Сардаанабыт туһунан истиҥ тылынан...
Быдан дьылларга быраһаай, Сардаа!
Биһиги кэккэбититтэн туораабыт киһи 40 хонугар ыраах ырайга көтөр диибит. Ол иһин санаабытынан быдан дьылларга бырастыылаһыахтаахпыт, бу киһибит барбытын өйбүтүнэн өйдүөхтээхпит быһыылаах... Сардаананы тиһэх суолугар атаарар күҥҥэ, саҥа оҕолонон тахсыбыт буоламмын, кыайан сылдьыбатаҕым. Ол иһин мин кинини ханна эрэ ыраах айаҥҥа барбытын курдук саныыбын, оннук сүтүк аһыыта-абата арыый атыннык ылыныллар курдук эбит. Куруук ханна эрэ бараары-кэлээри үөрбүт-көппүт настарыанньалаах, сырдык, ыраас эдэр мөссүөнүн өйдөөн хаалыахпын баҕарабын… Кэллиэгэлэр буоларбыт таһынан, аймахтыы буоларбытын билсэн (кини улахан убайа мин эдьиийим кэргэнэ буоларын иккиэн үлэлии сылдьан кэпсэтэн билбиппит), ордук чугас истиҥ сыһыаннаах этибит. Наар “Биһи балтыбыт” диэн ааттыыра. Өрүү көмөлөһөр, сүбэлиир-амалыыр идэлээҕэ. Элбэх айаннарыттан өрүү кэһиилээх кэлэрэ. Үгүс үөрүүлээх, дьоллоох-соргулаах, хомолтолоох, түһүүлээх-тахсыылаах да түгэннэри бииргэ үллэстибиппит. Бэйэ-бэйэбитин өйдөһөр, өйөһөр да этибит. Туохха эрэ санаата түһэн кэлбит, хараастыбыт буоллаҕына кэпсэтэн, санаатын атын хайысхаҕа салайан саарата сатыырым. Эбэтэр кини тоҕо хомойдуҥ, хайаатыҥ диэн өйөбүлүн биллэрэрэ. Хаһыат тахсар күнүгэр киэһэ хойукка диэри хаалан элбэҕи кэпсэтэрбит... Эбиэккэ сарсыарда астаммыт сылаас аһын аҕалан остуол тардара, иһиппитин-хомуоспутун кини дьаһайара… Күн аайы үлэтигэр үөрэ-көтө кэлэр киһи кини этэ, ол иһин эрэдээксийэҕэ хаһан баҕарар тиийдэххэ Сардаана билигин да баар буолуох курдук… Олус оҕомсох буолан, оҕолорум үлэбэр тиийдэхтэринэ наһаа сэҥээрэрэ, мэлдьи кэмпиэт кэһиилээх буолара. Кыыһым кини баттаҕар, киэргэллэригэр ымсыырара, наар “Сардаана наһаа кыраһыабай” диирэ. Уолум уһуйааҥҥа сылдьыбат эрдэҕинэ үлэбэр тэҥҥэ илдьэ сылдьарбын кэллиэгэлэрим өйдүүллэрэ да өйөбүл буолара, оттон Сардаанаҕа хааллара-хааллара онно-манна баран кэлбитим элбэх этэ. Сардаа уолбутун эбиэттэтэн баран күнүскүтүн утутан кэбиспит буолааччы. Ол иһин Сардаана аны суоҕун быһаарбыппар, оҕолорум харахтара уу-хаар баспыта. Кини букатыннаахтыы барбытын киһи өйө-санаата сатаан ылыммат, итэҕэйбэт. Олоҕу таптыыр да этэ, барар-кэлэр үгүс былааннааҕа, бу балаҕан ыйыгар Турциялыыр билиэттэрин олох эрдэ ылынан үөрэн сонунун кэпсээбитэ бу баарга дылы… Ол барыта туолбатаҕа олус кыһыылаах, абалаах.
