Сайсары уокуругар саҥа хочуолунай аһылынна
Бүгүн Сайсары уокуругар «Лермонтова 200» саҥа хочуолунай аһылынна. Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куорат баһылыга Сардана Авксентьева, ОДьКХ боппуруостарыгар баһылык солбуйааччыта Роман Сорокин, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Кырджагасов, «Теплоэнергия» АУо сүрүн инженерэ Сергей Малышов, депутаттар, тэрилтэ үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар. Бу туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сардана Авксентьева тыл этэригэр Сайсары уокуругун 93-с, 94-с кыбаарталларыгар билигин үгүс тутуу бара турарын, манна итиинэн, уунан хааччыйар саҥа хочуолунай олус наадалааҕын бэлиэтээтэ.
"Аныгылыы тутуулаах эбийиэги үлэҕэ киллэрбит, 200 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суумаҕа бэйэтин суотугар туппут «Теплоэнергия» кэлэктиибин хайҕыахпытын баҕарабыт. Бу өрөспүүбүлүкэ киин куоратын 93-с, 94-с кыбаарталларыгар сайдыы саҥа саҕахтара”, – диэтэ куорат баһылыга.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ хочуолунай Владимир Сергеевич Назаров аатын сүгүө диэн биллэрдилэр. Кини олоҕун тиһэх күнүгэр диэри тэрилтэ сүрүн инженеринэн үлэлээбитэ.
Сардана Авксентьева тэрилтэ киин куорат коммунальнай хаһаайыстыбатын, теплоэнергетикатын сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит, өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээбит бэтэрээннэрин аатын үйэтитэрин хайҕыырын биллэрдэ.
“Теплоэнергия” АУо сүрүн инженерэ Сергей Малышов үс сыллааҕыта, Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 385 сылыгар, хочуолунай бастакы сыбаайата түһэриллибитин ахтан ааста.
Тэрээһин үөрүүтүн бастыҥ үлэһиттэри грамотанан, махтал суругунан наҕараадалааһын үрдэттэ.
«Лермонтова 200» хочуолунай – 730 кв.миэтэрэ иэннээх, 39 мегаватт кыамталаах үрдүк технологиялаах хочуолунан хааччыллыбыт аныгы тутуу. Үөлэһэ 65 миэтэрэ үрдүктээх эбийиэк ыксаллаах быһыыга-майгыга дизельнэй оттугунан үлэлиэн сөп.