07.12.2024 | 12:00

Сандаара Сивцева: «Кэми сөпкө аттарыы — ситиһии төрдө»

Сандаара Сивцева:  «Кэми сөпкө аттарыы — ситиһии төрдө»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар уопсастыба, оскуола, төрөппүт үөрэххэ дьаныардаах, уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ өрүү көхтөөх, сонун ситиһиигэ, билиигэ дьулуурдаах ыччатынан киэн туттар. 
Дьокуускайдааҕы “Саха политехническай лицей” оннук биир бастыҥ үөрэнээччитинэн Сандаара Сивцеваны ааттыахха сөп.  Билсиҥ – Сандаара, бүгүҥҥү хаһыаппыт эдэркээн ыалдьыта.

– Сандаара, бастатан туран, бэйэҥ тускунан кылгастык ааҕааччыларбытыгар билиһиннэр эрэ.

– Үтүө күнүнэн! Мин саха политехническай лицей гуманитарнай хайысхалаах 11 Б кылааһыгар үөрэнэбин.

– Көхтөөх ыччат быһыытынан үлэҕин сырдаттахха...

– Мин биир сыл устата оскуолабар бэрэсидьиэннээбитим. “Бастыҥнар хамсааһыннарын” (“Движение первых”) олохтоох (Дьокуускайдааҕы) салаатыгар куорат баһылыгын иһинэн үлэлиир оҕо уопсастыбаннай сэбиэтигэр баарбын. Бу сэбиэти куорат оскуолаларын саамай көхтөөх оҕолорун түмэн  тэрийбиттэрэ. Элбэх тэрээһиннэргэ волонтердуубун, “Азия оҕолоругар” эҥин волонтердаабыппыт. Дьокуускай куораттааҕы “Юный горожанин” оҕо хамсааһынын чилиэнэбин. Маны таһынан “Кибер-волонтердар этэрээттэрэ” диэн баар, былырыын бу этэрээти кытта үлэлээбитим. Түөкүннээһини утары диэн хайысхаҕа.

–  – Бүтүн Арассыыйатааҕы “Бастыҥнар хамсааһыннара” ыччат хамсааһынын туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо?

– “Бастыҥнар хамсааһыннара” бастакы сүһүөх салаалара оскуола аайы баар (самоуправление). Бу үрдүнэн олохтоох отделение диэн баар. Бу иннинэ этэн аһарбытым курдук, манна куорат оскуолаларыттан саамай көхтөөх оҕолору түмэн, оҕо сэбиэтэ тэриллэр. Бу олохтоох отделениеҕа бастаан сүүмэрдээһини ааһаҕын. Мин иллэрээ сыл сүүмэрдээһини ситиһиилээхтик туораан, оҕо уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ буолбутум. Бу сэбиэт оскуола оҕолоругар анаан тэрээһиннэри ыытар. Холобур, “Медиа-старт”, “Лучшая команда ГДДЮГ” диэбит курдук. Бу чэппиэргэ ГДДЮГ номинацияларын туттарыы буолар. Онно “Лучший лидер школьного самоуправления” буолбутум, ол онно барыахтаахпын. “Бастыҥнар хамсааһыннара” региональнай отделениелаах, өрөспүүбүлүкэ оҕолорун түмэр. Бу хамсааһын уопсайынан оскуолаларга, оҕолорго олус элбэх кыаҕы биэрэр. Биһиги оскуолабыт “Бастыҥнар хамсааһыннарын” нөҥүө элбэх тэрээһиҥҥэ кыттыбыта.

– Оскуолаҕа бэрэсидьиэнинэн талыллан үлэлээбитим диэтиҥ. Оскуола бэрэсидьиэнэ туох үлэни толороруй?

– Оскуола бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт үөрэнээччи оскуола бэйэни салайыныытын систиэмэтин оҥорор диэххэ сөп. Ол эбэтэр саҥаттан бэйэтэ туһунан кыра судаарыстыбаны тутар курдук эмиэ көрүөххэ сөп. Туох баар оскуола министиэристибэлэрин, миниистирдэрин, федерация сэбиэтин, парламены – барытын саҥаттан тэрийэр. Оҕолорго сэргэх тэрээһиннэри ыытар. Оҕолору, учууталлары, быһаччы оскуола дириэктэрин кытта араас боппуруостарга үлэлэһэр. Ити курдук бары биир ситимнээхтик үлэлиир тиһиктэрин тэрийэр диэххэ сөп.

– Оскуолаҕа ханнык тэрээһиннэри ыытаҕытый?

– Былырыын спорт тэрээһиннэрин элбэхтэ ыыппыппыт. Төрөппүттэри, үөрэнээччилэри, учууталлары, выпускниктары ситимниир, сомоҕолуур сыаллаах хас даҕаны турниры тэрийбиппит. Учууталларбыт, төрөппүттэрбит кыттыбыттара олус үчүгэй этэ. Маны таһынан бэлиэ күннэргэ – Космонавтика күнэ, 1 Маай, Кыайыы күнэ, Өрөспүүбүлүкэ күнэ – барыларыгар хайаан да тэрээһиннэри ыытабыт. Оҕолор дойдуларын историятын биллиннэр диэн. Маны таһынан самоуправлениебытынан грант ыларга элбэх куонкуруска кыттабыт. Бэйэни салайыныы күннэрэ буолааччылар. Уонна оттон оҕолору сэргэхситэргэ, биллэн турар, дискотекалары ыытабыт.

