Сайыҥҥы оонньуулар
Оҕо эрэ барыта сайын таһырдьа талаһар. Көмпүүтэр иннигэр бүгэн олоруохтааҕар чэдбик салгыҥҥа сүүрэ-көтө сылдьар үчүгэйиэн! Бу оонньуулары балтыларгын, бырааттаргын, эдьиийдэргин-убайдаргын, доҕотторгун кытта оонньоо, сынналаҥҥын умнуллубаттык атаар!
“Итии хортуоска”
Элбэх буолан оонньуур ордук. Оонньооччулар төгүрүччү тураллар уонна бэйэ-бэйэлэригэр мээчик бырахсаллар. Ким хаппакка, мээчиги сиргэ түһэрбит киһи тобуктаан олорор. Турбакка, олорон эрэ мээчиги хаба сатыахтаах. Оччоҕуна биирдэ билиэнтэн тахсар. Маннык “ыстарааптаммыт” оонньооччу ахсаана хас да буолуон сөп. Кинилэртэн биир эмэ оонньооччу мээчиги хаптаҕына, бары босхолоноллор.
Көтөр мээчик
Кыттааччылар төгүрүччү, бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи соҕус тураллар уонна мээчиги бырахсаллар. Ыытааччы ортолоругар киирэр уонна мээчиги таарыйа сатыыр. Өскөтүн кини мээчиги илиитинэн туттаҕына, хотторбут киһи оннугар оонньууга киирэр.
Миигин үтүгүн
Бу элбэх буолан күлэ-үөрэ түһэргэ үчүгэй, туох да уустуга суох, көрдөөх оонньуу. Саамай сүрүнэ – тэтимнээх муусука. Төлөпүөҥҥүтүгэр баар ырыалары холбуугут. Ыытааччы эһиги иннигитигэр турар уонна үҥкүүлүүр. Ону үтүктүөхтээххит. Бастаан судургу хамсаныылартан саҕалааҥ. Сатаан үтүктүбэт эбэтэр ыытааччыттан хаалар оонньооччулар туораан иһэллэр.
“Тураах”
Ыытааччы хараҕын баайаллар уонна көхсүнэн туруораллар. Хас биирдии оонньооччу киниэхэ чугаһыыр уонна санныттан таарыйар. Ыытааччы: “Тураах, дааҕынаа!” – диэн соруйар. Оччоҕуна кини аттыгар турар оҕо куолаһын уларытан хаһыытыахтаах. Ыытааччы “турааҕы” таайдаҕына кыайар уонна оруолларын атастаһаллар.