Сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээхтик хардыылыыр кыһа
Быйыл Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищета төрүттэммитэ 30 сылын туолла. Пандемия мэһэйдээн бэлиэтэммэтэ.
Училище ССРС Госкомспордун бирикээһинэн уонна Саха АССР миниистирдэрин Сэбиэтин уурааҕынан 1990 сыл тохсунньу 25 күнүгэр үөрүүлээхтик аһыллыбыта. Маҥнайгы дириэктэрдэринэн А.М. Братищев, А.А. Тыасытов, тренердэринэн көҥүл тустууга В.Н. Гоголев, П.С. Иванов, боксаҕа А.Ф. Кравченко, Е.М. Фомин үлэлээбиттэрэ. Орто анал уопсай үөрэхтээһин уонна спорка уһуйуу бырагыраамаларынан тэтимнээх үлэ барар. Сыал-сорук – өрөспүүбүлүкэ уонна дойду сүүмэрдэммит хамаандаларыгар үрдүк кылаастаах спортсменнары, идэлэрин профессиональнай таһымҥа тиийэ баһылаабыт спортсменнары бэлэмнээһин. Училищены бүтэрбиттэр физкультура уонна спорт учууталлара, тренердэр буолан тахсаллар.
Инникини түстээһин
Училище улуу бөҕөс Роман Дмитриев аатын чиэстээхтик сүгэр. Ситиһиитэ үгүс. Кэскили түстүүр, эрэллээхтик инники диэки баран иһэр, сайдыы, хамсааһын баар. Спорка көрдөрүүлэр ону арылхайдык кэрэһилииллэр. Тустууктар Петр Юмшанов, Герман Контоев, Виктор Лебедев, боксердар Георгий Балакшин, Василий Егоров, пауэрлифтер Владимир Балынец курдук Арассыыйа спордун үтүөлээх маастардара, 32 норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастардара, сүүстэн тахса Арассыыйа спордун маастардара үүнэн, иитиллэн таҕыстылар.
2005 сылтан күн бүгүнүгэр диэри училище дириэктэринэн, көҥүл тустууга маастарга кандидат, оҕолорго Арассыыйа призера, Ил Түмэҥҥэ дьокутааттаан, патриотическай өйдөөх-санаалаах Алексей Алексеевич Филиппов таһаарыылаахтык, айымньылаахтык үлэлиир. Училище материальнай базата, кыаҕа, кэҥээн улаатан иһэр. Тутуунан күүскэ ылсан, сүүрэн-көтөн федеральнай үбүлээһини туруорсан уонна спонсордар көмөлөрүнэн греко-римскэй тустууга уонна оҕунан ытыыга эбии бэйэлэрэ бас билэр, толору хааччыллыылаах икки спортивнай саалаланнылар. Тэлгэһэлэрин иһигэр оҕунан ытыы балаһаакката, гараж баар буоллулар. Эркээни сиригэр-уотугар кыраһыабай айылҕалаах өрүс үрдүгэр сайыҥҥы спортивнай лааҕырданнылар. Үрдүттэн олорон үөрэнэргэ, эрчиллэргэ табыгастаах усулуобуйа олохтонно. Доруобуйа туругун көрүү-истии, эчэйиилэри ылбыттарга эти-сиини чөлүгэр түһэрии, доруобуйаларыгар хааччахтаахтар спортара, уйулҕаҕа аналлаах кэбиниэт, үрдүк калорийдаах иҥэмтэлээх аһылык тэриллэн, анал үөрэхтээх специалистарынан толору хааччыллыы баар.
Инньэ гынан, училище иитиллээччилэрэ сыыйа сыллата эбиллэн, элбээн иһэр спорт көрүҥнэринэн дьарыктаналлар. Ол курдук, көҥүл тустуу, бокс, оҕунан ытыы, дзюдо, тхэквондо, чэпчэки атлетика, буулдьанан ытыы, хайыһар, греко-римскэй тустуу, ыарахан атлетика, пауэрлифтинг курдук көрүҥнэр кистэлэҥнэрин баһылыыллар.
33 тренер үлэлииллэриттэн, аҥаардарыттан ордуктара Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Арассыыйа үтүөлээх тренердэрэ. Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандаларын тренердэрэ оҕолорго П.С. Иванов, ыччаттарга С.А. Захаров, боксаҕа В.И. Павлов, дзюдоҕа Дамдиндорж Гомбодорж, оҕунан ытыыга А.Н. Тимофеев, В.П. Уваров, Н.Н. Рожин, К.К. Колодезников, Я.Я. Филиппов уо.д.а. баай уопуттаах тренердэр, кинилэри сэргэ эдэрдэр биир кэккэҕэ туран оҕолору уһуйаллар. Бэйэлэрин кэмнэригэр училищены бүтэрбит Андрей Слепцов боксаҕа, Руслан Поисеев тхэквондоҕа оҕолору эрчийэллэр. Кинилэр киһи, спортсмен, тренер буолан тахсыбыт кыһаларын харыстыыллар, эппиэтинэстээхтэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта өйдөһөллөр, түмсүүлээхтэр.
