СЭБИЭСКЭЙ- ЯПОНСКАЙ СЭРИИ (1945 с.)
Онно Кыайыы балаҕан ыйын 3 күнүгэр бэлиэтэнэрэ. Ол уларыйа сылдьыбыта төттөрү көннөрүлүннэ.
Госдуума быһаарыытынан
Бу күннэргэ Госдуума аан дойду иккис сэриитин түмүгүн даататын уларытта. 1945 сыл балаҕан ыйын 2-с күнэ 3-с күнүгэр бэлиэтэнэр буолла. Тоҕо?
Госдуумаҕа сэбилэниилээх күүстэр кэмитиэттэрин салайар Арассыыйа Геройа, генерал-полковник Владимир Шаманов этии киллэрдэ. Сокуону уларытыы ааптардара Японияны кыайыы бырааһынньыга ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Уурааҕынан балаҕан ыйын 3 күнүгэр быһаарыллыбыта дииллэр. Чопчу бу күҥҥэ бүтүн норуот бырааһынньыга буолбута.
Итини таһынан, 1800 кэриҥэ киһи "За победу над Японией" мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Сирэйигэр Сталин мөссүөнэ ойууламмыт. Кэннигэр “1945 сыл балаҕан ыйын 3 күнэ” диэн суруктаах.
Кытайга эмиэ, милитаристскай Японияны кыайыыга аналлаах параад ити күн ыытыллар. Кыайыы күнэ эмиэ балаҕан ыйын 3 күнүгэр бэлиэтэнэр.
Сахалар самурайдары сонордооһуҥҥа
Мин аҕа кынным Сидоров Иван Николаевич дьоппуон сэриитэ буолуон быдан инниттэн онно бэлэмнэнииттэн саҕалаан, бүтүөр диэри сылдьыбыт. Саха сирин ыарахан кэмнэригэр промышленнаска да, тыа хаһаайыстыбатыгар да үлэлээбит, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорбут. Ол туһунан кэпсэтээри гыннахха, сэмэйэ бэрт буолан, оччо ахта сатаабакка, атыҥҥа аралдьытара. Араастаан ынньаҕалатахха, син биирдэ эмэ быктарара.
Чурапчы Кытаанаҕын сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрээт, 1939 с. хомсомуол актыбыыһынан Сэбиэскэй Сойуус валютнай пуондатын бөҕөргөтөргө ыҥырыыны өйүүр мунньахха Алдаҥҥа барарга испииһэккэ киирбитэ. Саха сирин соҕуруу өттүгэр сылдьан төрөөбүт оройуонуттан сут айгыратан, холкуостарын, ол иһигэр ийэтин-аҕатын, эһэлэрин-эбэлэрин көһөрүүгэ барбыттарын туһунан суругу долгуйа аахпыта. Ол кэннэ букатыннаахтык сүтэрсибитэ.
1945 с. Хайлар хайатын туһаайыытынан саха саллааттара дьоппуон сэриитин урусхаллыырга хамаанда ылыытын толоро иһэллэрэ. Император Хиросимоҕа уонна Нагасакига атомнай буомбанан тоҕу тэптэрии кэннэ бэринэргэ дьаһал биэрбитэ. Ол үрдүнэн саамай күүстээх Квантунскай аармыйатын генераллара уонна кинилэр курдук самурайдыы эпписиэрдэрэ уонна саллааттара тиһэххэ диэри киирсэргэ быһаарыммыттара. Бу аармыйа Сэбиэскэй Сойуус арҕааҥҥы кыргыһыылартан мөлтөөтөр эрэ кимэн киирэргэ бэлэмнэммитэ хаһыс да сыла этэ. Онуоха диэри Кытайы, Кэриэйи сордуура. Кинилэртэн уонна сэбиэскэйдэртэн кыраныыссаны кэһэн киирэн дьону уоран ылан, тыыннаахтыы сэймэктээн, уорганнарын ылан эксперименнэри оҥороро. Онон И. Сталин, В. Маленков Уһук Илиҥҥэ тутан олорбут кыһыл аармыйатыгар арҕааттан эбии күүһү быраҕан, онно баар дьоппуоннары кыдыйарга сэрии биллэрбиттэрэ.