Игирэтин аҥаара Саргылаананы уоскутар тыл бу орто дойдуга суоҕун билэбин. Ол иһин Сардаана дьиэ кэргэнигэр, эдьиийигэр Саргыга кытаатыҥ, тулуйуҥ эрэ диибин. Сардаана биһиги кинини өйдүүрбүт, үтүөтүк ахтарбыт-саныырбыт тухары сүрэхпитигэр тыыннаах сылдьыаҕа.
Розалия ТОМСКАЯ
Үлэтинэн олорбута
Мин хаһыакка төрдүс сылбын суруналыыһынан үлэлиибин. Бу сыллар тухары Сардаана Ивановнаны олус истиҥ, сырдык уонна уһулуччу киэҥ толкуйдаах киһи быһыытынан билбитим. Аан маҥнай үлэлии киириэхпиттэн ыстатыйа, суруйуу хайдах буолуохтааҕын, хаһыат хайдах таҥылларын барытын кэпсээн, үөрэтэн суруналыыстыка суолугар киллэрбитэ. Сардаана барахсан хаһан даҕаны кыыһыран тымта, быраҕаттана сылдьарын көрбөтөҕүм. Кини куруук наһаа кыраһыабай таҥастаах, баттаҕа көбүс-көнө, мэлдьи мааны буолааччы, эчи, элэккэйэ. Төһө даҕаны миигиттэн аҕам саастаах буоллар, олоҕу көрүүтэ таһыччы атын этэ. Куруук буола турар быһыыга-майгыга барытыгар тэҥҥэ олорсон иһэрэ. Инньэ гынан ханнык баҕарар тиэмэни сэлэһэр буоларбыт.
Сардаана тас дойдуну кэрийэрин, атын омуктар олохторун-дьаһахтарын, култуураларын олус ытыктыыра, интэриэһиргиирэ, хаһыатыгар тиһигин быспакка сырдатара. Турцияҕа көтүөн иннинэ миэхэ хаста даҕаны эрийэн сүбэ-ама ылбыта, ону-маны сураспыта. Дьэ, ол курдук биир үлэ күнүн кэннэ Турция олоҕун-дьаһаҕын туһунан сэлэстибит. Ханнык таҥаһы илдьэ барарын, аһын-үөлүн, итии дойдуга барарынан сибээстээн эми-тому кытта ырытыстыбыт. Турцияҕа тиийэн баран наһаа элбэх хаартысканы ыыппыта, ол хаартыскалара билигин даҕаны бааллар...
Сардаана ханна эрэ баран кэллэҕинэ, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэригэр куруук илии тутуурдаах, өттүк харалаах сылдьааччы. Турцияттан, Москваттан, Питертэн өйдөбүнньүк сувенирдары уонна холодильникка иилиллэр магниттары аҕалбыта.
Эдьиийим барахсан үлэтигэр олус бэриниилээх этэ. Хас биирдии матырыйаалы ырытан, сыаналаан көрөрө. Мин суруйууларбар маҥнай туохха сыыһарбын, тугу ситэ арыйбатахпын хайаан даҕаны быһааран биэрэрэ.
Сардаана Ивановна, чахчы, үлэтинэн эрэ олорбута. Дьон кыһалҕатын, тыын боппуруоһун быһаарартан соло булбата. Кини «суох” диэн тылы төрүт туттубат үгэстээҕэ. Барытыгар саба түсүһэн, сөбүлэһэн иһэр үгэстээҕэ. Эрэдээксийэҕэ куруук хойукка диэри хаалан үлэтин түмүктүүрэ, сыалын ситиһэрэ...
Сардаана Ивановна, уһуктубат уһун уугар сымнаҕастык утуй. Төрөөбүт дойдуҥ буора сымнаҕас тэллэх, сылаас суорҕан буоллун!
Айталина СОФРОНОВА
Киирэн кэлиэ диэн күүтэбин...
