24.11.2022 | 18:00

Сэрэх Сэмэн

Сэрэх Сэмэн
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Сэмэн оҕонньор сэлээппэтин кэтэн баран, дэриэбинэ устун аа-дьуо хаама барда. Кини хара сарсыардаттан хараҕын хайа тардаат да, хонтуора, маҕаһыын диэки иҥээҥниир, сонуну-нуомаһы истэ барар идэлээх. Маҕаһыын таһыгар бэркэ билэр дьонугар түбэстэҕинэ, кыратык амсайарын да сирбэт. Кини арыгыны хаһан да иһэбин диэбэт, көннөрү амсайабын эрэ диэн ааттыыр.

Сэмэни бөһүөлэгин дьоно кыратыттан улаханыгар тиийэ Сэлээппэлээх Сэмэн эбэтэр Сэрэх Сэмэн диэн ааттыыллар. Кини сэлээппэтин кэтэрин хаһан да умнубат, эбиитин сэрэххэ диэн барыны-бары эрдэттэн оҥоро сылдьар. Ол курдук, хара былыт көһүннэ да, сэрэххэ кырыыһатын анныгар оҥойору барытын тэлгэтэн кэбиһэр, кыратык мунна тыбыырдаҕына, сэрэххэ диэн, балыыhаҕа баран укуол, эмп суруттаран ылар.

Атастарын кытта сорох ардыгар аллараа рестораннаан кэбиһэр. Кини харчыта куруук суох аатырар, сэрэххэ эрэ диэн аҕыйах солкуобайы илдьэ сылдьар. Ол эрэн кинини тоҕо эрэ куруук доҕор оҥостон илдьэ сылдьаллар. Сэмэн кэпсээнэ, сэһэнэ бүппэт, айаҕа аһылыннаҕына тохтообот айылаах. Онтон, арыгылара бүтүүтэ, кими эрэ иккистээн маҕаһыыҥҥа ыытыыларын саҕана, Сэмэн сэлээппэтин өрө анньынар да, сис туттан баран дэриэбинэ диэки хоодьоҥнуу турар. Бүгүн куолутунан эмиэ хонтуора диэки атаҕын салайда. Хайдах эрэ илинтэн тыалырбыт курдук, ардах кэлээри гыннаҕа дуу диэн халлаан диэки олоотуу истэҕинэ, ыала оҕонньор Абытай Арамаан аттыгар балааскайдаан кэлэн:

– Хайа, идэҕинэн халлааны үөрэтэ иһэҕин дуо? Ардах суох-суох, өтөр түһэр чинчитэ биллибэт. Эмиэ эмээхсиниҥ саҥа миискэлэрин тэлгэтэҥҥин, халыҥ сиргэр миинньиги ыалдьыттатаары гынныҥ дуо? – диэн аҕыйах тиистээх айаҕын аппаҥнатта.

– Абытайа бэрт дии, аргыый аҕай буол, олбуоруҥ таһынан аһардыа да суоххун. Эчи, харабыл курдук турдаҕыҥ, хата, били Настааччыйаҕын чуҥнуу сылдьаҕын дуу, кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы.

– Өһүргэһиҥ тугун сүрэй. Ол мин былыргы Настааччыйабар эн тугуҥ кыһалҕатай. Билигин кэлэн уоһум-тииһим, атыным да бараммыт киһиэхэ ким чугаһыай. Мин да эдэрдэргэ ымсыырарым ханна барыай? Хата, эн арыый балыс киһи бу күн аайы хонтуора, маҕаһыын диэки тиэстэҕин. Кими эрэ таптыы көрдүҥ дуу, тугуй? Сэрэххэ миэхэ этэн кэбис. Атын дьонтон истибиппинээҕэр, бэйэҕиттэн билбитим ордук буолуо этэ.

– Чэ-чэ, ону-маны лабаҥхалыы турума. Хата, хонтуора диэки хаамсыахха, – диэн Сэмэн, куолутунан сэлээппэтин өрө анньынаат, киһитин диэки хайыспакка да бара турда. Абытай Арамаан тугу эрэ этэн иһэн айаҕын аппытынан хаалан хаалла.

Сэмэн маҕаһыын диэки чугаһаабыта, дьон бөҕө мустубут, били кини атастара туохтан эрэ сирэйдэрэ турбут, ким да буоллун сибилигин суулларан түһэриэх курдук сутуруктарын суулаабыттар. Сэмэн, сэрэххэ, атастарын эргийэ хааман, туох айдаана буолбутун билээри, аҥаар харахтаах Арыппыынаҕа тиийдэ.

– Хайа, бу тугуй, сэрии буолаары гыммыт дуу, туох айылаах чөрбөҥнөстүлэр?

– Ээ, арыгы атыытын боппуттар үһү. Бу от-мас үлэтин кэмигэр сөпкө гыммыттар. Хата, мин абааһы оҕонньорбуттан сынньаныам этэ, – диэн аҥаар хараҕынан ону-маны олоотуу турда.

Сэмэн тугун-ханныгын билэн баран аргыый аҕай атастарын диэки чугаһаата.

– Хайа, доҕоттор, санааҕытын наһаа түһэримэҥ, мин бэҕэһээ, сэрэххэ диэн, оруобуна биир «оҕонньору» ылбытым. Онтукпун илдьэ били сирбитигэр тиийиэм. Эмээхсиммэр эрэ таба түбэспэтэх киһи. Эһиги хата айдаана суох аллара киирэ туруҥ. Аска аҕыйахпыт өссө үчүгэй буолуо. Били Бүөтүрдээҕи күүтүмэҥ. Мин чаас аҥаарынан тиийбэтэхпинэ, хом санаайаххытый, – диэт, дьиэтин диэки харбыаласта.