Америка уонна кини куомуннаахтарын утары сэриигэ Квантунскай аармыйа сорох дьонун арыыларынан, Кытайга, Кэриэйэҕэ тарҕаттар Хайлар уонна Хинган хайаларын үрдүлэригэр бөҕөргөтүнүүтэ мөлтөҕө суоҕа. Истиэптэргэ үспүйүөннэрэ, тоһуурдара, миинэлэрэ элбэҕэ. Кимээччилэргэ уу суох буоларын курдук үрэхтэри, күөллэри, холуодьастары дьааттаабыттара.
1945 с. сайын Маньчжурияҕа наһаа куйаас күннэр этилэр, 40 кыраадыска диэри итийэрэ.
Хайалаах истиэпкэ хаста да сылдьыбытым. Оннооҕор массыынанан да айанныыр уустуга. Хайа таастарыттан ньэксиэҕэ титирэстээн олороҕун. Сис тулуйбат. Ордук куйааска күн оройгуттан тыгар сыралҕана ынырык. Күлүк массыына анныгар эрэ баар. Тыын хаайтаран тахсан эҕирийээри гыннахха, салгын ип-итии. Айаххын атыппат даҕаны. Сэрэнэн аппатаҕын, муннугунан албыннаан тыынаҕын. Тыал илгийдэҕинэ итиинэн уонна кумаҕынан хараххын, айаххын, кулгааххын толорор. Тула барыта истиэп да, истиэп. Ыраах хайалар адаарыһаллар. Көрдөххө, ырааҕа суохтар, ол диэки бара сатыыбыт да, чугаһаан биэрбэттэр. Биир эмэ аҕыйах абыр-табыр мастаах сиргэ тиийдэххэ, оазис диэн дьоллоноллор аҕай. Онно көһүйбүт атаххын көннөрөөрү, сынньатаары бачыыҥкаҕын уһулан, хайа тааһыгар, кумахха үктэннэххинэ тилэҕиҥ сонно буһар үлүгэрэ. Итиитэ кытарбыт билиитэттэн итэҕэһэ суох. Ол ити оннооҕор “оазистарыгар”. Эгэ, истиэпкэ аанньа буолуо дуо? Оо, сэриигэ, былыргы айанньыттар манныкка эрэй бөҕөнү көрөөхтөөхтөрө.
Дьэ, итинник төрөөбүт дойдутуттан ыраах, хаһан да түһээн да баттаппатах сиригэр тиийэн, Уйбаан уол пулеметчик идэтин баһылаан, саллаат бороҥ таҥаһын кэтэр. Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар, Япония сэриитин кыттыылаахтарын наһаа аанньа ахтыбат курдуктар этэ. Оччолорго арҕаа сулууспалаабыт бэтэрээннэр тыыннаах, үлэлии-хамсыы сылдьар этилэр. Онон илин сулууспалаабыттары оччо ахсарбат курдук тутталлар этэ.
– Дьоппуоннары утары сэрии буолла диэтилэр. Араадьыйанан Сталин, Малиновскай бирикээстэрин аахтылар. Миигин пулеметнай ротабар саллааттарга хорсуннук сэриилэһэргэ, хааннаах өстөөҕү хайаан да самнарыахпыт диэн тыл эттэрдилэр. Ол күн Маньчжурияҕа киирдибит. Дьэ, биһиги күүспүтүн-уохпутун онно көрөн сөхпүтүм. Арҕааттан сэрии бөҕө кэлбит. Кинилэрдиин Хайлар куораты ылыыга кыттыспыппыт.
