02.06.2023 | 10:00

Сайыҥҥы сөрүүкэтэр утахтар

Сайыҥҥы сөрүүкэтэр утахтар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мохито

мята;

лайм, лимон;

саахар;

муус;

спрайт/содовая/тоник (балартан биирин талаҕыт, спрайтаах  ордук минньигэс);

мята сироп.

Ыстакаан түгэҕэр лимон эбэтэр лайм өлүүскэтин, мята сэбирдэхтэрин уурабыт. Биир кыра ньуоска саахары кутан ньыһыйа түһэбит. Ыстакааммытын муус кубиктарынан толоробут уонна аҥаарынан спрайт/содовай/тоник кутабыт. Мята сиробун эбиэххэ сөп.

Мята сэбирдэхтэринэн киэргэтэбит.

 

Тымныы кофе

Тымныы кофены иһии кэнники сылларга киэҥник тарҕанна. Биһиги түөрт көрүҥүн оҥорон көрүөхпүт — айс-кофе, эспрессо-тоник, бамбл-кофе уонна пепсилаах кофе. Саҥа оргутуллубут сибиэһэй кофе ордук барсар, ол эрэн көннөрү ууга суураллар кофенан да оҥоруохха сөп.

Асй-кофе. Ыстакааммытыгар бастаан муус угабыт, 150 мл үүт кутабыт, кокос сиробун уонна 50 мл кофены аргыыйдык сүүрдэн кутабыт.  Уһугуннарар, сөрүүкэтэр сайыҥҥы кофе бэлэм.

 

Эспрессо-тоник. Ыстакааммытыгар муус угабыт, воронканы туһанан эбэтэр олох аргыыйдык сүүрдэн кофебытын кутабыт. Онтон 200 мл тоник эбэбит. Лимонунан, мятанан эбэтэр базилигынан киэргэтиэххэ сөп.

Бамбл-кофе оруобуна тониктаах кофе курдук оҥоһуллар, тоник оннугар апельсин утаҕын туттабыт. Тонигы уонна апельсин утаҕын аҥаардаан куттахха, амтана сымныыр. Эмиэ сэргэхситэр, киһини уһугуннарар утах буолар.

Пепсилаах кофе тымныы кофеҕа эбии пепси утах туттуллар. Бу кофе энергетигы солбуйар кыахтаах, ол иһин элбэҕи иһэр сатаммат.

 

«Атланта» коктейль

лайм/лимон;

мята;

муус;

апельсин утаҕа;

пепси/кока-кола.

Ыстакааммытыгар муус кутабыт, 100 мл пепси уонна 50 мл апельсин утаҕын кутабыт – коктейль бэлэм.

 

«Пина колада» коктейль

Сымнаҕас амтаннаах минньигэс коктейль. Эйиэхэ наада:

ананас утаҕа;

20-30% сүөгэй (чөчөгөй, эбэтэр үүт);

саахар 10 г;

кокос стружката.

200 мл ананас утаҕын уонна 100 мл 20-30% сүөгэйи кутабыт, 10 г саахар эбэбит уонна кичэйэн ытыйабыт. Салҕыы муус үлтүрүтэн кутабыт – блендеринэн ньыһыйтарыахха сөп. Өссө биирдэ ытыйабыт. Кокос стружкатын эбэбит.  Бокал кырыытын илитэн баран саахарга умньаан ылыахха, ананас куһуоччуктарынан, түөркэлэммит сакалаатынан киэргэтиэххэ сөп. 

 

Оҕурсулаах, мяталаах коктейль

Гаастаах уу – 3 ыст.;

оҕурсу – 1 уст.;

мята – 3 салаа;

лимон/лайм.

Оҕурсубутун 2-3 мм халыҥнаах слайстарга бысталыыбыт, анал овощерезканан туһаныахха сөп. Лимону уонна лаймы төгүрүктүү чараас гына бысталыыбыт. Мята сэбирдэхтэрин имитэ түһэбит. Барытын кувшиҥҥа уган баран тымныы газировканы кутабыт. Холодильникка сойутан баран иһэбит.

 

«Дайкири» коктейль

200 г сибиэһэй клубника;

1,5 ч. нь. саахар;

Лайм сүмэһинэ;

муус.

Клубниканы блендеринэн пюре буолуор диэри ньыһыйан баран лайм сүмэһинин эбэбит, саахардыыбыт, муус кутабыт. Барытын өссө биирдэ ытыйабыт. Мартини бокалыгар кутан остуолга биэриэххэ сөп.

 

Үүттэн коктейль

Састаабыгар сүрүн астар — мороженай уонна үүт. Ханнык баҕарар фруктаны бэйэҕит көрөн эбиэххитин сөп. Маннык хойуу смузилар күнүскү үссэниини солбуйар кыахтаахтар. Ордук оҕолор сөбүлүүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...