Сэбиргэхтэтиини түргэнник быһаарар кыахтаахпыт
«Якутия» технопарк резиденнэрэ COVID-19 вируснай пневмонияны быһаарар бырагырааманы оҥордулар. SCIBERIA тэрилтэ 2019 сыл тохсунньутуттан үлэлиир. Манна уопуттаах быраастар уонна программистар хамаандалара бары биир санаанан салайтараллар. Хампанньа РКТ, МРТ курдук рентгеннэри ырытыыга уонна аныгы медицина технологиятын туһаныыга үлэлэһэр.
Бу күннэргэ эдэр учуонай быраастар искусственнай өй уонна автоматизированнай килиэккэлэр уорганнарын компьютернай томографияларын чинчийэр, алгоритмынан хааччыйар бырагырааманы оҥордулар. Ол олоххо киирэригэр аан дойдуну аймаабыт пандемия тирэх буолла.
–IRIS (интеллектуальнай радиологическай информационнай систиэмэ) – РКТ, МРТ, рентгеннэри харайар систиэмэ. Искусственнай өй көмөтүнэн үлэлиир.
Билигин быһаарыы 5 чаастан турар: рентгени харайар систиэмэ (IRIS PACS), COVID-19 вирус модула, тыҥа баттааһынын тромбоэмболиялара, LungRADS стандартынан тыҥа модула.
Нейрон ситимин модула 96% чуолкайдык көстөр уонна атын тииптэртэн уратылаах. Ыарыһахтары КТ 0-4 диэн араарар, ону тэҥэ улаханнык сэбиргэхтэппит тыҥа патологическай уларыйыыларын бырыһыаннарын чуолкайдык быһаарар. Онон быраас ноҕурууската аҕыйыыр, процесстары автоматизациялааһын суотугар уонна биир чинчийиини ырытар бириэмэни аҕыйах мүнүүтэҕэ диэри кыччатар кыаҕы биэрэр” – диэн кэпсиир SCIBERIA тэрилтэ иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэни кытта үлэлэһэр исписэлииһэ Юриянна Захарова.
SCIBERIA Саха сирин 15 медицинскэй тэрилтэтигэр пилотнай бырайыак быһыытынан ситиһиилээхтик үлэтин ыытар. Бу кэмҥэ диэри 10 000-тан тахса чинчийии ырытыллан оҥоһуллубут уонна 1 500-тан тахса вируснай сэбиргэхтэтии (пневмонияны) булуллубут.
Юриянна уустук быһыыны-майгыны учуоттаан, бырагырааманан хааччыйыы, COVID-19 модуллара медицинскэй тэрилтэлэргэ босхо туттарылларын бэлиэтиир. Бу биһиги коронавирус дьаҥын утары охсуһууга кыра кылааппыт диэн түмүктээтэ.