Иитиллээччилэри сүүмэрдээһиҥҥэ биир миэстэҕэ үс-түөрт оҕо баара – спорка болҕомто ууруллуутун, аныгы көлүөнэ ыччат бу спорт кыһатыгар тардыһарын, төрөппүттэр таба өйдүүллэрин көстүүлэрэ. Хоту улуустарга, ордук тустууга, бокска, оҕунан ытыыга үлэ сэргэхсийбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Оҕолору ылыы хас да түһүмэхтэринэн ыытыллар. Тустаах спорт көрүҥэр эрэ буолбакка, үөрэх, бэрээдэк туруктара эмиэ учуоттаналлар. Онон, училищеҕа ылыллааччылар кыһыннары-сайыннары, сыл устата кытаанах тургутууну ааһаллар. Киирии судургута суох. Ити училище администрациятын өттүттэн хаачыстыбаҕа ирдэбил баарын туоһута.
Отут сыл устата 794 оҕо үөрэнэн, училищены 481 оҕо ыччат саастарыгар бүтэрдилэр. Бастыҥнар дойду чемпионаттарыттан, араас таһымнаах күрэхтэһиилэриттэн 1000 тахса, аан дойду түһүлгэлэриттэн 200-кэ кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэри аҕаллылар.
Физкультура уонна спорт эйгэтигэр аан дойдуга тиийэ таҕыстылар. Кытай Хэйлунцзян провинциятын, Монголия Улан-Батор, Соҕуруу Корея Сеул, Япония Токио куораттарын кытта доҕордуу дьыалабыай сыһыаны олохтоотулар. Тэҥ саастаах омук оҕолорун, ыччаттарын кытта билсэллэр, уопут атастаһаллар.
Үөрэтии-иитии умсулҕана
Эргиччи сайдыылаах ыччаты көччөх гына көтүтэн таһаарарга хас биирдии үлэһит, кэлэктиип бүттүүнэ дьулуһар. Болҕомтону тардар, дириҥ ис хоһоонноох, аан бастаан быыбардааһын курдук, үгүс өрүттээх дьаһаллар ыытыллаллар. Куонкурустарга көхтөөхтүк кытталлар. Үөрэнээччилэр дьоҕурдара спорка эрэ буолбакка, үөрэх, культура салааларыгар арылхайдык арыллар. Инньэ гынан, училище аата-суола, рейтинэ үрдээн иһэр. 15 сыллааҕыта Арассыыйа 58 училищеларын ортолоругар 36-с миэстэҕэ турар эбит буоллахтарына, сыыйа бэттэх кэлэн, бүгүн 4-5-с миэстэҕэ сылдьаллар. Училище дириэктэрэ А.А. Филиппов 2015 сыллаахха дойду профессиональнай үөрэхтээһинин систиэмэтигэр “Сыл дириэктэрин” бочуоттаах бэлиэтинэн наҕараадаламмыта түбэспиччэ буолбатах. 2017-2020 сс. профессиональнай маастарыстыба Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларыгар бастакы-иккис миэстэлэри ылбыттара. Михаил Симушин – “Спорт уонна фитнес” олимпиадатын боруонса медалиһа. Инники күөҥҥэ сылдьар Арассыыйа олимпийскай эрэл училищеларын, спорт тэрилтэлэрин уонна үрдүк үөрэх кыһаларын кытта бииргэ үлэлэһэллэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ааттаах-суоллаах бастыҥ спортсмен оҕолор, аатырбыт спортсменнарбыт дэммэккэ, үөрэхтэригэр эмиэ үчүгэйдэрэ, бэрээдэктээхтэрэ, училище иһинээҕи дьаһалларга туора турбакка көхтөөхтүк кыттан иһэллэрэ үөрдэр.
Учууталлар, тренердэр, баспытааталлар училищены бүтэрэн барар оҕолорун үтүө-алгыс тылларынан атаараллар, ханна да тиийдэллэр-сырытталлар, билсэ-көрсө, күндү ыалдьыт быһыытынан кэлэ-бара, сылдьыһа тураллар. Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин ыраах да, чугас да муннуктарыгар физкультура-спорт специалистарын быһыытынан, атын үрдүк үөрэх идэлэрин баһылаан да бараннар, бэйэлэрин сирдэрбэт гына күрэхтэһэллэр, үлэлииллэр. Ону таһынан, нэһилиэктэр баһылыктара, бэрээдэги араҥаччылыыр уорганнар сотрудниктара, тэрилтэлэр төһүү үлэһиттэрэ бааллар. Георгий Балакшин, Виктор Лебедев, Петр Юмшанов – Саха сирин, Арассыыйа тутаах дьоно. Хайа да улууска, оройуоҥҥа үлэҕэ-олоххо кынат анньыммыт училище иитиллээччилэрэ бэйэлэрин үчүгэй эрэ өттүнэн көрдөрөллөр.
