12.07.2024 | 14:00

Сэдэх кэллиэксийэ хаһаайката

Дьокуускай куораппыт бу күннэргэ оҕо саас бырааһынньыгар  кубулуйда. Спорка доҕордоһуу күн сиригэр эйэ илдьитэ буолан, тыһыынчанан оҕо сүрэҕэр умнуллубат түгэннэри хааллардаҕа.
Сэдэх кэллиэксийэ хаһаайката
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Бу чаҕылхай күннэри бэлэхтээбит «Азия оҕолоро» Оонньуулары кэпсиир, көрдөрөр быыстапкалар куораппытыгар «Арассыыйа – мин историям» мультимедийнай пааркаҕа уонна Ем. Ярославскай аатынан саха музейыгар буола тураллар.

Ем. Ярославскай аатынан саха музейын быыстапка салаатын сэбиэдиссэйэ Марианна Стручкова иһитиннэрбитинэн,  быыстапкаҕа түмэл пуондатын сэргэ биирдиилээн дьон тус архыыптара туһаныллыбыт. Ол курдук СӨ Спорка албан аатын музейын дириэктэрэ, III-c «Азия оҕолоро» НИСО дириэксийэтин салайааччыта Михаил Друзьянов үгүс интэриэһинэй докумуону, малы туттарбыт. «Азия оҕолоро» Оонньуулар бастаан ыытыллыахтарыттан хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр биллэр фотограф Александр Назаров эмиэ сэдэх үлэлэри киллэрбит.

Саха түмэлэ коллекционердары кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэр. Ол курдук, юрист идэлээх Анастасия Захарова бу быыстапкаҕа 200-тэн тахса үлэтэ турар.

Анастасия Дмитриевнаны кытта «Азия оҕолоро» Оонньууларга сыһыаннаах кэллиэксийэтэ туохтан саҕаламмытын, ону сэргэ тугу умсугуйан мунньарын туһунан кэпсэттибит.

«Мин 2008 сыллаахха «Азия оҕолоро» Оонньууларга гид-тылбаасчыт быһыытынан үлэлээбит дьоллоохпун. Бу күннэри олоҕум биир чаҕылхай кэминэн ааҕабын. Инньэ гынан ол сылтан саҕалаан «Азия оҕолорун» атрибутикатын, сувенирдарын, аккырыыккаларын, хаартыскаларын о.д.а. туора хаампат, мунньар идэлэммитим. Кэллиэксийэм билигин 400-тэн тахса экспонаттанна. Үксүн атыылаһан эбэтэр атастаһан мунньабын. Бу быыстапкаҕа 215 эрэ малым турда»,– диэн сэмэйдик кэпсиир баай кэллиэксийэ хаһаайката.

Уон алта сыл ыстаастаах коллекционер Анастасия Захарова маны таһынан сахалыы киэргэллэри мунньар, аҥаардас ытарҕа түөрт уон арааһын, илин, кэлин кэбиһэрдэри, суһуох киэргэллэрин мунньубутун сөҕө иһиттибит.

«Сүрдээх элбэх киһи сылдьар. Сайыҥҥы оҕо лааҕырдарын, улуустар дэлэгээссийэлэрэ быыстала суох кэлэллэр, көрөллөр, сэргииллэр. Ону таһынан Оонньуулар кыттыылаахтара кэлэн көрөн, историяны билсэн барбыттара кэрэхсэбиллээх. Онон быыстапка сыалын ситистэ диэн сыаналыыбыт,– диэн Марианна Васильевна санаатын үллэстэр.

Санатар буоллахха, бу саас ыам ыйын 25 күнүгэр Москваҕа Арассыыйа спордун судаарыстыбаннай музейыгар эмиэ Арассыыйа спорка министиэристибэтин өйөбүлүнэн спорт национальнай көрүҥнэригэр уонна «Азия оҕолоро» Оонньууларга аналлаах быыстапката аһыллан турар. Быыстапка тэрээһинигэр Ем. Ярославскай аатынан саха музейа (дир. Решетникова А.Н.), Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин киинэ (дир. Васильев Г.А.), «Азия оҕолорун» Аан дойдутааҕы кэмитиэтэ (бэрэсидьиэн Максимов В.В.), дириэксийэтэ (ген.дир. Сивцев М.П.), “Николаев-Киин” (дир. Семенов Ю.И.) экспонаттарынан көмөлөспүттэрэ.

 

Ааптар хаартыска түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...