Сайсарыга - көҕөрдүү үлэтэ
Дьокуускай куоракка бэс ыйын 1 күнүттэн көҕөрдүү үлэтэ уокуруктарынан, тэрилтэлэринэн ыытылла турар.
Сайсарыга, бу сылга киирэн баран, куорат хааһынатыттан уокуругу тупсарыыга 564 833,75 суумалаах үп көрүллүбүт. Ол курдук, аҥаардас сибэкки олордуутугар 337 821, 75 солкуобай суумалаах үп көрүллэн, 140 000 устуука сибэкки олордуллуохтаах. Оттон мас уонна талах арааһын олордорго 127 848,60 суума көрүллэн, 2 500 устуука мас уонна талах арааһа олордуллара былааҥҥа баар. Бу уокурукка сүрүннээн «Журавли над Ильменем», «Бриллиантовое Сэргэ», «Девочка с олененком», сквердэргэ көҕөрдүү үлэтэ ыытыллыахтаах. Ону сэргэ, уопсастыбаннай сирдэргэ, уулуссаларга, тэрилтэлэр, салайар хампаанньалар иннилэригэр бэйэлэрин күүстэринэн эмиэ тупсарыы үлэлэрэ, сибэкки, мас олордуута тиһигин быспакка ыытыллыахтаах.
Мария Афанасьева, Сайсары олохтооҕо:
–Мин төрүт куорат олохтооҕобун. Үйэм тухары бу Сайсары уокуругар олорон кэллим. Ол тухары элбэх салайааччы үлэлээн ааста. Мөлтөх да, үлэлэригэр бэриниилээх салайааччылар да бааллара. Уокуругу тупсарыы үлэтэ кэлиҥҥи уон сылларга дьэ ыытыллан, хамсааһын тахсан эрэр диэххэ сөп. Туох кистэлэ кэлиэй, үлэҕэ итэҕэс-быһаҕас элбэх буоллаҕа. Ол барыта салайааччы төһө тэрийэр дьоҕурдааҕыттан, хаһаайыстыбаннайыттан тутулуктаах дии саныыбын. Биһиги уокурукпутугар киһи сэргиир тутуулара, сквердэрэ тутулуннулар. Көҕөрдүү туһунан эттэххэ, ол өттүгэр үлэ арыый бытааннык барар. Ити мин тус санаам. Биллэн турар, тустаах тэрилтэлэр көҕөрдүү өттүгэр бэйэлэрин территорияларын сайыҥҥы кэмҥэ сүрдээҕин киэргэтэллэр, тупсараллар. Сааһын, күһүнүн мас бөҕөтүн олордоллор. Ол эрэн, киһи хомойуох, олордуллубут мастартан үксэ, үчүгэй көрүүтэ-харайыыта суох буолан, иинэн-буомуран, ситэ үүммэккэ хатан хаалар. Дьон олорор уопсай таас дьиэлэрин иннигэр оннук улаханнык сибэкки олордуута, көҕөрдүү үлэтэ барбат дии саныыбын. Сорох ыалларбыт подъезтарын иннигэр бэйэлэрин күүстэринэн сибэкки арааһын олордоллоро көстүүнү тупсарар. Уокурукпут киэн туттуута – сквердэрбит диэхпин сөп..