12.09.2020 | 07:12

Сайдыы саҕахтарын арыйар ини-бии Лугиновтар

Сайдыы саҕахтарын арыйар ини-бии Лугиновтар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу саас Сербияҕа олорор саха оҕолоро сахалыы мультик таһаарбыттарын бары да биһирии истибиппит. Биир дойдулаахтарбыт төрөөбүт тылбытын сайыннарар саргылаах санааларын, ийэ тыл кэскилин кэҥэтэр дьоһун хардыыларын, кэрэхсэбиллээх саҕалааһыннарын хаһыакка суруйан үйэтитэбит. Билсиҥ, бүгүҥҥү ыалдьыттарбыт – Дуолан, Айсен Лугиновтар. 

– Төрөппүттэрбит биһигини кыра эрдэхпититтэн сахалыы тыыҥҥа ииппиттэрэ. Төһө кыалларынан олоҥхоҕо, саха төрүт култууратыгар сыһыара сатаабыттара. Аҕабыт Эдуард Васильевич өр кэмҥэ култуура миниистирэ Андрей Саввич Борисов көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ. Ийэбит Анастасия Михайловна Олоҥхо киинигэр үлэлээбитэ. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт, бары сахалыы ааттаахпыт: Дуолан, Айсен, Ньургун.

Оҕо сылдьан ийэ олоҥхоһуттары илэ харахпытынан көрбүт, эт кулгаахпытынан истибит дьоллоохпут. Биирдэ Олоҥхо күннэригэр Намтан кэлбит олоҥхоһуттары ийэбит дьиэбитигэр хонноро аҕалбыта. Ол киэһэ уус-уран тыл умсулҕаныгар умсубуппутун билиҥҥэ диэри умнубаппыт. Аҕабыт ардыгар киэһэ олоҥхо ааҕарын өйдүүбүн, – диэн кэпсэтиибитин Дуолан саҕалыыр.

Ийэ тылтан тирэҕирэн

– Биһиги кыра сырыттахпытына билиҥҥи курдук үөрэтэр-сайыннарар мультик элбэх буолбатах этэ. Үксүн күлүүлээх, көрүдьүөс, холобур, “Губка Боб Квадратные штаны” көтүппэккэ көрөрбүт. Дисней үлэлэрин эмиэ кэрэхсиирбит. “Король Лев” олус сөбүлээбиппит.

Саха оҕото атын омук оҕолоруттан улахан уратыта суох дии саныыбын. Дьэрэкээн ойуулаах, үчүгэй музыкалаах мультиктары сэргиир.

Хомойуох иһин, сахалыы мультик, сайыннарар биэрии олус аҕыйах. Ол иһин оҕолор нууччалыы, омуктуу видеолары көрөллөр. Төрөөбүт тылларын умналлар, ийэ тылларынан кэпсэппэт буолаллар. Бу сытыы кыһалҕа. Ити үчүгэй хаачыстыбалаах сахалыы контент суоҕуттан дии саныыбын. Биһиги бэйэбит ону билэн турардаахпыт. Кыра бырааппыт Ньургун ютубка английскай тыллаах мультиктары көрөрө, омуктуу саҥарар буолбута. Ити кыһалҕаны хайдах эмит быһаарбыт киһи диэн санааҕа кэлбиппит. Ол кэмҥэ 2Д анимацияҕа үөрэммит буоламмыт, бастакы сериябытын ыарырҕаппакка саҕалаабыппыт.

"Игирэчээс кулунчуктар"

Сүрүн геройдарынан кулунчуктары талбыппыт. Тоҕо диэтэххэ сахаларга сылгы, Дьөһөгөй оҕото ытык кыыл буолар. Аан дойдуга аатырбыт “Свинка Пеппа” диэн мультик холобурунан дьэрэкээн уонна минимализм истииллээх оҥоро сатаабыппыт.

Сарыал уонна Сардаана – 5 саастаах игирэчээс кулунчуктар. Мультикпытыгар саха ыалын күннээҕи олоҕун көрдөрөбүт. Хас биирдии серия иитэр-үөрэтэр, саха култууратын билиһиннэрэр ис хоһоонноох.

Биир серияны уопсайа биир ый курдук оҥоробут. Бастаан сценарий айыллар. Ийэбитин кытта суруйабыт. Ону көрөн театр артыыһа Гаврил Менкяров дьиэ кэргэнинэн саҥардаллар, ол кэмҥэ иллюстрациялары балтыбыт Августина Семенова оҥорор. Барыта бэлэм буоллаҕына биирдэ анимациябытын саҕалыыбыт. Иллюстрациялары Adobe illustrator, оттон анимацияны  Adobe After Effects бырагыраамаҕа оҥоробут. Хас биирдии сериябытын тупсара, ситэрэ, толоро сатыыбыт.

