23.03.2021 | 15:20

“Сардаҥалаах Аартык” оҕо-аймах сөбүлүүр түһүлгэтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өктөмҥө А.С.Данилова аатынан “Барҕарыы” култуура Киинэ сылын аайы ыытар өрөспүүбүлүтээҕи «Сардаҥалаах Аартык» диэн ырыа-үҥкүү күрэҕэ быйыл 27-с төгүлүн ыытылынна. Хамсык хааччаҕа буолан күрэх куйаар ситиминэн буолла. 14 улуустан, Дьокуускай куораттан, Табаҕаттан, Чурапчыттан, Амматтан, Тааттаттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Уус-Алдантан, Кэбээйиттэн, Хаҥаластан, Орто Халыматтан, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Сунтаартан, Өймөкөөнтөн, Горнайтан, Үөһээ Дьааҥыттан 466 талааннаах оҕолор илин-кэлин түһүстүлэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах анал идэлээх дьон үлэлээтилэр. Ол курдук, Шишигина Любовь Егоровна – Саха республикатын култууратын туйгуна, А.Е.Кулаковскай аатынан Доҕордоһуу дьиэтин информационнай-маркетинговай салаа салайааччыта, дьүүллүүр сүбэ председателэ; Афанасьев Афанасий Дмитриевич – Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, Саха Республикатын норуодунай артыыһа; Багынанова Сардаана Ивановна – Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, «Киин куорат» хаһыат кэрэспэндиэнэ. Күрэх биэс бөлөҕүнэн: 4-6, 7-10, 11- 13, 14-17, 18-21 саастаахтарга ырыа, үҥкүү, фольклор, инструментальнай, уруһуй, мода хайысханан ыытылынна. Кыайыылаахтар хас биирдии бөлөххө, хайысхаҕа лауреат үрдүк аатын ылан дипломунан, кубогынан, дипломаннар дипломунан наҕараадаланнылар, бары кыттыбыттар сертификат ыллылар. Дьүүллүүр сүбэ быйыл Кылаан бирииһи кимиэхэ да анаабата. Сылын аайы күрэх анал ааттарын туттарабыт. Ол курдук, быйылгы анал ааттар ананнылар: • «Лауреаттар лауреаттара» үрдүк ааты Хаҥалас Нөмүгүтүттэн «Сырдык санаа» ВИА ансааамбыл (салайааччы Яковлев П.П.) ылыан ылла. • “Бастыҥ мода театра”кыайыылааҕынан буолла Уус Алдан Тумулуттан «Дьэргэлгэн» мода театра (салайааччы Петухова М.М.). • “Бастыҥ ырыа ансаамбыла”кыайыылааҕынан буолла Хаҥалас Өктөмүттэн «Чэчир» ырыа ансааамбыла (салайааччы Антонова А.Г.). • «Бастыҥ фольклор коллектива» кыайыылааҕынан ааттанна Дьокуускай куораттан «Маленькая страна» оҕону сайыннарар киин фольклорун ансаамбыла (салайааччы Гуляева О.Г.). • «Бастыҥ үҥкүү ансаамбыла» кыайыылааҕынан Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн «Манчаары» үҥкүү ансаамбыла (салайааччы Говорова Т.Е.) буолла. • «Сыл бастыҥ дебюта» анал аат иҥэрилиннэ Орто Халыма Налимскайыттан «Веселые ложкари» инструментальнай ансаамбылга (салайааччы Березкина М.В.). • “Народнай иструменнар бастыҥ ансаамбыллара”кыайыылааҕынан буолла Хаҥалас Хачыкаатыттан “Аккорд”аккордеонистар ансаамбыллара (салайааччы Галимон Е.М.). • «Бастыҥ салайааччы-2021» кыайыылааҕынан Өктөмтөн «Туллукчаан» оҕо уһуйаанын музыкаҕа уһуйааччыта Антонова Анисия Георгиевна ааттанна. Кини салайар «Чэчир» ырыа асаамбыла I ст. лауреат үрдүк аатын ылла. • «Үҥкүү бастыҥ салайааччыта» анал ааты Чурапчы улууһун Мырылаайы сэлиэнньэтин «Чуораанчык» уһуйаанын «Сир симэхтэрэ» үҥкүү ансаамбылын салайааччыта Неустроева Анастасия Николаевна ылла. • «Ырыа ансаамбылын бастыҥ салайааччыта» анал ааты Чапаевтааҕы оҕо театральнай оскуолатын ырыаҕа уһуйааччыта Протопопова Ирина Васильевна ылла. • «Фольклор бастыҥ салайааччыта» анал аат Покровскайдааҕы И.М.Яковлева аатынан орто оскуола фольклорга уһуйааччыта Ильина Светлана Геннадьевнаҕа тигистэ. • «ИЗО бастыҥ салайааччыта» анал аат туттарылынна Амма Мээндигэтин Н.И.Караканова аатынан орто оскуола учууталыгар Данилова Мария Иннокентьевнаҕа. • “ВИА бастыҥ салайааччыта”анал аат Кэбээйиттэн кыттыбыт Винокурова Татьяна Ивановнаҕа иҥэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэ оҕолоро бу биһиги «Сардаҥалаах Аартыкпытын» сөбүлээн кытталлар. Бу икки сыл тухары куйаар ситиминэн ыыппыт күрэхтэрбитигэр кыттар бары оҕолорого, кинилэр салайааччыларыгар, төрөппүттэригэр ис сүрэхтэн махтал тылларын аныыбыт. Талааҥҥыт өссө чочуллан, кырыыламмыт алмаас таас курдук күлүмүрдүү сандаардын диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит. Эһиил көрсүөххэ диэри, «Сардаҥалаах Аартыкпыт», оҕо-аймах сөбүлүүр түһүлгэтэ.

Федора Фомина А.С.Данилова аатынан «Барҕарыы» култуура Киинин дириэктэрэ, Хаҥалас, Өктөм

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...