– Бэрт сотору саҥа оскуолаҕыт үлэҕэ киирээри турар...

– Оскуолабыт саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирээри турар. Оҕолор наһаа кэтэһэбит, күүтэбит. Олус үчүгэй оскуола буолаары турар. Элбэх эбии профильнай кылаас баар буолуоҕа. Оскуола самоуправлениета бэйэбит туһунан кэбиниэттэниэхтээхпит. Маны таһынан “ШкИБ” (оскуола көҕүлүүр бырайыактарын бэстибээлэ. - Аапт.) бэстибээлгэ кыайан, медиа-устуудьуйа баар буоларын ситиспиппит. Ааспыт нэдиэлэҕэ аһыллыыта буолбута. Саҥа оскуолабытыгар наһаа үчүгэй профессиональнай видеокамералардаах эҥин анал кэбиниэт баар буолуохтаах. Бэйэбит интервью ылар, подкастары оҥорор устуудьуйаланарбыт олус үчүгэй.

Биһиги оскуолабыт Н.Э. Бауман аатынан университеты кытта ситимнээхтик үлэлиир. Ол курдук, физмат кылаастарбыт бааллар дии, инженер оскуолата, олор олимпиадаларынан эҥин Бауманкаҕа үөрэххэ киирэр кыахтаахтар. Маны таһынан бу сылтан кластердар диэн баар буоллулар. Манна дьарыктанан, оҕо 9-с, 10-с кылаастарга үөрэнэ сылдьан “корочка” ылар кыахтанар. Ол “корочкатынан” скуола кэннэ тута үлэлии барыан сөп. Кластердар иннилэринэ урут “ювелирное дело”, “гончарное дело”, “швейное дело” диэннэр баар этилэр. Билигин кластердарга медиа-журналистика, “3D моделирование”, “горное дело”, сантехника эҥин барыта баар буолбут. 10-с кылааска баҕалаах оҕолор массыына ыытар быраапка үөрэниэхтэрин сөп. Автошколаны кытта оскуолабыт итиннэ эмиэ ситимнээхтик үлэлиир. Үөрэх дьылын бастакы аҥаарыгар автошколаттан кэлэн теориятын үөрэтэллэр. 11-с кылааһы бүтэриэхтэригэр диэри практикаларын ааһан, эксээмэннэрин туттарыахтарын сөп буолар. Инньэ гынан 18-тарын туолалларыгар суоппар быраабын ылар кыахтаналлар. Учууталларбыт наһаа үчүгэйдэр, барытыгар олус өйүүллэр, оскуолабыт сахалыы тыыннаах. Саха үгэһиттэн саҕалаан итэҕэлигэр тиийэ барытын кэпсииллэр, үөрэтэллэр. Оскуолабыт, уопсайынан, оҕолорго олус элбэх кыаҕы биэрэр. Дириэктэрбит Надежда Константиновна, завучтарбыт оҕо туһугар кыһамньылаахтык үлэлииллэр, өрүү кинилэр өттүлэриттэн өйөбүллээхпит диэн эрэллээхпит.

– Быйыл 11-с кылааскын. БКЭ-ни туттарартан төһө толлоҕун?

– Долгуйабын (күлэр). Өйүүн бастакы эксээмэним, түмүктүүр өйтөн суруйуу буолуохтаах. Ол онно бэлэмнэнэ сылдьабын. Быйыл эксээмэннээх буоламмын, бэрэсидьиэммиттэн тохтообутум. Онон саҥаттан быыбар буолбута. Билигин 100 бырыһыан болҕомтобун эксээмэннэргэ бэлэмнэниигэ уурабын.

– Ханнык үөрэххэ туттарсар былааннааххын?

– Оскуоланы бүтэрдэхпинэ юридическайга туттарсар баҕалаахпын. Владивостокка ДВФУ-га туттарсар былааннаахпын.

– Үөрэхтэн иллэҥ кэмҥэр тугу ордук сэргиигин?

– Оскуолабар волейболунан дьарыктанабын. Уопсастыбаннай үлэттэн бириэмэ ортоҕуна, кинигэ ааҕарбын, сериаллары көрөрбүн сөбүлүүбүн.

– Бэйэҥ саастыы оҕолорго ситиһиилээх буолалларыгар тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Бириэмэҕитин сөпкө аттарарга, нууччалыы эттэххэ, тайм-менеджмент, былаанныырга кыһаллыҥ диэм этэ. Наһаа өр төлөпүөҥҥэ олорумаҥ. Оҕолору кытта элбэхтэ алтыһыҥ, дьону кытта алтыһыы, кэпсэтии сүрүн миэстэҕэ туруохтаах. Кэми сөпкө туһанан барытын былааннаан оҥордоххо, ситиһии кэлэр дии саныыбын.

– Сандаара, истиҥ кэпсэтиигэр махтанабын! Инники олоххор ситиһиилэри, былааннарыҥ туолалларыгар баҕарабын.

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....