Сэлии муоһунан эргинии судургутуйда
Муус устар 18 күнүгэр Ил Түмэн дьокутааттара «О регулировании пользования и распоряжении особым природным ресурсом – ископаемыми остатками мамонтовой фауны» сокуоҥҥа уларытыылары бастакы ааҕыыга ылыннылар.
Сэлии муоһун атыылаһан ылыы уонна таска таһааран батарыы быраабылата уларыйда. Муоһу өрөспүүбүлүкэ таһыгар таһаарар баҕалаах предпринимателлэр урут көҥүл ылаллара бэрт уустук буолар этэ. Ол курдук, Саха сирин Наукаҕа академиятыгар муостара наукаҕа төһө сыаннастааҕын быһаарар экспертизаны ааһыахтарын, ол кэннэ Федеральнай киинтэн көҥүл ылыахтарын наада буолара.
Билигин Наука академиятыгар эбэтэр Федеральнай кииҥҥэ экспертизаны иккиттэн биирин талар бырааптаннылар. Ол аата бу тэрилтэлэр муоһу, историческай сыаннаһа суоҕунан атыылаһан ылбат буоллахтарына, предприниматель бэйэтэ билэринэн дьаһайар кыахтанна.