05.07.2024 | 17:22 | Просмотров: 507

Сарсыҥҥыттан 1 кылааска суруйтарыы иккис түһүмэҕэ саҕаланар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Госуслуги» cудаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө маҥнайгы кылааска суруйтарыы иккис түһүмэҕэ от ыйын 6 күнүттэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри салҕанар.
Бу түһүмэххэ эмиэ https://www.gosuslugi.ru нөҥүө сайабылыанньа бэриллэр, ол эрээри ханнык баҕар ордук миэстэлээх оскуолаҕа. 
Сайабылыанньа биэрэргэ төрөппүттэн пааспар, оҕо төрөөбүтүн туһунан сибэдиэтэлистибэ уонна талбыт оскуолаларын аата ирдэнэр. Чопчу ханнык оскуолаларга миэстэ баарын туһунан оскуола официальнай сайтыгар көрүөххэ сөп: https://yaguo.ru/taxonomy/term/134
Сайабылыанньа түмүгэ 5 үлэ күнүн иһигэр биллэр. Оскуола үөрэнээччини ылбытын туһунан иһитиннэриитэ «Госуслуги»  @yaguo_official тус кабинетыгар тахсар, диэн суруйар Дьокуускай куорат Үөрэҕин управлениета.
Бэлиэтээн эттэххэ, судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар сайабылыанньаны эрдэттэн суруйан (черновик) бэлэмниэххэ сөп. Оччоҕуна от ыйын 6 күнүгэр үлэ чааһа саҕаланаатын кытта порталга киирэн, “отправить” эрэ диэн баттыаххытын наада.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.