Атырдьах ыйын 18 күнэ, сэрэдэ. Сарсыарда үлэбэр тиийэн баран, бассаабы арыйа баттаабытым... Хомолтолоох сонун кэлбит этэ. Хараҕым ирим-дьирим буолан ылбыта, хайдах эрэ ыһыллан хаалбытым. Саатар биир балаһам бэлэмэ суоҕа, оттон хаһыат киэһэ типографияҕа барыахтааҕа. Уопсайынан, ол күн түүл-бит курдук ааспыта.
Былырыын сайын эрэдээксийэҕэ иккиэн эрэ хаалан үлэлээбиппит, кинини кытта онно ыкса билсибиппит. Сэрэдэ күн ууга-уокка түһүү, ыксал-тиэтэл үгүстүк буолара. Мин нэһиилэ сирэйбин суунан, баттахпын тараанан кэлэн олордохпуна, Сардаанам дьэрэкээн былаачыйалаах, уурбут-туппут курдук бүрүчүөскэлээх, таҥаһыгар-сабыгар барсар суумкалаах бэрт холкутук долгулдьуйан киирэн кэлэрэ. Оччоҕуна хайдах эрэ уоскуйа түһэрим. Үлэ көҕү сөбүлүүр дииллэринии, кини баар күнүгэр ордук хорутуулаахтык, таһаарыылаахтык суруйарым. Сороҕор иккиэн саҥата суох чуумпуран үлэлиирбит. Эбиэт диэки бэйэ бэйэбитин көрсөрбүт. Ол аата “аһыахха” диэн бэлиэбит этэ. Ардыгар олус умсугуйан эбэтэр үлэбин үмүрүтэ охсоору, көмпүүтэргэ бүгэн хааллахпына: “Чаһы ырааппыт. Эбиэттиэххэ эрэ”, – диирэ. Итиэннэ утары көрсөн олорон аһыырбыт.
Сардаана үлэтигэр олус бэриниилээҕэ. “Хаһыатым” диэн истиҥник ааттыыра. Киниэхэ чугас тиэмэни биэрдэххэ, хараҕа уоттана түһэрэ. Кими кытта кэпсэтэр буолбутун, хаһан көрсүөхтээхтэрин былаанныы, миэхэ үллэстэ охсоро. Матырыйаала табылыннаҕына, ис иһиттэн үөрэрэ, астынара. “Бэрт былдьаһар норуот сайдыбат” диэн суруйуута ааҕааччы сэҥээриитин ылбытыттан дьолломмута, үчүгэй тиэмэни биэрбиккин диэн махтаммыта. Өссө “Саха киһитэ сэмэй, мин аҕай дэммэт” диэн иккис чааһын таһаарбыта. Куоракка арыгы маҕаһыына элбэҕин, аһыы утахтан дьон олоҕо огдолуйарын туһунан ыстатыйата эмиэ улахан болҕомтону тардыбыта. Вандаллар пааматынньыктары урусхаллыылларын туһунан суруйарга үөрүүнэн сөбүлэспитэ, ол түмүгэр “Сайдыы буолбатах, олох сатарыйыыта!” диэн ааттаах матырыйаал күн сирин көрбүтэ. Итинник сытыы тиэмэлэргэ кини ордук арыллара, үлэтин үтүө түмүгүттэн үгүстүк үөрэрэ. Уопсайынан, Сардаана бэйэтэ миэстэтигэр тиийэн илэ хараҕынан көрөрүн, дьон санаатын хаһыат нөҥүө тиэрдэрин ордороро. Оннук булар-талар суруналыыс этэ.
Ааҕааччыларбыт Сардаана БАГЫНАНОВА диэн илии баттааһыннаах суруйуулары суохтаатахтара, сорохтор хайыы-үйэ сүтэрдэхтэрэ. Суруллубут суоруллубат. Кини итэҕэл, сиэр-майгы, о.д.а. тиэмэҕэ матырыйааллара сахалыы тыллаах суруналыыстыкаҕа бэлиэ суолу-ииһи хааллардахтара...