Олбуорун таһыгар тохтоон, тыын ыла түстэ. Эмээхсин аҕылаабытын биллэҕинэ тугу эрэ сэрэйиэ диэн, сэрэххэ, аа-дьуо хааман аанын тутааҕын харбаата. Дьиэтин боруогун атыллыа эрэ кэрэх, Хоборооһо бу ыга анньан турар эбит.

– Хара сордоох, дьиэтэ-уота суох ыт оҕотун курдук эмиэ ханна дьаарбайа сылдьаҕын? Уолуҥ аахха баран сиэҥҥин харабыллыаҥ үһү. Кийииппит бүгүн үлэтин күнэ, онон оҕо көрөр киһилэрэ суох.

Сэмэн былаана тохтубутуттан сэлээппэтин мээнэ имитэ турда, айаҕын оппоҥнотон саҥарыах курдук буолбутугар, эмээхсинэ:

– Хайа айылаах сэлээппэтин мускуйбахтаата. Аат да таҥаһа сордоотоҕо. Ыл, устан быраҕан кэбис, итинтэн атын таҥаһа суохха дылы. Бэргэһэ бөҕөтө атыылаһыллыбыта да, ити 10-ча сыл анараа өттүгэр куорат борохуолкатыттан сиргэ сытар сэлээппэни булан баран, устубакка бардаҕай. Хайа эрэ арыгыһыт дуу, атыыһыт дуу сэлээппэтэ буолуохтаах. Итини кэтиэххиттэн атыннык чолоҥнуур буоллуҥ. Эн саҕалар бааллар ини. Саатар кыһынын кытары бэргэһэ иһинэн кэтэр буоллаҕа үһү. Хата, утуйаргар устан абырыыгын. Өллөххүнэ хоруопкар уган ыытыллыа. Чэ-чэ, бара тарт, уолгар.

Сэмэн эрэйдээххэ эмиэ тыл биэрбэтилэр. Ити курдук, ыал буолуоҕуттан ылата, Хоборооһо бу дьиэ боруогун атыллаат, Сэмэни айаҕын атыттарбат даҕаны. Биирдэ эмит холуочуйан баран, син тойон хаанын киллэрэн, эр киһи элээмэтэ буолаары сутуругун туппутунан киирэр да, Хоборооһо киһитин кыбынан баран оронугар быраҕаат, үрдүгэр олорунан кэбиһэр. Тыына-быара хаайтарбыт киһиттэн туох саҥата тахсаахтыай, нэһиилэ ынчыктаан, өрөһөлөспүтэ буолан баран, утуйар аакка барар.

Дьэ, бу бэйэбиттэн суон, доруобай дьахтары ылар баар эбит, кыһыыта, таҥара накааһа. Хоборооһо кини быыкаа дьиэтигэр кэлээт да, ааннарын, умуһахтарын, тахсан киирэр сирин барытын кэҥэттэрбитэ. Түннүк аттыгар турдаҕына, күнү-ыйы хаххалыыр буолан, оннооҕор түннүгүн кэҥэттэрэн биир сайын ол түбүгэ буолбута. Сэмэн эрэйдээх утары этиэ баара дуо, хотун хобулугун анныгар кыбыллан баран, күн бүгүнүгэр диэри онтон тахса илик. Барахсан, сытыары-сымнаҕас буолан, талбытынан дьаһайаллар.

Дьэ, кыһыы диэтэҕиҥ. Саатар бэҕэһээҥҥи арыгытын ылан ампаарга дуу, хотоҥҥо дуу кистээн кэбиспэтэх буоллаҕа. Таҥас уурар ыскаапка үҥүлүтэн кэбиһээхтээбитэ. Хоборооһо ону буллаҕына бырастыы гыммата биллэр. Таах сылдьыахтааҕар эмиэ биир мөҕүллэрин буллаҕа. Хайыай, атастарын сэрэппитэ, онон хом санаабаттар ини, хата эккирэтэн кэлэннэр олох да киһи аатыттан ыыталлар дуу. Түргэнник тыас хомуннахха сатаныыһык, ол сиэнин кытта бодьуустаһан, саатар киниэхэ тойомсуйбута буолан күнүн-дьылын барыа этэ.

Итинник санаат, Сэмэн сэлээппэтин төбөтүгэр уурунан таһырдьаны былдьаста. Көҕүрэттэн эҥин баран калиткатын диэки баран истэҕинэ, дьиэттэн абааһы кыыһын курдук хаhыытаабытынан Хоборооһо (сытыыта, имигэһэ дьэ киирбит) Сэмэнин үрдүгэр түстэ:

– Бу оҕонньорбут иирбит дуу, аны ыскаапка арыгытын кистиир идэлэммит буолбат дуо?! Эмиэ атастаргын аһатаары тиэриллэҥнии сылдьаҕын дуо? Дьэ, бэйиккэй, киэһэ кэпсэтиллиэ. Ону ылаары кэлэн чонороҥнуу сылдьар эбиккин дии. Ол иһин да түннүк аннынан дьонуҥ хаста да аастылар. Тохтуу түс, мин атаарыам, аара атын сиргэ халыйан хаалыаҥ, – дии-дии дьиэҕэ киирдэ.

Сэмэн кутталыттан сап-салыбырас буолла, эмээхсинин кытары уулуссаҕа хаамыталыырын ончу сөбүлээбэт буолан, бытаан бэйэтэ уолун аах дьиэлэрин диэки тэптэрэ турда.

Кэнниттэн Хобороос үөхсүүтэ, мөҕөн кутара-симэрэ ыраахха диэри иһиллэ хаалла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...