09.03.2024 | 18:00

Сэлэлии хаамыы кэккэтэ сыллата хаҥаан иһэр

Кулун тутар 5 күнүгэр Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Норуот маастарын күнүнэн сэлэлии хаамыы ахсыс төгүлүн буолан ааста.
Сэлэлии хаамыы кэккэтэ сыллата хаҥаан иһэр
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Саха сирин норуоттарын төрүт үгэстэрин үйэтитэр уонна сайыннарар сыаллаах-соруктаах тэрээһиҥҥэ сыллата кыттааччы ахсаана элбиир. Улуустар анаан-минээн сыл устата бэлэмнэнэр, таҥас тиктэн кэлэр үгэстэннилэр.

Бу күн сарсыардаттан Карл Маркс скверин таһыгар саарбаҕа-саһылга сууламмыт, сарыыга-кырпаҕа тирэммит тыһыынчанан киһи муһунна. Өрөспүүбүлүкэ 28 улууһуттан, үөрэх кыһаларыттан, уопсастыбаннай түмсүүлэртэн 1700 тахса киһи, норуот маастардара, талба талааннаахтар, төрүт үгэһи, таҥаһы сэргээччилэр халыҥ аармыйалара сэлэлии хаамыы саҕаламмытын туһунан биллэрии кэнниттэн Орджоникидзе болуоссатын туһаайыытынан хааман сэгэлдьийдилэр. Хас биирдии улууһу, кэлэктииби уулуссаны кыйа турар көрөөччүлэр уруйдаан-айхаллаан көрсөллөр, Дзержинскэй уулусса биир кырачаан олохтооҕо түннүгүн сэгэтэн: “Уруй-Айхал!”—диэн хаһыытаан эҕэрдэлээн, хаамааччылары соһутта даҕаны, үөртэ даҕаны.

Хаамыы Орджоникидзе болуоссатыгар добун оһуохайынан, онтон эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ. Кыттааччылар бэйэ-бэйэлэрин маннык үтүө оҥоһуктары айан-тутан таһаарар Норуот маастарын күнүнэн эҕэрдэлэстилэр, хаартыскаҕа түстүлэр уонна сүбэ-ама атастастылар.

Анастасия Пухова, Нам улууһуттан сэлэлии хаамыы кыттааччыта:

— Дьокуускайга буолбут сэлэлии хаамыыга кыттыбыппыттан олус үөрэбин. Хамаҕаттатааҕы кулууппут түмэн, таҥас тиктэн, тиктэрэн, параакка сылын аайы кыттабыт. Бүгүҥҥү тэрээһин киэҥ далааһыннаахтык ааста, халлааммыт да туран биэрбитэ үөрүүнү үксэтэр. «Киин куорат» хаһыат нөҥүө Сахабыт сирин бары талба талааннаахтарын Норуот маастарын күнүнэн эҕэрдэлиибин, төрүт таҥаспытын өссө дириҥник үөрэтэн, кэҥэтэн, сайыннаран, кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар тиэрдиэххэ, холобур буолуохха!

Надежда Колодезникова, Өлөөн эбэҥки национальнай улууһун норуот маастара:

— Мин Өлөөн эбэҥки-национальнай улууһун маастардарын үлэлэрин быыстапкаҕа кытыннара сылдьабын. Манна барыта 11 симэхтээх таҥаһы аҕалан, биир дойдулаахтарым көмөлөрүнэн хаамыыга кыттан, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрдүбүт. Быйылгы “Якутия мастеровая” тэрээһин олус үрдүк таһымнаахтык бара турар, 29 улуус тэринэн кэлэн, ииһин-ууһун көрдөрө сылдьар. Мин көрөрбүнэн, оҥоһуктар хаачыстыбалара сыллата тупсан, көрүҥнэрэ элбээн иһэр.

Бэйэм бу сарыы таҥаспын тиктибитим 10-ча сыл буолла. Маны таба тириитин түүтүн кыырпалаан имитэллэр. Өбүгэлэрбит ардахтан, күн уотуттан харыстанарга толкуйдаабыт мындыр таҥастара. Сарыыны өссө быа оҥорорго, матаҕа тигэргэ о.д.а. тутталлар.

Быйылгы тэрээһин уратытынан иистэнэр, уһанар удьуордарга аналлаах  сүүрээн киирбитэ буолар. Биһиги улууспутуттан удьуор иистэнньэҥ Наталья Васильева уонна Прокопий Сергеевич кытыннылар. Наталья Өлөөн норуотун маастара Розалия Полуэктова кыыһа, бүтүн дьиэ кэргэнинэн иистэнэллэр.

Бу төрүт таҥастаах сэлэлии хаамыы, Норуот маастарын күнэ диэн бырааһынньык Саха сиригэр эрэ баар быһыылаах. Онон Саха сиригэр олохтоох норуоттары биир өйгө-санааҕа түмэргэ олук уурбут Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаевка, кини үлэтин салҕыыр Айсен Николаевка махтанабыт. Бу тэрээһиннэргэ сүҥкэн кылааттаах “Симэх” галерея салайааччыта Яна Игнатьеваҕа уонна хотугу норуоттары түмэр методиспыт Анастасия Куличкинаҕа эмиэ махтанабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...