Сардаана саныырын аһаҕастык этэрэ. Былааҥҥа үксүн суруналыыс ханнык тиэмэни суруйуохтааҕа кытта ыйыллар. Онон сороҕор: “Итинник хааччахтары сөбүлээбэппин”, – диирэ. Хаһыаппытыгар уочаратынан ыйга биирдэ тахсар рубрикалар бааллар. Аны ардыгар уларыйыы-тэлэрийии киирэр, онон барыахтаах балаһа тохтууругар тиийэр. Бу сайын үлэспит матырыйаала нүөмэргэ баппатаҕа, онтон олус хомойбута. Уоппускаҕа барыам иннинэ киниэхэ “иэстээх” курдук сананан, былаан оҥорор кыыска Сардаана балаһатын хайаан да угаар диэн көрдөспүтүм. Хомойуох иһин, балыыһаҕа киирэн хаалбыта...
Киһиэхэ кыра да наада. “Айыына, эн кэлиэххиттэн абыранным, үлэм чэпчээтэ”, “Бэркэ суруйбуккун” диэн хайҕал тылларын эдьиийбиттэн элбэхтик истибитим. “Ити тиэмэни эн ыл, кыайыаҥ”, – диэн эрэнэр киһим кини этэ. Бу сайын уоппускаҕа барарбар: “Эйигинэ суох хайдах буолабыт?” – диэн сайыһа хаалбыта. Онтон хаһан тахсарбын суоттуу охсубута уонна: “Атырдьах ыйыгар эмиэ иккиэн эрэ үлэлиир эбиппит. Чэ, кыайыахпыт, долгуйума”, – диэбитэ.
Сардаана биһикки киэҥ сирдэринэн тэлэһийэрбитин, айанныырбытын олус сөбүлүүрбүт. Ол туһунан үгүстүк кэпсэтэрбит. Кини былырыын Турцияҕа дуоһуйа сынньанан кэлбитэ, бу дойдуну ис сүрэҕиттэн таптаабыта (мин эмиэ). Антальяттан кэлээт, бастакынан эйиэхэ эрийдим диэбитэ. Ол киэһэ Турция туһунан чаастан ордук иэйэ-куойа кэпсээбитэ. Бука, Средиземнэй муора кытылыгар күҥҥэ сыламныырбытын харахпытыгар үгүстүк оҥорон көрбүт буолуохтаахпыт.
Бу сайын Крымҥа чэпчэки сыаналаах билиэт көрдөөн эрэйдэммиппин истэн: “Оо, хойутаабыккын. Мин балаҕан ыйыгар барабын да, билиэппин номнуо ылан олоробун. Көр, эдьиийиҥ курдук эрдэттэн дьаһанар буол”, – диэбитэ. Итиэннэ балаҕан ыйыгар Турцияҕа барарын үөрэ-көтө кэпсээбитэ, онуоха диэри кыраныыссаны аһыахтара диэн эрэх-турах санаалааҕын эппитэ...
Эдьиийим бүтэһик остуолугар тиийэн олорон “мама Сардаана” диир оҕолор сүүрэ-көтө сылдьалларын көрөн уоскуйбутум. Кини туһунан сылаас, истиҥ ахтыылары истэн, кини ситэ оҥорботоҕун тиһэҕэр тиэрдэр дьонноох эбит дии санаабытым.
... Сардаана көмпүүтэрэ хайдах тахсан барбытынан турар. Сороҕор субу үөрэн-көтөн, кэпсээн-ипсээн киирэн кэлиэ диэн күүтэбин. Иччитэх турар остуолун көрдөхпүнэ, итэҕэйиэхпин баҕарбаппын...
Сардаанабыт игирэтэ Саргылаанаҕа, чугас дьонугар кытаатыҥ, тулуйуҥ, эрдийиҥ эрэ диирбитигэр тиийэбит.
Сардаана, быдан дьылларга быраһаай! Ол дойдуга атын олох диэн баар эбит буоллаҕына, онно даҕаны айа-тута, үөрэ-көтө сылдьыаҥ диэн эрэнэбин.
Айыына КСЕНОФОНТОВА