинэн дьарыктаныахтааҕар БТДь нолуогунан үлэлээбит быдан ордук. Мин санаабар, бу эрэсиим көҥүл өҥө оҥорооччуларга (фрилансердарга) ордук барсар.

Инна Васильева, «Бизнес Профи» ХЭТ аутсорсинговай хампаанньа толорооччу дириэктэрэ (Инстаграмҥа @businessprofy_ykt):

– Дьарыгыҥ көрүҥэ барсар эрэ буоллаҕынва “самозанятай” буолбут ордук. Бу эрэсиим ИП буолуохтааҕар быдан барыстаах. Бастатан туран, сыллата үрдүү турар страховой усунуостары төлөөбөккүн. Иккиһинэн, отчуот туттарбаккын. Үсүһүнэн, буҕаалтырдаммаккын, учуот оҥостумуоххун сөп. Нолуогуҥ сууматын “Мой налог” сыһыарыы бэйэтэ ааҕар. Итэҕэһэ диэн, ыстаас ааҕыллыбат уонна дьарык көрүҥнэригэр  хааччахтааһын баар. Холобура, араас табаардарынан эргинэр атыыһыттарга барсыбат. БТДь ордук саҥа саҕалыыр биисинэскэ ордук табыгастаах, дохуотуҥ улааттаҕына ИП эбэтэр ХЭТ көһөрүөххэ сөп.

Билигин саҥа нолуок эрэсиимин хайгыыр эрдэ. Хомойуох иһин, дойдубут экономиката быстар мөлтөх: олох таһыма намыһах, нэһилиэнньэ дохуота кыра. Дьиҥэ, балаһыанньаны көдьүүстээх нолуок систиэмэтэ тупсарыахтаах этэ. Федеральнай нолуогабай сулууспа бу иннинээҕи сүүйтэриилээх реформаларын умнан эрэр. Ону 2013 сыллаахха олохтоммут патентнай систиэмэни дойду үрдүнэн баара-суоҕа 800-кэ киһи талбыта да туоһулуур.

Онтон эн, күндү ааҕааччы, сыта-тура ырыҥалаан көр уонна саҥа эрэсиими талан, куттаммакка эбии дохуот оҥостор дьарыккын “күлүктэн” таһаар. Сэрэнэ-сэрбэнэ, моруу буола сылдьыбыттааҕар ол ордук курдук. Ол гынан баран, эппиэтинэстээх, бэрээдэктээх буоларыҥ ирдэнэр.

Сардаана Эверстова

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....