Санитарнай ырааһырдыы ыйдара саҕаланна
Дьокуускайга олунньу 1 күнүттэн үс ыйдаах санитарнай ырааһырдыы биллэрилиннэ.
“Үс ыйдаах ырааһырдыы кыһыннары мустубут хаары-мууһу ыраастаан полигоҥҥа тиэйии, тротуардары уонна тэлгэһэлэри ыраастааһын, бөҕү-саҕы тиэйии, ону таһынан бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга ананар”, - диэн “Якутск” телеграм-каналга иһитиннэрэллэр.
“Якутдорстрой” АУо сүрүн инженерэ Александр Оданец эппитинэн, тохсунньу ыйга Дьокуускай уулуссаларыттан 66,5 тыһыынчаттан тахса куб/м хаар тиэйиллибит. 2021-2022 сылларга кыһыҥҥы кэмнэргэ барыта 201 тыһыынча кубомиэтирэ хаар таһыллыбыт.
Маны таһынан баһылык Евгений Григорьев быраабалар салайааччыларыгар, ону тэҥэ СЭГХ тэрилтэҕэ олорор дьиэлэр подъезтарыгар коронавируснай инфекцияны утары дезинфекцияны ыытыыны хонтуруоллуулларыгар сорудахтаата.
“Кэнники нэдиэлэҕэ куорат олохтоохторуттан салайар хампаанньалар дезинфекцияны хаачыстыбата суох ыыталларын эбэтэр олох да ыыппаттарын туһунан үҥсүүлэр киирэллэр. Онон быраабалар уонна СЭГХ тэрилтэ бу боппуруоһу ураты хонтуруолга ылыҥ”, - диэтэ Григорьев.