23.05.2024 | 12:00

Сайылык күнүн Дьокуускайга бырааһынньыктаатылар

Сайылык күнүн Дьокуускайга бырааһынньыктаатылар
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 18 күнүгэр Дьокуускайга Орджоникидзе болуоссатыгар Сайылык күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр аастылар. Бырааһынньык бырагыраамата киэҥ этэ: олохтоох бородууксуйа уонна саха таҥаһын дьаарбаҥката, көрдөөх оонньуулар, саха эстрадатын артыыстарын кэнсиэрэ. Халлаан төһө да тыаллаах, оннооҕор хаардаах да буоллар, болуоссакка дьон бөҕөтө мустубута.

Саха сиригэр Сайылык күнэ 2019 сылтан ыам ыйын 22 күнүгэр бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньык саха норуотун уһун үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үгэһин үйэтитии, тыа сирин үлэһит киһитин өрө тутар, инники күөҥҥэ таһаарар сыаллаах олохтоммута. Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн олорор өбүгэлэрбит уһун, тымныы кыһын кэнниттэн, от-мас тыллыыта, сайылыкка көһөн тахсар үгэстээхтэрэ.

Болуоссакка киириигэ араас кыыллардаах, көтөрдөрдөөх контактнай зоопарк дьон, ордук оҕо аймах болҕомтотун тардар. Кроликтары, козаны, барааны, үс ньирэйи ким баҕалаах имэрийэн, аһатан, хаартыскаҕа түһэрэн аастаҕа.

Тэрээһиннэр хас да түөлбэҕэ арахсан аастылар: атыы-эргиэн дьаарбаҥката, оонньуулар, күрэхтэһиилэр, “норуот” хартыынатын кырааскалааһын, кэнсиэр, фотозоналар. Болуоссат ортото “Түргэн куб” оонньуу балаһаакката тэлгэммит, ким баҕалаах элбэх кыра кубиктары аҕыйах кэм иһигэр хомуйарга күрэхтэстилэр. Биир күрэхтэһээччинэн Жоржетта Текеянова буолла:

— Горнай улууһун Маҕараһыттан сылдьабын, “Түргэн куб” оонньууга үһүс кыттыым буолар. Бу бэртээхэй оонньуу, түргэнник хамсанан-имсэнэн, кубиктары дьааһыкка хомуйаҕын, манна сымса буолуохха наада. Былырыын манна кэлэн эмиэ кыттыыны ылбытым, алаадьы астаабытым уонна күрэхтэргэ кыттан бириис бөҕөтүн хомуйан барбытым. Быйыл бэйэм баҕабынан туохха барытыгар кыттабын, эрчиллибэккэ даҕаны кэллим, миэстэ, бириис сүрүн буотах. Сайылык уонна ньургуһун күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэ!

Сценаҕа “Күөххэ үктэнии” алгыс сиэригэр-туомугар түптэни буруолатан, ыалдьыттары алаадьынан күндүлээтилэр. Өссө биир интэриэһинэй дьарык—улахан панно хартыынаны бары бииргэ кырааскалааһын. Кыраттан кырдьаҕаска диэри киистэлэринэн сайылык ойуутун кырааскалаан, норуот айымньытын оҥордулар.

Борис Аммосов:

—Усуйаана оройуонун Силээннэээх бөһүөлэгиттэн сылдьабын. Сайын кэлбит бырааһынньыгар үөрэ-көтө кэллим. Бэрт баҕайы күн буолла, киһи эрэ ыллыы туруох курдук. Маннык панноны уруһуйдууру бэркэ тэрийбиттэр, туттар тэриллэри бэлэмнээн биэрбиттэрин кэннэ ис сүрэхпиттэн уруһуйдаан эрэбин! Бэйэм уруһуйдуур дьоҕурдаахпын, дойдубар уһанабын, сахалыы истииллээх ыскамыайкалары, олоппостору оҥоробун.

“Сайылык күнүн көрсө” тэрээһин саха эстрадатын артыыстарын кэнсиэринэн, көрдөөх оонньууларынан түмүктэннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...