13.02.2022 | 16:00

Санаабытын-онообутун сайҕатан эрэр дьоҥҥо…

Санаабытын-онообутун сайҕатан эрэр дьоҥҥо…
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсунньу 15 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра Тихон Семушкин арамаанынан туруоруллубут «Алитет хайаҕа күрүүр» испэктээк кэнниттэн көрөөччүлэри кытта санаа атастаһыытын ыыппыта.

 

Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта Андрей Борисов көҕүлээһининэн ыытыллыбыт кэпсэтии өссө төгүл тыйаатыр дьылҕатыгар ыалдьар, айымньылаах үлэтигэр сүгүрүйэр, санаатынан-баҕатынан биир тыыннаах, көрүүлээх көрөөччүлэрдээҕин көрдөрдө. Маннык сэдэх эрээри истиҥ көрсүһүүлэр үгэс быһыытынан тыйаатыр чулуу испэктээктэригэр, биитэр кини хайысхатынан буолар дьоһуннаах быһыыга-майгыга сөп түбэһиннэрэн ыытыллааччылар. Бу сырыыга режиссер Андрей Борисов 80-с сыллар кэннилэриттэн хотугу норуоттар дьылҕаларыгар аатырбыт «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээк кэнниттэн иккистээн эргиллиитин туһунан киэҥ ис хоһооннох кэпсэтии таҕыста. Арктика норуоттарын дьылҕатыгар сайдыылаах норуоттар култуураларын атааннаһыылара билиҥҥи кэмҥэ хайдах сабыдыаллыырын уонна инникитин хотугу норуоттар төрүт култуураларын чөл хаалларар кыахтаахтар дуо диэн кэнники кэмҥэ сытыытык турар ыйытыылар тула санаалар этилиннилэр. Андрей Борисов испэктээк уобарастарын нөҥүө билиҥҥи култуура эйгэтин сайдыыта хайдах баран иһэрин, тыйаатыр чинчийиитигэр көрөөччүлэр санаалара улахан оруоллааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Саха тыйаатыра, кэпсэтиһиигэ кыттыһан, айар үлэтигэр күүс-көмө буолбут дьоҥҥо улахан махталын биллэрэр.

Онон бүгүн күндү ааҕааччыларбыт дьүүлүгэр ити көрсүһүүгэ этиллибит көрөөччүлэр санааларын тиэрдэбит.

«Алитет хайаҕа күрүүр» испэктээк кэннэ санаалар

«Алитет хайаҕа күрүүр» Саха тыйаатырын испэктээгэ Сталинскай бириэмийэ лауреата Т. Семушкин 1948 сыллааҕы арамааныгар олоҕурбут. Испэктээк премьерата олус сэргэхтик, долгутуулаахтык ааста. Архаическай култуураны көрдөрөр буолан, испэктээккэ архетипическай уобарас үгүһүн тута бэлиэтии көрөҕүн.

Бастатан туран, Алитет уобараһыгар “аҕа” архетибын өйдөбүлэ көстөр (аҕа диэн сокуон, тулааһын, тутул буоларын өйдүөҕүҥ). Кини Хоту дойду муҥур ыраахтааҕыта, түөлбэтин дьонун көрөн-истэн олорор аҕа баһылык буолар. Алитет күүһүн-уоҕун модьу-таҕа көрүҥэ, уордаах майгыта, бар дьонун ытыктабыла бигэргэтэр. Тута сылдьар үҥүүтэ – былаас, күүс-сэниэ символа (култуураҕа оноҕос, ох саа, үҥүү фаллическай, маскулинноһы көрдөрөр бэлиэ буоларын билэбит). Маны тэҥэ кини үрдүк статуһун ойуун идэлээх аҕата Корауге, эмиэрикээн атыыһыта Чарли Томпсон, удаҕан кэргэнэ Наргинаут күүһүрдэн биэрэллэр.

Алитет, Хоту дойду чулуу уола, төрөөбүт сиригэр бигэтик тирэнэн турар. Кини Хоту дойду үс куйаарыгар (муораҕа, туундараҕа, халлааҥҥа) суолун-ииһин булунан сылдьар, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх курдук сананар:  муора баалын тулуппат бастыҥ оҥочолоох булчут, туундараҕа муммат чулуу сонордьут, халлаан каартатын эндэппэккэ ааҕар хорсун айанньыт. Алитет суол-хайысха тобулар мөккүөрэ бэл халлаан хаартатын (сулустарынан, Үргэл сулуһунан, Халлаан Сиигинэн о.д.а.) кыраҕытык кэтээн көрөр дьоҕуругар көстөр. Ол да иһин суолу-ииһи ыйдаҥардар толору ый испэктээк устата сыанаҕа дьэлтэйэн турда.