Албан аат Музейа
Училищеҕа сүрүн миэстэни Р.М. Дмитриевкэ анаммыт спорт албан аатын Музейа ылар. Кыһа аһыллыаҕыттан тренердээбит, көҥүл тустууга улуу тренер Д.П. Коркин иитиллээччитэ, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС спордун маастара Николай Николаевич Константинов дириэктэринэн үлэлиир. Музей 2015с. Р.М. Дмитриевкэ аналлаах норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга арыллыбыта. Олимпийскай хамсааһын, Саха сирин спордун, училище историялара, биллиилээх бөҕөстөрбүт ситиһиилэрэ, тэлэбиисэринэн кэпсиир-көрдөрөр хроникалар, күрэхтэһиилэр түгэннэрэ, аан дойду уһулуччулаах спортсменнара ыыппыт маастар-кылаастара, архыып матырыйааллара, 3000 экспонаттар, ол иһигэр, олимпийскай, аан дойду мэтээллэригэр тиийэ, элбэх докумуоннар паапкаларга хараллыбыттара көрдөрүүгэ тураллар. Үөрэтэр-эрчийэр сбордарга, күрэхтэһиилэргэ кэлбит ыалдьыттар, омуктар, спортсменнар, судьуйалар, тренердэр “Баҕа санаа” альбомугар бэйэлэрин өйдөбүллэрин суруйан хааллараллар. Үөрэнээччилэргэ анал үөрэхтэр, семинардар, көрсүһүүлэр ыытыллаллар. Устудьуоннар манна кэлэн реферат суруйаллар, дипломнай үлэлэригэр матырыйааллары туһаналлар. Биэс сыл иһигэр 13 тыһ.кэриҥэ киһи сылдьыбыта тиһиллибит. Музей байа-эбиллэ турар, ситиһиилэр кэлэ тураллар.
Спорт уонна пандемия
Аан дойдуну аймаабыт COVID-19 пандемията училище күүрээннээх олоҕун тумнан ааспата. Үөһэттэн кэлбит дьаһалынан үөрэнээччилэр олорор бэртээхэй уопсайдара обсерваторга кубулуйан, онтон ыарыһахтар эмтэнэр стационар-балыыһаларыгар уларыта тутуллан, училище сорох медиктэрэ, техүлэһиттэр балыыһа үлэһиттэринэн буоллулар. Пандемия кэмигэр өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи күрэхтэһиилэр тохтооннор, систиэмэлээх улахан дьарык суох буолла. Иитиллээччилэр, ол иһигэр Саха сирин, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандаларын спортсмен оҕолоро, ыччат дьиэлэригэр олорон, тастан эрчиллэргэ күһэлиннилэр. Ити барыта быйылгы үбүлүөйдээх сылга үөрэтии-иитии систиэмэтигэр сабыдыаллаабыта саарбахтаммат.
Ол да буоллар, дойду киин куораттарыгар күрэхтэһиилэр буола туралларынан, сорох спорт көрүҥнэрин тренердэрэ быыс-хайаҕас буланнар, баар балаһыанньаны өйдөөннөр, үп-харчы булунаннар, хамаандаларын кытта хастыы эмэ ыйга, соҕуруу куораттарга тиийэн эрчиллиилэрин тохтоппотулар, күрэхтэһиилэргэ кытыннылар. Дойду түһүлгэлэриттэн тиһигин быспакка, араас солотуулаах мэтээллэр кэлэ тураллар. Билигин үөрэтэр куорпустарыттан үөһэ этээстэргэ миэстэ таһаарынаннар, барыта 175 иитиллээччи баарыттан, 50 оҕону олордоннор, бу күһүҥҥэттэн дьарыктана олороллор.
Баҕа санаа
Тэрийэр-салайар үлэҕэ үгүс үөрүйэҕи мунньуммут, ырааҕы көрөр киэҥ далааһыннаах өйдөөх-санаалаах училище дириэктэрэ Алексей Алексеевич Филиппов уон биэс сыл устата кэлэктиибин биир хайысхаҕа туһаайан, ыарахаттартан чаҕыйбакка, саҥа суолу-ииһи тобулан, инники диэки барыыны ситиһэр. Биир сүрүн баҕа санаата – соҕуруу, Москва диэки дьарыктанар базаны үөскэтэн, бастыҥнары таһаарыы.
Училище бары үлэһиттэрин, иитиллээччилэрин, үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит!
Көрдөрүүлэр кэлэ турдуннар!