САЙЫЛЫКТАН СТАЛИНГРАДКА
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Семен Федорович Борисов, Кыайыы 75 сылыгар тыыннаах тиийбитэ буоллар, төһө эрэ үөрүө-көтүө этэй? Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин Көйүү үрэҕин уола 1942 сыллаахха айгыр-силик айылҕа маанылаах кэмигэр, бэс ыйыгар бэбиэскэ тутан, Нэммэрэ сайылыктан барбыта.
Фроҥҥа тиийбиттэрэ, сир мэктиэтигэр дьигиһийэр, илгистэр, бургучуйар курдук эбитэ үһү. Сталинградскай фроҥҥа 883 стрелковай полка 2-с пантоннай батареятыгар сулууспалаабыта. Өстөөх быыстала суох буомбатын аннынан сылдьан, биһиги байыаннай чаастарбыт Волга өрүһү туоруур муостаны туппуттара.
Үс үллэр үөстээх, быстыбат быйаҥнаах Улуу Өлүөнэ өрүспүт илин эҥээригэр үөскээн-төрөөн улааппыт Семён Борисов 1942 сыл балаҕан ыйын бүтүүтэ хабыр хапсыһыыттан хаҥас илиитин икки тарбаҕын буулдьа хадьырыйан госпитальга киирэр. Арай ол сытан убайын Антон Ильич Борисов–Улахан Бачылланы эмискэ көрсө түһэн, хаһыы-ыһыы бөҕөнү түһэрэллэр, үөрүүлэриттэн куустуһа түһэллэр, дьоннорун, дойдуларын кэпсэтэн, ахтылҕаннарын таһаараллар. Сэмэн өр сыппат, арыычча буолаат, фашистскай Германия өһүөннээхтик, суостаахтык саҕалаабыт, урусхаллаабыт сэриитигэр, фроҥҥа төннөр. Онтон 1943 сыл алтынньытыгар Волга өрүһү туорааһыҥҥа хаҥас атаҕын снаряд оскуолкатыгар тэптэрэн, уһуннук байыаннай госпитальга сытан эмтэнэр. Онтон демобилизация сокуонугар сөп түбэһэн, төрөөбүт Сахатын сиригэр иккис группалаах инбэлиит буолан эргиллэр. Дойдутугар дьоно-сэргэтэ уоттаах сэрии ыар охсуутуттан ас-таҥас тиийбэт, аас-туор олох хаарыйбыт кэмигэр олордохторуна, тиийэн кэлэр. Ийэлээх аҕата, кэргэнэ Кэтириис, тоҕустаах кыыһа Балагыай үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ.
Сэриигэ ылбыт бааһырыыта олоҕун устата эрэйдээтэр даҕаны, илиитин үлэттэн араарбатаҕа, холкуос кытаанах үлэтигэр сылдьыбыта. Илиитин тарбаҕа тоҥон тахсарын иһин, кэргэнэ куобах тириититтэн анал хаа тигэрэ үһү, кыһынын атах таҥаһын үрдүнэн эбии холуоһа кэтэр эбит. Кэлин уоллаах кыыһы төрөтөн, оҕолорун үһүөннэрин үрдүк үөрэхтээн, олох үөһүгэр үктэннэрбитэ. Билигин сиэттэрэ, хос сиэттэрэ кыайыыны уһансыбыт эһэлэринэн киэн тутталлар.
Биир дойдулаахтара 1995 сыллаахха, Кыайыы 50 сылыгар, эйэлээх олох туһугар охсуспут, сэрии муҥун билбит дьоннорун ааттарын үйэтитээри, Нэммэрэ сайылыкка үрдүк монумент туруорбуттара. 2010 сыллаахха Семён Федорович оҕолоро Киимэлээх Катя уон биир харыйаны түөрэн аҕалан, монумент тула олордубуттара. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бэтэрээнэ дьоһун, сэмэй, кэскиллээх олоҕу олорон 1984 сыллаахха олохтон барбыта. Ол сэрии ынырык кэмнэрэ норуот историятыгар умнуллуо суоҕа.
Анна КОЗЛОВА, Дьокуускай куорат