Аҕа баһылык суол-иис ыйдаҥардар, хайысха тобулар дьоҕура икки үйэ быыһык кэмигэр, хас да цивилизация аат былдьаһар мөккүөннэригэр ордук наадалаах сатабыл буоларын көрөөччү тута өйдүүр. Ол да иһин испэктээккэ соторутааҕыга эрэ диэри арыыланан, бэйэлэрин сокуоннарынан олорбут дьоҥҥо “кэлии” дьонун (чужие) уобарастара (Америка атыыһыттара, сэбиэскэй былаас дьоно) хото киирэн, сюжет күөрчэхтии ытыллан тахсар.     

Испэктээк иккис чааһыгар өбүгэ саҕаттан огдолуйбакка кэлбит олох тулааһына улам ыһыллан барарын көрөбүт. Утуу-субуу солбуһа кэлбит, Хоту дойду олоҕун абырыах да, алдьатыах да (арҕааҥҥы, илиҥҥи) цивилизациялар үтүрүйсүүлэрин быыһыгар мунан хаалбыт Алитет урукку былааһын тутан хаалыан баҕарар. Дьиҥэ, Алитет бэйэтин маскулиннай оруолун бигэргэтэ сатыыр дьулуһуута испэктээк саҕаланыаҕыттан көстөр этэ. Грек мифтэригэр аҕа баһылык Сатурн былааһын былдьатымаары оҕолорун сиирин кэриэтэ, түөлбэтин дьонун улахан дьаҥтан быыһаары, оҕолорун толук уурар. Эр киһилии (атыыр) статуһун күүһүрдээри, эдэркээн Тыгренаны хоһуун булчут Айеттан былдьаан, иккис кэргэн оҥостор.

Саҥа сэбиэскэй былааска Алитет урукку статуһун туругурдар албастары тобулар дьүккүөргэ киирэр – аҕатын оннугар бэйэтин ойуунунан билинэр, Чарли диэн өлбүт эмиэрикээн атаһын аатын ылынар. Ол эрэн бу албастар кинини быыһаабаттар. Былааһа мөлтөөбүт Алитет саҥа уорааннаах үйэ тыынын уйар кыаҕа суох. Кэлии нуучча дьонугар Тыгренаны уонна оҕотун былдьатара П. Ойуунускай айымньыларыгар баар үйэлээх матыыбы санатар – кыыс оҕону (ойоҕу) былдьатыы, мүлчү тутуу кэскил кэхтэрин көрдөрөр.

Кытылга Алитет оҥочотун оннугар атын саҥа тимир үйэ оҥочото (пароход) тиксэр. Эмиэрикээн атыыһыт Чарли Томпсон оҥочото муораҕа түҥнэстэр. Мантан ыла түөлбэ дьонун олохторо тосту уларыйыан сэрэйэбит. Испэктээк финалыгар Алитет умайа турар сарайа кит дьардьаматын санатан, олох-дьаһах огдолуйуутун, өтөхсүйүүнү көрдөрдө. Алитет, Хоту дойду чулуу уола, Хоту сир муҥур баһылыга, саҥа тимир үйэ дьалхааныгар кыһарыйтаран, өбүгэлэрин дойдутугар аттанна, хайаҕа күрээтэ.

Испэктээккэ туман-күдэн быыһынан Ийэ Кыыл (мамонт) чөмчөкөтүн уҥуоҕа ааспыт кэм суоһар символа буолан көһүннэ. Испэктээк саҕаланыытыгар курутуйа таалан турар удаҕан уобараһыгар Арктика Эбэ уобараһа таайтарыллар. Кини ырааҕы тонолуппакка көрүүтүгэр Хоту дойдуга олохтоох омуктар дьылҕаларын туһугар долгуйуу, ыарыы, муҥ барыта түмүллүбүт курдук.

Икки чаас устата буолбут оонньууну биир тыынынан көрдүбүт – долгуйдубут, күллүбүт-үөрдүбүт, харааһынныбыт, сонньуйдубут. Испэктээк чаҕылхай сценографиятын хайҕаатыбыт, тапталлаах артыыстарбыт талааннарын өссө биирдэ итэҕэйдибит!  

