Сайсары уокуругар өйдөөх светофордары туруорары былаанныыллар
Сайсары уокуругар өйдөөх светофордары «Биир ньыгыл Арассыыйа» «Куттала суох суоллар» бырайыагынан туруорары былаанныыллар. Маннык светофордар уулусса-суол ситимигэр тырааныспар харыытын 20-30% намтаталларын күүтэллэр.
«Куттала суох суоллар» бырайыак координатора Руслан Очиров иһитиннэрэринэн, уокурук управатыгар маныаха аналлаах сүбэ мунньах буолан ааспыт. Куорат уулуссаларыгар тырааныспар өйдөөх систиэмэтин (ИТС) киллэриини ордук элбэх нэһилиэнньэлээх Сайсары уокуругуттан саҕалыырга былааннаммыттар.
Сонун систиэмэни киллэрии тула мунньахха Куорат дууматыгар Сайсары уокуругуттан дьокутаат Владимир Слепцов, Москваттан «Спецдорпоект» тэрилтэ дириэктэрэ Никита Никитаев, Наукалар Академияларын сүрүн научнай үлэһитэ Василий Охлопков, Олохтоох дьаһалта тырааныспар инфраструктуратыгар уонна суол хаһаайыстыбатыгар управлениетын начаалынньыга Василий Амбросьев, «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия олохтоох салаатын ситэриилээх сэкирэтээрэ Андрей Данилов кыттыыны ыллылар, диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия телеграм-ханаала иһитинэрэр.