Сайыҥҥы практика: устудьуоннар сахалыы киинэ устуутугар кытталлар
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын (ИЯКН) институтун фольклор уонна култуура кафедратын устудьуоннара “Күүлэй! Үлэ – дьол” диэн саҥа сахалыы киинэ устуутугар практикаларын ааһаллар. Киинэни Мэҥэ Хаҥалас улууһугар уһулаллар, режиссер – Валентин Макаров, институт кафедратын уһуйааччыта.
Айар практика кыттыылаахтара Лия Соркомова – гример, Уйгулана Чярина – костюмер, Диана Петрова – режиссер көмөлөһөөччүтэ, Манчаары Бугаев уонна Айаан Семенов худуоһунньук-реквизитор быһыытынан үлэлииллэр. “Биһиги практикабыт сылга иккитэ ыытыллар. Урукку өттүгэр сүрүннээн «Арчы дьиэтэ» Култуура уонна духуобунас киинигэр үлэлиир этибит. Быйыл бэһиэ буолан артыыс сатабылын уонна режиссер идэтин үөрэтэр Валентин Макаров киинэтин устуутугар үлэлиибит. Саҥа хартыынаны оҥорууга кыттар олус интэриэһинэй эбит, бу дьарыктан биһиги бары астынабыт”, – диэн Лия Соркомова санаатын үллэһиннэ.
Киинэ аата – “Күүлэй! Үлэ – дьол”. Валентин Макаров эрдэ бэлиэтээбитин курдук, бу бүтүн дьиэ кэргэнинэн көрөргө аналлаах кэмиэдьийэ. Дьиэ кэргэн сыаннастарын, ону тэҥэ үгэс буолбут дьарыктары уонна илии үлэтин киэҥ араҥаҕа таһаарар аналлаах.
Манна куорат уола Ньургун дэриэбинэҕэ айанныыр. Кини онно доҕорун, фитнес-блогер Сарыалы, “Күүлэй” улуустааҕы от охсуу күрэҕэр өйүөхтээх. Дьарык кэмигэр Сарыал эчэйэр, оттон нэһилиэккэ атын эр дьон суох буолан, дэриэбинэ дьаһалтата Ньургунтан Сарыалы солбуйарга көрдөһөр. Тоҕо диэтэххэ бу күрэхтэһииттэн дэриэбинэ инники дьылҕата быһаччы тутулуктаах. Үйэтигэр оттооботох, илиитигэр хотууру туппатах куорат уола тыа дьонун кытта куоталаһара саарбах. Ол эрээри дьарык кэмигэр Ньургун ураты дьоҕура арыллар уонна кыайыыга эрэл үөскүүр.