11.06.2024 | 17:00

Сайсары уокуруга ырааһырдыыга улахан суолтаны уурар

Сайсары уокуруга ырааһырдыыга улахан суолтаны уурар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат бары уокуруктара ырааһырдыыга, тупсаҕай көстүүгэ күүскэ ылсан үлэлииллэр. Сайсары уокуругун уопсастыбаннаһа уонна көхтөөх ыччата Ильменскэй уулуссаҕа тутулла турар саҥа спорт комплексын территориятыгар субуотунньуктаатылар.

Саҥа баараҕай спорт комплекса “Ивушка”" уонна “Кэскил” оҕо уһуйааннарын икки ардыларыгар тутулунна. Уокурук  бары олохтоохторугар олус күүтүүлээх эбийиэк биһиги куораппытыгар ахсаанынан тохсус оҕо-ыччат спордун оскуолата буолуоҕа.

Субуотунньук бүтүүтэ саҥа эбийиэк дириэктэрэ Василий Рязанскай кыттааччылары таһаарыылаах үлэлэрин иһин пловунан күндүлээтэ, инники былааннарын билиһиннэрдэ.

Санатар буоллахха, саҥа эбийиэк бэрт сотору нэһилиэнньэҕэ аанын тэлэччи арыйыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...