Наар хааман тахсарбыт. Үксүн түүннэри айанныырбыт. Арааһа, итии буолан эбитэ буолуо, ол эрээри дьоппуоннар наһаа кырыктаахтар, уодаһыннаахтар диэн кэпсииллэрэ. Наар уоран түһэллэр этэ. Биир сарсыарда уһуктубуппут, кэккэлэһэ ротабыт 120-150 байыастарын барыларын өлөрөн барбыттар. Уһуктубакка уһун ууларыгар утуйбуттар... Дьоппуон аармыйата тиэхиньикэ да, тааҥка да өттүнэн сэбиэскэйдэргэ тиийбэт этэ. Ол да гыннар, саллааттара олус хорсун, үчүгэй сэрииһиттэрин бэлиэтии көрбүтүм. Атын полкалар илиинэн киирсиигэ хотторбуттарын истэрим. Быһаҕынан олус сатабыллаахтык тутталлара, – диэн аҕам барахсан сэмэй кэпсээниттэн өйдүүбүн, – диир кыыһа Вера Ивановна. – Уонна куоракка парикмахерскайга олох сэрэнэн сылдьыҥ, баттах оҥорооччулар биһиги байыастарбыт төбөлөрүн быһаллар үһү диэн кэпсээн баар эбит.
Дьоппуоннар суостарын-суодалларын туһунан Владимир Пестерев “Саха уонна сэрии” диэн кинигэтигэр Н. Оконешников ахтыытыттан маннык суруйбут:
“Биһиги Иванныын (И.П. Тимофеев-Ньалбыкы) бииргэ сулууспалаабыппыт. Кини снайпер этэ. Хайлар куоракка хотторон чугуйуу буолбутугар, И.М.Тимофеев: “Мин өһү-сааһы ситиһэ хаалабын”, – диэбитигэр хамандыырдар хаалларбыттар. Сарсыныгар кимэн киирии кэнниттэн Иван тырыта-хайыта тыытыллыбыт өлүгүн булбуттар. Бииргэ сэриилэспит Михаил Федосеев ахтыытынан, траншеяҕа сыттахтарына: “Сорбуун, сиэхситтэр сиэҥ!” – диэн хаһыы иһиллибит. Кини түөһүгэр сулус быспыттар, 20-чэ сиринэн быһах суола баар үһү”.
Итинник дьиҥнээх хабыр, аһынар диэни билбэт сэрииһиттэри кытта уун-утары көрсүбүт, чаҕыйбакка кыайыы көтөллөммүт биһиги аҕабыт дойдутугар 1947 сыллаахха эргиллэр. Кэлбитэ, ийэтэ-аҕата Чурапчы көһөрүллүүтүгэр Булуҥҥа тиийэн, уҥуохтара онно хаалбыт. Бииргэ төрөөбүт балта, быраата оҕо дьиэтигэр ханна тиийбиттэрэ биллибэт.
Хайыаҕай, сэрии иннинэ үлэлээбит Дьабарыкы Хайатыгар кэлэн чох хостооһунугар үлэлиир. Онно Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан төрүттээх Филипп Герасимовы билсэр. Кини кыыһын 18 саастаах Вераны кэргэн ылар.
Ийэбит Вера ийэтэ Анна кинини төрөтөн баран өлөр, уончалааҕар Хайахсыттан таайа Михайлов Дьэримиэй оҕонньор дьиэ кэргэнин кытта Кэбээйигэ көһөрүллэр. Натаара үрэххэ эрэй-муҥ эҥэрдэһэн тыыннаах хаалаллар. Дойдутугар кэлэн ийэм төрөппүт аҕатын көрдөөн булан, Дьабарыкы Хайаҕа барар. Онно дьылҕата таайан, биһиги күн сирин көрөр быабытыгар аҕабытын көрсөр. Ол кэмнэри аҕабыт маннык кэпсиирэ:
– Арай түһээтэхпинэ, сып-сырдык күн тахсан эрэрэ. Халлаан күп-күөх, от-мас тыллан, айылҕа ситэн-тупсан турара. Онно мин уһуктан: “Дьоллоох буолсубун”, – диэн санаабытым.
Кинилэр оннук улаханнык да саҥарсыбакка, эгэ, этиһиэхтэрэ дуо, саҥата-иҥэтэ суох, бытаан да буоллаллар, үлэлэрин үмүрүтэн, сүөһү-ас ииттэн, оҕолорун этэҥҥэ улаатыннаран, чахчы дьоллоохтук олорбуттара. Киһиэхэ онтон ордук туох наада?
Сиэннэрэ, күтүөттэрэ, кийииттэрэ бары этэҥҥэ сылдьаллар. Ол баар буоллаҕа – киһи сирдээҕи дьоло.
