31.08.2020 | 08:03

Сардана Авксентьева нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ киэһэ 19.00 чаастан Дьокуускай куорат баһылыга Сардана Авксентьева инстаграмҥа нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата. Быһа эфиртэн сүрүн этиилэри, санаалары түмэн, кылгатан таһаарабыт.

Оскуолалар

  • Киин куоракка үөрэх дьыла балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаланар. 1-4 кылаас оҕолоро оскуолаҕа үөрэнэллэр, оттон 5-11 кылаастар дистанционнай ньыманан.  Ол эрээри 9, 11 кылаастар консультациялара – оскуолаҕа. Үөрэнээччилэр оскуолаҕа урут-хойут кэлэр буолуохтара (“каскадное расписание”). Балаҕан ыйын 18 күнүгэр диэри, анал дьаһал тахсыар диэри оҕолор маннык үөрэниэхтэрэ.
  • Куорат таһынааҕы оскуолалар үөрэнэр оҕолорун ахсаана аҕыйах, онон биир симиэнэнэн үөрэниэхтэрин сөп.
  • Уопсайынан, оскуола хайдах ньыманан үлэлиирин бэйэтэ быһаарар, Роспотребнадзор ыйыытын-кэрдиитин, сүбэтин тутуһар.

Оҕо уһуйааннара

  • Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлииллэр.
  • Кырачааннар медосмотрдарын бэйэлэрин уһуйааннарыгар бараллар. Оҕо уһуйаана графигы бэйэтэ оҥорор, ыйыталаһыҥ.

Ититии сезона

  • Быйыл куоракка сылааһы хаһааҥҥытааҕар да эрдэ биэриэхпит. Ол курдук, балаҕан ыйын 1-5 күннэригэр Дьокуускай оскуолаларыгар, оҕо уһуйааннарыгар, балыыһаларга сылааһы биэриэхтэрэ.
  • Урут элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ болдьох балаҕан ыйын 15 күнүттэн диэн эбит буоллаҕына, быйыл балаҕан ыйын 7 күнүттэн саҕаланар.

Вакцинация

  • Сыл аайы ыытыллар грипп утары вакцинацияны саҕалыыбыт. Убаастабыллаах төрөппүттэр! Сөбүлэһэр эбэтэр аккаастыыр бырааптааххыт. Ким да модьуйбат. 
  • Коронавирус вакцинатын кытта булкуйумаҥ! Саҥа дьылга диэри оннук вакцина былааҥҥа суох. 

Тырааныспар

  • 1-4 кылаас үөрэнээччилэрин проездной каарталара балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлиэҕэ.
  • Оптуобустар балаҕан ыйын 1 күнүттэн урукку эрэсиимнэринэн үлэлиэхтэрэ.

Балыыһалар, киинэ театрдара 

Элбэх киһи балыыһалар урукку эрэсииминэн хаһааҥҥыттан үлэлиэхтэрин, киинэ театрдара хаһан аһыллыахтарын сураста.

Киинэ театрдарын туһунан: “Мин быһаарбаппын. Туох баар быһаарыныы санитарнай быраастартан тутулуктаах” 

Балыыһалар, поликлиникалар тустарынан: “Балыыһалар үлэлэрин (оннооҕор куораттааҕы балыыһалары) куорат дьаһалтата быһаарбат. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ быһаарар”. 

Мааска туһунан

"Рейдэ мэлдьи ыытыллар. Мааскаҕытын кэтэ сылдьыҥ. Хас биирдии киһи социальнай эппиэтинэһин өйдүөхтээх. Аҕам саастаах дьоҥҥутун санааҥ”.

Сардана Авксентьева:

- “Суруктаргытын, ыйытыыларгытын, көрдөһүүлэргитин, үҥсүүлэргитин директ ыытымаҥ. Олус элбэх кэлэр, барытын кыайан көрбөппүн. Профильбар баар электроннай почтаҕа ыытыҥ”.

- “Куорат генеральнай былаанын уларытарга этиилэргитин күүтэбит”.

- “Бэйэҕитин харыстаныҥ. Илиигитин суунуҥ. Чугас дьоҥҥутун харыстааҥ”.

Быһа эфиргэ куорат олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар, элбэх ыйытыыны биэрдилэр.

Сиһилии “Киин куорат” хаһыат аныгыскы нүөмэригэр тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....