20.05.2021 | 10:41

Сарсыардааҥҥы дьарык сөргүтүлүннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай болуоссаттарыгар уонна сквердэригэр сарсыардааҥҥы сэрээккэлэр дьону-сэргэни түмэн эрэллэр. Дьарыктары тренердэр уонна инструктордар салайан ыыталлар. 
«Сарсыардааҥҥы дьарыктар «Сарсыарданы кыайыыттан саҕалаа – бэйэни кыайыыттан!» диэн сүрүн этиинэн  бараллар. Хас биирдии инструктор бэйэтэ туспа хайысхалаах үлэлиир. Холобур, скандинавскай хаамыы, тайцзицюань, сүһүөх гимнастиката, чэбдигирдэр гимнастика уо.д.а. хайысхалар», – диир СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирин солбуйааччы  Александр Бугаев. 


Бастакы сэрээккэ сарсыарда 6.30 чаастан норуоттар Доҕордоһууларын болуоссатыгар саҕаланар. 
Эти-хааны чэбдигирдэр дьарыктар Ленин, Орджоникидзе уонна Кыайыы болуоссаттарыгар, ону сэргэ Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар, «Туймаада” стадиоҥҥа уонна 17-с кыбаарталга «Меркурий” атыы-эргиэн киинин иннигэр сарсыарда 7 чаастан буолаллар. 
Итиннэ эбии ыам ыйын 24 күнүттэн эрчиллиилэр 7.15 чаастан Саха циркэтин иннигэр буолуохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...