Чулуу айымньы уратыта диэн төһө да күн-дьыл, үйэ уларыйбытын иһин уус-уран идиэйэтэ араас өрүтүнэн оонньоон, чаҕылыйан иһэригэр сытар. Алитет туһунан арамаан (кэлин киинэ уһуллубутун эмиэ билэбит) урукку ааҕааччыга сэбиэскэй дьоллоох кэм үөрүүтүн, саҥа саҕахтары арыйбыт өрөгөйүн сэһэргээбит буоллаҕына, билигин тоҕо эрэ курус номох буолан иһиллэр. Ама биһиги омук дьылҕабытыгар итинник хобдох түмүк суоһуура буолуо дуо диэн, эмиэ итинник улуу цивилизациялар ыар тыыннарын уйбакка, тылбытын, култуурабытын, норуоппут үйэлээх сокуонун умнуох баҕайыбыт дуо диэн. Бу испэктээк биһиэхэ, ХХI үйэ араас албаһыгар улкуйтаран, санаабытын-онообутун сайҕатан эрэр дьоҥҥо, урбанизация, глобализация аҕалар иэдээнин санатта, хас биирдии хотугу омук чөмчүүк таастыы күндү баай култууратын сэгэттэ. Итинник араас бэйэлээх санаалары төрөттө Алитет туһунан Саха тыйаатырын чаҕылхай испэктээгэ.

 

Саргылана Ноева, филология билиминхандьытаата, литературовед

 

Омук быһыытынан хаалары туруулаһыахтаахпыт

Дьэ, кырдьык да, чаҕылҕай испэктээги көрөн, долгуйан, дуоһуйан сылдьабын. Саха тыйаатырын туруоруулара,  саха артыыстара оруолларын олус итэҕэтиилээхтик арыйаллара, саха мындыр өйүнэн, сатабылынан итинник тупсаҕайдык сценографиятын оҥороро сөҕүмэр, ураты көстүү. Испэктээк ис хоһоонугар: түҥ былыргы аҕа ууһа, Улуу муора сүдү баалларын айааһаабыт хоһуун муора булчуттара, киэҥ нэлэмэн туундара туруу сонордьуттара, айылҕа оҕолоро, өксүөннээх олох үргүөрдэригэр түбэһиилэрэ арыйыллар. Алитет – аҕа ууһун баһылыга, бэйэтин ууһугар төрүт  олох укулаатын, олохтоох сокуону тутуһан сылдьара көстөр. Ол эрэн аныгы албын олох, икки аарыма систиэмэ, капитализм – Эмиэрикэ уонна кыһыл революция – Сэбиэскэй былаас өрө күүрсүүлэригэр аҕа ууһун ис тутула ыһыллар. Онно Алитет бэйэтин тус көрүүтүнэн утарылаһан көрөр да, дьылҕа хаана атыннык кини туһугар ыйыллар. Манна, биллэн турар, олох охсуһуута көстөр. Аныгы олох хаамыыта син биир кэлиэхтээх. Ол төрүт олох отуорун уларытара биллэр. Ол – олох сокуона. Ити модун күүһү утары барбыт Алитет соҕотох хаалар, бэл, Тыгренатын, оҕотун хаалларан, хайаҕа соҕотоҕун барар. Бу барыыта кини олоҕун түмүгэ буолар. Онон кыра хотугу омукка саҥа үйэ одурууннаах охсуутун туоһута диэххэ сөп курдук эрээри, саҥа былаас да ахсаабат элбэх көмөтө биллэн барар. Бу олоххо ол иһин омук быһыытынан симэлийбэт туһуттан бэйэбит төрүт үгэстэрбитин, ийэ тылбытын тута сылдьыахтаахпыт. Оччоҕуна эрэ симэлийиэхпит суоҕа. Киһи хомойуох, аныгы олох, сайдыы бэйэтин оҕуруктаах хамсааһынын оҥорон эрэр. Аныгы ыччат төрөөбүт тылын аанньа ахтыбат буолуута, оҕолорун сахалыы такайбат буолуута үксээтэ. Онон бары бу дьалхааннаах үйэ көлдьүнүн талбакка, бэйэбит илэҥсэ өйбүтүн тутан, омукпут омук быһыытынан хааларын туруулаһыахтаахпыт.

 

Суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....