12.09.2024 | 16:00

«Сатабыл-2024»: көлүөнэ ситимэ баар!

(Хатаска тырахтарыыстар күрэхтэрэ үгэскэ киирэригэр эрэлбит улахан)
«Сатабыл-2024»: көлүөнэ ситимэ баар!
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Хатас нэһилиэгэр кытаанах үлэҕэ сылдьар эр дьон, ол эбэтэр механизатор, өссө чуолкайдаан эттэххэ, тырахтарыыс идэлээхтэр икки ардыларыгар биллэриллэр «Сатабыл» күрэх иккис сылын өрө көтөҕүллүүлээхтик, күүрээннээхтик буолан ааста.

Күрэхпит биир саамай уталыйбат ирдэбилэ диэн күн-дьыл туругуттан тутулуга суох, сылын аайы балаҕан ыйын 1 күнүгэр ыытыллара буолар.  Тоҕо диэтэххэ бу күн биһиги ытыктанар, тумус туттар киһибит, РФ уонна СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай куорат, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Хатас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, олоҕун 43 сылын тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар анаабыт, 30 сыл «Хатас» сопхуоска дириэктэрдээбит Федорова Парасковья Павловна күн сирин көрбүт күнүнэн биллэр. 

Е.П. Пермяков салайааччылаах Хатас олохтоох дьаһалтатын уонна В.А. Чепалов дириэктэрдээх Хатастааҕы “Тускул” КК көҕүлээһиннэринэн, Н.В. Слепцов дириэктэрдээх  Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан оскуола кэлэктиибин, Парасковья Павловна төрөппүт уола СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна,  СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, Моисеевка түөлбэ салайааччыта, Хатас бэтэрээннэрин сэбиэтин чилиэнэ Г.К.  Иванов өйөбүллэринэн ыытыллар тэрээһиммит сарсыарда уон чааска Хатас нэһилиэгин түмэлин тиэргэнигэр турар Парасковья Федорова бүүһүгэр сибэкки дьөрбөтө уурууттан саҕаланна.

Сүрүн бириис – убаһа

Үөрүөхпүт иһин, сайаапка киириитэ көхтөөх уонна түргэн буолан биэрдэ, барыллаан кыттыа диэбит дьоммут сөбүлэһэн, сонно тута бэлэмнэнэн барбыттара.

Күрэххэ уопуттаах дьоммутун сэргэ, олох эдэр эбэтэр орто көлүөнэ бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Үксэ биир көлүөнэ уолаттар, олор истэригэр удьуор утумун тута сылдьааччылар бааллара ордук үөрдэр. Манна эбэн эттэххэ, бу тэрээһин оскуолаҕа трактороведение олус наадалааҕын өссө биирдэ бигэргэттэ. Ол курдук 1982-83 сылларга төрөөбүт уолаттар бары Колосов Борис Егоровичка махталлара улахан. Аны удьуор диир буоллахха, уон оҕолоох Клавдия, Иван  Пермяковтар сыдьааннарын эбэтэр Николаевтар династияларын утумнааччыны уо.д.а. ааттыахха сөп.

Сүрүн бириис – убаһа хаһаайына бастакы миэстэни ылбыт Тихон Нохсоров буолла. Манна даҕатан эттэххэ, кини былырыын иккис миэстэ буолбута. Кыайыылаах үөрүүтүн ийэтэ, эдьиийдэрэ, хаан-уруу аймахтара, ону таһынан үлэҕэ-хамнаска, чуолаан тиэхиньикэҕэ уһуйбут, уһуйа сылдьар Василий, Николай Соловьевтар эмиэ тэбис-тэҥҥэ үллэһиннилэр.

Иккис миэстэҕэ  былырыыҥҥы көрдөрүүтүн лаппа тупсарбыт (былырыын үһүс буолбута) уопуттаах, эдэрдэр таптаан ааттыылларынан, “аксакал” Федот Рожьевич Николаев тахсан, бары даҕаны сүргэбит көтөҕүлүннэ.

Үһүс бочуоттаах миэстэни орто көлүөнэ бэрэстэбиитэлэ Систир Алексеев ылла. Манна даҕатан эттэххэ, кини бу күрэххэ бэйэтин кытта тэҥҥэ үлэҕэ-хамнаска, тиэхиньикэҕэ сыһыара, үөрэтэ-такайа сылдьар уола Роберт Карамзин кыттыбыта олус диэн кэрэхсэбиллээх.

 

Спонсордарбытыгар махтанабыт

Хайа баҕарар күрэх, күөн көрсүһүү бириистэрэ тэрээһин биир көҕүлүүр күүһэ буоларын бары даҕаны өйдүүбүт. Быйылгы күрэхпит сүрүн спонсордарынан норуот итэҕэлин, эрэлин ылан, дьон-сэргэ олоҕун хаачыстыбата үрдүүрүн туһугар  үлэни-хамнаһы сүрүннүүр  Ил Түмэн дьокутааттара Егоров Владимир Анатольевич, Федоров Валерий Иннокентьевич  буолбуттара ордук үөрүүлээх.