Уопсайа биэс серияны таһаардыбыт. Ол тухары дьонтон элбэх биһирэбили ыллыбыт. Чиэһинэйдик эттэххэ, итиччэ элбэх киһи сөбүлүө дии санаабатахпыт. Араас редакциялартан интервью ылаары суруйаллар, спонсордар бэйэлэрэ тахсаллар. Өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа сайтарыгар биһиги туспутунан ыстатыйалар тахсыбыттара.

Айар куттаах айтишниктар

Айти эйгэтин баһылыан баҕалаах уолаттар өссө айар куттаахтарын соһуйа истэҕин. Бырагыраама тылынан эрэ кэпсэтэр сэргэх сэһэргэһээччилэрбит уус-уран тылга, айар, суруйар дьоҕурдаахтара ордук кэрэхсэтэр.    

– Мин бырааппыныын оскуолаҕа бииртэн биир үчүгэй учууталга түбэспиппит. Алын сүһүөххэ Дьокуускай куорат 17-с №-дээх оскуолатыгар сахалыы кылааска Галина Семеновна Гаврильеваҕа үөрэммиппит. Кини элбэхтик аахтарара, кэпсиир дьоҕурбутун сайыннарара. Орто сүһүөххэ уонна үрдүкү кылаастарга 12-с №-дээх оскуолаҕа көспүппүт. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр бастыҥ учууталларга уһуйуллубуппутунан киэн туттабыт. Ол курдук, Александр Константинович Чиряев оҕону бары өттүнэн сайдыылаах киһи гынан иитэр ураты систематынан такайыллыбыппыт. Сайын аайы математика кылаастара ыытыллаллара. Онно Москваттан преподавателлэр кэлэн үөрэтэллэр этэ. Күһүн, кыһын, саас, сайын араас айаннар-сырыылар тэриллэллэрэ. Бэһис кылаастан саҕалаан, онуска диэри Саха сирин араас улуустарынан экспедицияҕа сылдьарбыт. Ол  биһиэхэ элбэх билиини-көрүүнү биэрбитэ.

Саха тылыгар уонна литературатыгар Клара Борисовна Ксенофонтоваҕа үөрэммиппит. Кини сахалыы элбэхтик ааҕарга, санааны сатаан сааһылаан суруйарга такайар, идэтигэр ураты бэриниилээх учуутал. Кини көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттан, уус-уран суруйуум "Бастыҥ айымньы" ааты ылбыта. Өйтөн суруйуу, эссе көрүүлэригэр эмиэ хаста да бириистээх миэстэҕэ тиксибиппит. 

Быраатым Айсен 12 сааһыттан уруһуйдуур дьоҕурун сайыннарбыта. Оскуолаҕа учууталлара өйөөн, бастакы персональнай быыстапкатын тэрийбиттэрэ. Онон учууталларбытыгар махталбыт муҥура суох.

Айсен үлэлэрэ

Дойду сылаас ахтылҕана

– Сербия климата олус үчүгэй. Дьиэ таһыгар фрукта арааһа үүнэр. Вишня, черешня, абрикос, слива, дьаабылака, груша, айва, грецкэй эриэхэ, о.д.а. Сербтэр олус эйэҕэстэр, үлэһиттэр, Арассыыйаны ытыктыыллар. Биллэн турар, дойдубутун олус ахтабыт. Кыраныысса аһылыннаҕына тиийэ сылдьыахпыт диэн эрэнэбит.

Дьокуускайга дьиэ кэргэнинэн Синнабоҥҥа сылдьарбытын сөбүлүүр этибит. Белградка оннук ресторан суох. Ол иһин бэйэбит астыыбыт.

Үөрэниэххэ, үүнүөххэ-сайдыахха

Киһи инники олоҕо, кэскилэ оҕо сааһыттан, ис эйгэтэ дьиэ кэргэниттэн саҕаланар. Оҕо хас биирдии хардыытын,  саҕалааһынын ийэлээх аҕата өйүүр буоллаҕына, бэйэтин кыаҕар эрэл үөскүүр, көччөх гына көтөрүгэр кынат үүнэр.   

– Иллэҥ кэммитигэр дьиэ кэргэнинэн араас бырайыактары толкуйдуубут, ону ырытыынан дьарыктанабыт. Аныгыскы сылга, биэс-уон сылларга былааммытын толкуйдуубут. Хайа өттүнэн сайдарбытын, тугу оҥорорбутун кэпсэтэбит.

Иккиэн IT эйгэтигэр барар санаалаахпыт. Айсен хаартыскаҕа түһэрэр орто оскуолаҕа киирбитэ. Мин IT куурустарга сылдьабын. Билиҥҥитэ университекка үөрэнэр былааным суох.

"Мэлдьи үөрэниэххэ, үүнүөххэ-сайдыахха" диэн санаанан кынаттанан, саҥа хайысхаларга ылсан, ыарахаттартан чаҕыйбакка, иннибит диэки баран иһэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...