03.09.2020 | 09:41

Сардана Авксентьева II-c Аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнүнэн эҕэрдэлиир

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ытыктабыллаах Дьокуускай куорат олохтоохторо! Сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии кэмин оҕолоро! Дьокуускай куорат дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан II-c Аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин.1945 сыллаахха балаҕан ыйын 2 күнүгэр Япония кыайтарыытынан II-c Аан дойду сэриитэ түмүктэммитэ. Бу сэриигэ уонунан мөлүйүөн киһи сырдык тыына быстыбыта, тыһыынчанан куорат урусхаламмыта уонна мөлүйүөнүнэн киһи олоҕо алдьаммыта.Хаан тоҕуулаах сэрии ыар ыйааһынын Аҕа дойду Улуу сэриитин геройдара – биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит, хос эһэлэрбит сүкпүттэрэ. Кинилэр Арҕаа ньиэмэс фашистарын, Илин дьоппуон милитаристарын кытта кыргыһыыга олохторун толук уурбуттара. Тыылга хаалбыттар, аччыктыыры, тоҥору билиммэккэ, Кыайыыны уһансыбыттара. Кыайыы историятыгар, норуоттары, дойдулары босхолооһуҥҥа сэбиэскэй норуот, биһиги дойдубут суолтата сүҥкэн. Сэрии түмүктэниэҕиттэн 75 сыл ааста, биһиги дойдубут Кыайыыны ыар сүтүктээх көрсүбүтэ. Арассыыйаҕа, Саха сиригэр сэрии алдьархайын билбэтэх дьиэ кэргэн суох. Биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн 62 000 саллаат фроҥҥа аттаммыта, онтон үс гыммыттан биирэ Дьокуускай куораттааҕы байыаннай кэмитиэттэн ыҥырыллыбыта. Үгүстэрэ дьиэлэригэр эргиллибэтэхтэрэ, Ийэ дойдуларын туһугар олохторун толук уурбуттара. Улуу Кыайыы 75 сылынан Дьокуускай куоракка Көлүөнэлэр сыллара биллэриллибитэ. Бүгүн биһиги бэтэрээннэрбитин, сэрии кыттыылаахтарын, тыыл бэтэрээннэрин, сэрии кэмин оҕолорун чиэстиибит. Ийэ дойдубутун өстөөхтөртөн көмүскээбит мөлүйүөнүнэн ахсааннаах сэбиэскэй саллаат, биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын кэриэстиибит. Ытыктабыллаах бэтэрээннэр, эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, чэбдик туругу ис сүрэхпиттэн баҕарабын. Куорат олохтоохторугар или-эйэни, бары үтүөнү уонна этэҥҥэ буолууну!

Дьокуускай куорат баһылыга Сардана Авксентьева

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....