Сүрүн бириистэн ураты иккис миэстэҕэ Сивцев Иван Константинович дириэктэрдээх “Баҕарах” ХЭХ кэлэктиибэ туруорбут ньирэйэ хотонноох, даллаах, кыбыылаах, хаһаас оттоох, быйыл оттоммут ото тиэргэни толору тиэллибит Николаевтарга кыстыаҕа, сүөһүлэригэр эбии буолуо. Үһүс миэстэҕэ Хатастааҕы сибиинньэ комплекса туруорбут 50 киилэ сибиинньэ этэ Алексеевтар дьиэ кэргэннэрэ бородууктанан хааччыллыыларыгар, кыстык эттэригэр эбии буолара саарбаҕа суох. Төрдүс миэстэҕэ тахсыбыт Андрей Осипов П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата туруорбут (дириэктэр Н.В. Слепцов) 30 киилэ ыйааһыннаах сибиинньэ оҕотун тутта.

Парасковья Павловна Федорова уола Иванов Герман Ксенофонтович дьиэ кэргэнин аатыттан эдэр кыттааччылартан биирдэстэригэр – Артем Степановка “Штиль” хампаанньа мотуордаах от охсор тэрилин бэлэхтээбитин ытыс тыаһынан көрүстүбүт. Дмитрий Пантелеймонович Андреевка үүт туттарааччы дьиэ кэргэттэр ааттарыттан харчынан бириэмийэ туттарылынна. Маны таһынан күрэх кыттааччылара дьиэ кэргэттэриттэн, аймах-билэ дьонноруттан анал бириистэри тутаннар, үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ үксээтэ.

 

Кыайыылаахтар тустарынан аҕыйах тылынан

Нохсоров Тихон Устинович  – 2000 сыллаах төрүөх, саамай эдэр кыттааччы. Тихон иитиллибит дьиэ кэргэнэ дьиҥ чахчы көлүөнэ ситимин ыһыктыбакка, хас да көлүөнэ дьон буолан бары бииргэ эн-мин дэһэн олорор. Сүөһүнү-сылгыны таһынан түргэнник улаатар көрүҥнэри – куруолугу, кууруссаны туталлар, оҕуруот аһын олордоллорун туһунан этэ да барбаккын. Кинилэр – ким тиэхиньикэҕэ, ким  олордууга-үүннэриигэ, ким сүөһү көрүүтүгэр, ким куйаар нөҥүө аныгы технологиялары баһылаан, бары бииргэ саба түһэннэр тиэхиньикэ арааһын кыайаллар-хотоллор, тутууларын бэйэлэрэ туталлар, дьиҥ сахалыы дьаһанан олорор аныгы ыаллар буолаллар. Бу барыта оҕону үлэнэн иитии-үөрэтии үтүөтүн чаҕылхай туоһута.

Николаев Федот Рожьевич  – алта уонча  саастаах, этэргэ дылы, анараа үйэ саҕаттан “Үлэ – үөрүү, үлэ – дьол, үүнэр-сайдар суол” диэн өйдөбүл этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар иҥмит, Николаевтар механизатор династияларын чаҕылхай утумнааччыта, убаастанар, ытыктанар киһибит. Өр сыллаах үлэтин иһин “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына буолбута. Күн бүгүҥҥэ диэри төрүт үгэспитин өрө тутан, кэргэнэ Елена Егоровналыын үрүҥ илгэни үрүлүтэ сүүрдэллэр, эмис эти дэлэтэллэр, тэлгэһэлэригэр оҕуруот аһын арааһын олордоллор. Чөл турук – чөл ас, бэйэни бэйэ хааччыныытын ытыстарын иһиттэн таһаарар ыал. Федот Рожьевич  түргэн-тарҕан туттунуулааҕынан, эйэҕэс-сайаҕас майгытынан, сатабыллааҕынан уос номоҕор сылдьар дьоммутуттан биирдэстэрэ буолар. Быйыл даҕаны хамсаныыта-имсэниитэ сылбырҕа, туттуута-хаптыыта тупсаҕай, ис киирбэх.

Алексеев Систир Семенович – 1982 сыллаах төрүөх, элбэх оҕолоох ыал аҕа баһылыга, оҕуруот аһын (хортуоппуйу) олордор, сыспай сиэллээҕи сыһыы муҥунан сырыһыннарар, хонуу муҥунан хотолдьутар. Тыа сиригэр төрөөбүт буолан,  кыра эрдэҕиттэн муус-мас бэлэмниири, оттууру-мастыыры, дьиэни-уоту дьаһайыыны этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Оскуолаҕа сылдьан мас тардыһыытынан утумнаахтык дьарыктаммыта. Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньууларга төрөөбүт-үөскээбит киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин ааттаппыт өрөгөй түгэннэрдээх. Быйыл Туймаада ыһыаҕын Ытык Дуоҕатын Дьокуускай куорат Аҕа баһылыга Евгений Григорьевка туттарар үрдүк чиэскэ тиксибитэ.

Дьэ, көрөрбүт курдук, үс көлүөнэ тырахтарыыстар тахсан кэллилэр. Ама, ким мантан үөрбэт буолуой! Ол аата көлүөнэ ситимэ баар, ол аата инникигэ эрэл баар, ол аата сатабыл диэн эн сааскыттан тутулуга суох! Ситиһии баҕа санааҕыттан, тулуургуттан, дьулуургуттан, сыалы-соругу таба туруораргыттан, күүстээх үлэттэн-хамнастан кэлэр!

 

https://disk.yandex.ru/i/VTiEdidQBgoD1g

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...