23.02.2023 | 12:00

Сандал сааһы кэрэтийэн көрсөбүт

Саас кэлэрэ чугаһаата, онно бэлэмнэнэн сирэйбит тириитин, баттахпытын тупсарыаҕыҥ.
Сандал сааһы кэрэтийэн көрсөбүт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сыалаах-арыылаах сирэйгэ

Итинник тииптээх сирэйгэ кыратык «хатарар», килэрийэрин сүтэрэр курдук маннык састааптаах мааска барсар:

2 чайнай ньуоска мүөт;

20 хааппыла лимон сүмэтэ;

1 остолобуой ньуоска кыра бырыһыаннаах сүөгэй.

Састааппытын барытын миискэҕэ кутан булкуйабыт, онтон сирэйбитигэр сотобут. 20 мүнүүтэттэн саҕалаан чаас аҥаарыгар диэри тутуохха сөп, ол кэнниттэн сылаас уунан суунабыт.

 

Куурбут-хаппыт тириилээх сирэйгэ

Итинник тириини «аһатарга», сиигирдэргэ, маннык састааптаах маасканы оҥостуохха сөп:

1 сымыыт уоһаҕа;

2 чайнай ньуоска үүт;

1 остолобуой ньуосканы кыайбат бытархай овсянка көмнөҕө (хлопья).

«Геркулеһы» сылаас үүтүнэн кутан баран 10-15 мүнүүтэ сытыаран бөскөтөбүт. Биилкэнэн сымыыт уоһаҕын үчүгэйдик булкуйабыт уонна үүттээх овсянка көмнөҕүн кытта булкуйабыт. Сирэйбитигэр соттон баран 20 мүнүүтэ тутабыт, онтон сылаас уунан суунабыт.

 

Сөбүгэр тириилээх сирэйгэ

Нуормаҕа эппиэттиир да сирэй тириитэ син биир көрүүгэ-истиигэ, «аһатыыга» наадыйар.

Бу маасканы виноградтан оҥоробут. Биһиэхэ наада:

6-7 устуука виноград;

1 остолобуой ньуоска сүөгэй.

Виноградпыт хаҕын хастыыбыт, уҥуохтарын хостуубут уонна 1 остолобуой ньуоска сүөгэйи кытта холбуубут. Үчүгэйдик булкуйан баран, сирэйбитигэр биһэбит уонна 20-30 мүнүүтэ тутабыт, ол кэнниттэн эмиэ сылаас уунан суунабыт.

 

Сирэйи маҥхатар мааскалар

Сороҕор кэрэ аҥаардар сирэйдэригэр эбир эбэтэр пигментнай бээтинэлэр тахсаллар. Итинник түбэлтэҕэ сырдатар мааскалар барсаллар.

1. Оҕурсуну сиэмэлэрин хостоон баран түөркэлиибит уонна сүөгэйи кытта булкуйабыт эбэтэр күн аайы соттор кириэммитин кытта холбоон соттуохпутун сөп. Сирэйбитигэр сотон баран 20 мүнүүтэ тутабыт. Сылаас уунан сайҕыыбыт.

2. Бу маҥхатар мааска убаҕас соҕус буолар диэн сэрэтэбит. Тэҥ өлүүлээн убаҕас мүөтү уонна лимон сүмэһинин булкуйабыт. Маарыла салфетканы итиннэ уган ылабыт, үчүгэйдик оборбутун кэннэ сирэйбитигэр тэниччи уурабыт уонна 15 мүнүүтэ тутабыт. Ити кэнниттэн маарылабытын устабыт, сирэйбитин сылаас уунан суунабыт.

 

Эдэр көрүҥнэнэбит

1. Дьиэҕэ-уокка оҥостор мааскаҕа алоэ сибэккини сөбүлээн тутталлар. Онон, итинник үүнээйилээх буоллахпытына, 1 остолобуой ньуоска сүмэһини ыгабыт уонна эмиэ итиччэ кээмэйдээх сөбүлээн туттар кириэммитин уонна оливки арыытын  кытта булкуйабыт. Сирэйбитигэр биһэбит уонна баара-суоҕа 10 мүнүүтэ тутабыт. Онтон сайҕыыбыт.

2. Билигин эрдэ да буоллар, сайын туттуллар наһаа үчүгэй ырысыабы хаппарбытыгар хатанабыт. Ол курдук, биэс тымыр от (подорожник) сэбирдэхтэрин хомуйабыт, сууйабыт. Онтон хааһы буолуор диэри илдьиритэбит уонна тэҥ өлүүлээн мүөтү кытта булкуйабыт. Наһаа хойуу буоллаҕына, кыратык уунан убатабыт. Мааскабытын сирэйбитигэр 15 мүнүүтэ тутабыт. Ол кэнниттэн бастаан инчэҕэй баата диискэнэн сотон ылабыт, онтон тымныы уунан суунабыт.

 

Сирэй тириитин «тардар» лифтинг

Бу мааскалар эпидермис үөһээҥҥи араҥатын тэҥнээн биэрэллэр.

1. Маннык маасканы оҥорорго аптека сириэстибэлэрэ наадалар:

1 остолобуой ньуоска кытархай туой;

1 ампула ретинол ацетат (A битэмиин);

30 мл көөнньөрүллүбүт күөх чэй (ароматизатора суох буолуохтаах).

Чэйбитин туойу кытта булкуйабыт, убаҕас дии санаатахпытына, туойтан кыратык эбэбит. 1 ампула A битэмиини кутабыт уонна мааскабытын тутатына сирэйбитигэр биһэбит. 25 мүнүүтэ мааскалаах сылдьабыт (налыччы сытарбыт ордук). Ити кэнниттэн тымныы уунан үчүгэйдик суунабыт. Бу маасканы куруук оҥосто сырыттахха, тириибит туруга биллэ тупсар.

2. Бу боростуой эрээри туһалаах мааска. Манна сымыыт үрүҥэ наада, ону күүгэн буолуор диэри дэлби ытыйабыт уонна икки чайнай ньуоска илдьиритиллибит овсянка көмнөҕүн эбэбит. Сирэйбитигэр биһэбит уонна 15 мүнүүтэ тутабыт, ол кэнниттэн тымныы уунан сайҕыыбыт.

 

Мааска оҥосторго тэттик сүбэлэр

1. Маасканы иллэҥ кэмҥитигэр налыччы оҥостуҥ, чаас аҥаарын бэйэҕитигэр анааҥ.

2. Мааскаҕытын биирдэ эрэ туттарга оросчуоттааҥ, ордон хаалыа суохтаах.

3. Састаабыгар сибиэһэй уонна үчүгэй хаачыстыбалаах эрэ бородуукталары туттуҥ, холобур, сүөгэйи, фруктаны.

4. Аан бастаан сирэйгитин бэлэмнээҥ, сууйуҥ, сыалаах-арыылаах сирэйдээхтэр хаҕылыыр пилинг оҥостон баран мааскаланыҥ.

5. Сорох маасканы сирэйгэ эрэ буолбакка, моойго уонна  «декольте» зонатыгар эмиэ сотобут.

6. Мааскалары нэдиэлэҕэ 1-3 төгүл, үс нэдиэлэттэн итэҕэһэ суох кууруһунан оҥостуохха сөп. Дьэ оччоҕо тириибит туруга биллэрдик тупсар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...