Толооннорго, хайаларга, муораларга
Сэбиэскэй-японскай сэрии (1945 с.) – ССРС уонна Монголия икки ардыларыгар, атын өттүттэн, Япония уонна Маньчжоу-Го утары сэрии, 1945 с. атырдьах ыйын 8 – балаҕан ыйын 2 күннэригэр Маньчжурия, Корея, Сахалин сирдэригэр уонна Курил арыыларыгар буолбута. Ол Иккис Аҕа дойду сэриитин биир сүрүн сорҕото.
1945 с. муус устар 8 күнүгэр Японияҕа сэриини биллэрбитэ.
Сэбиэскэйдэр Маньчжурияҕа – Маньчжоу-Го диэн дьоппуоннар тэрийбит судаарыстыбаларын, онно баар Квантунскай уонна Маньчжоу-Го аармыйаларын үлтүрүтэр былааннаахтара. Ити сэриилэр соруктара – Соҕуруу Сахалины уонна Курил арыыларын, дьоппуоннар бас билэр Кореяларын портарын кинилэртэн босхолонуохтааҕа. Маньчжуриятааҕы стратегическай операция үс фроннааҕа.
1945 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр ССРС Японияны утары сэриини саҕалаабыта.
Забайкальскай эрэ буолбакка, 1-кы Дальневосточнай фроннар Илин Маньчжурия хайаларын туораан, Маньчжурия киэҥ иэнигэр сүрүн күүстэрин төттөрү анньыбыттара. Ол байыастара Харбин уонна Гирин (Цзилинь) диэки хайыспыттара, оттон Забайкальскай фронт күүстэрэ Мукден (Шэньян) оройуоннарыгар ыкса тиийбиттэрэ, оттон сүрүн күүстэр салгын десаннара Чаньчунь уонна Порт-Артур (Люйшунь) тиксиилэри бас билбиттэрэ. Атырдьах ыйын 18-19 күннэригэр сэбиэскэйдэр Маньчжурия – Харбин, Гирин, Чаньчун уонна Мукден куораттары ылбыттара, оттон атырдьах ыйын 22 күнүгэр – байыаннай-муора базаларын Порт-Артуру уонна Дайрены (Дальний) портарын кыайбыттара.
2-с Дальневосточнай фронт байыастара Чуумпу акыйааннааҕы флот муоратааҕы десаннарын көмөтүнэн атырдьах ыйын 16-25 күннэригэр Сахалин арыы соҕуруу өттүн, салгыы атырдьах ыйын 18, балаҕан ыйын 1 күннэригэр – Курил арыыларын ылбыттара. 1-кы Дальневосточнай фронт сэриилэрэ Корея хотугу аҥаарын олохтоохтор бас билиилэригэр туттарбыттара.
1945 с. балаҕан ыйын 2 күнүгэр Япония капитуляциятын туһунан аакта оҥоһуллубута – онон сэрии тохтообута.
Ол эрээри ССРС уонна Япония икки ардыгар төһө да сэриини тохтоттор, эйэлээх илии баттаһыы оҥоһуллубатаҕа. 1956 с. ахсынньы 12 күнүгэр биирдэ сэбиэскэйдэр уонна дьоппуоннар байыаннай утарсыылары тохтотуу декларациятын ылыммыттара.
Сэрии түмүгүнэн 1905 с. Японияттан арахсыбыт Соҕуруу Сахалин, 1875 с-тан Курил арыылара уонна Порт-Артур уонна Дальнай портара Сэбиэскэй Сойууска төннөрүллүбүттэрэ.
Хорсун быһыыларын иһин «Амурскай», «Уссурийскай», «Хинганскай», «Харбинскай» уонна да атыттар, 200 кэриҥэ подразделениелар ааттаммыттара, 92 киһи Сэбиэскэй Сойуус Геройа буолбута.
Икки өттүттэн сэриилэһэр дойдулар сүтүктэрэ:
- ССРС-тан – 36, 5 тыһ. кэриҥэ байыас,
- Японияттан – 1 мөл. тахса саллаат уонна офицер.
Ону таһынан 50 тахса Сунгари флотилиятын суудуналара тимирдиллибиттэрэ.
Итинэн Аан дойду иккис сэриитэ кыайыынан түмүктэммитэ.