19.04.2021 | 20:11

Санаа сырдыыр сааскы күҥҥэ

Муус устар 17 күнүгэр Ойуунускай аатынан литературнай музейга Марина Кычкина-Ситим Кут "Көҥүл көмүс төлөнүм" диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ олус истиҥ-иһирэх эйгэҕэ буолан ааста.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Долгутуулаах күнүгэр ыҥырыылаах ыалдьыттара, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уонна СГУ саха салаатыгар бииргэ үөрэммит доҕотторо, чугас аймахтара, "КЫРСААДА" уонна "Тыл сүмэтэ" литературнай түмсүү кыргыттара кэлбиттэр.

Марина Иннокентьевна бэрт сэргэх тэрээһинин Мэҥэ Хаҥалас улууһун норуот айымньытын киинэ "Олоҥхо дьиэтэ" уус-уран салайааччыта Айта Семеновна Васильева-Айта Куо  иилээн-саҕалаан ыытта.

Бастакынан "КЫРСААДА" литературнай түмсүү кыргыттара тахсан эҕэрдэлээтилэр, сибэкки дьөрбөтүн уонна бэйэлэрин кинигэлэрин бэлэх ууннулар. Ол кэннэ Ситим Кут нарын иэйиилээх, лирическэй хоһооннорун аахтылар.

Салгыы тылы СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнигэр Василий Пудович Харлампьев-Хара Лааҥкыга биэрдилэр. Кини Марина Кычкина айылҕаны кытары ситимнээҕин, ону хоһоонноругар араас өҥүнэн олус табатык ойуулаан, суруйан ааҕааччытын умсугутарын бэлиэтээн эттэ.

Марина Иннокентьевна "Күн суолунан" диэн бастакы кинигэтин литературнай эрэдээктэрэ, Ойуунускай аатынан түмэлгэ үлэлиир, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Егорович Винокуров-Урсун ааптар төрөөбүт дойдуга таптала ытык сирдэргэ, ытык дьоннорго сүгүрүйүүтэ угуйарын, ийэ айылҕаны харыстыырга ыҥырар хоһоонноругар үлэлэспит үөрүүтүн мустубут дьоҥҥо кэпсээтэ.

 Марина Иннокентьевна бу кинигэтигэр киирбит хоһооннорун барытын Д.И.Ефремов-Джулиус нууччалыы тылбаастаабыт, киниэхэ тыл биэрбиттэригэр тахсан Ситим Кут хоһооннорун хайдах  тылбаастаабытын кылгастык кэпсээтэ.

 Аймаҕа, Дьокуускай пед.колледжын преподавателэ Татьяна Борисова бэрт интэриэһинэй ырытыы оҥордо, "Санааҕа тыллыбыт сибэкки" диэн Ситим Кут хоһоонун доргуччу ааҕан иһитиннэрдэ. СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Мария Петровна Мохначевская-Марта-Мария эҕэрдэ тыл эттэ, кинигэтин бэлэх уунна.

Салгыы бииргэ үөрэммит доҕотторо, аймахтара эҕэрдэлээтилэр, сибэкки дьөрбөтүн бэлэхтээтилэр.

 "Киин куорат" хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ, Саха сиригэр биллэр суруналыыс Иван Петрович Ушницкай барыбыт болҕомтобутун тарта. Эчи, ырыаһытын, А.Дмитриев-Чүмэчи матыыбыгар "Эйигин аларга көрсөөрү" ырыатын ыллаан барыбытын долгутта. Марина Кычкиналыын СГУ саха салаатын бииргэ үөрэнэн бүтэрбиттэрин кэпсээтэ.

Алексей Егоров матыыбыгар "Мунчаарыы" диэн ырыаны ыллаан сүрэхпитин уулларда.

Сандалы тула олороммут итии үүттээх чэй иһэн, ис сүрэхтэн астаммыт саха аһын арааһын аһаан дуоһуйа сынньанныбыт. Оонньоон, араас күрэхтэргэ кыттан ыллыбыт.

Нам улууһуттан кэлбит олохтоох мелодистар Елена Намчы уонна Валентин Константинов ырыаларыгар үҥкүүлээн дайдыбыт. Валентина Пинигина-Арылы нарыын-нарын куолаһынан ыллаан эйээрдэ. Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ ырыатыгар эмиэ үҥкүүлээн тэйдибит.

Бу курдук Марина Кычкина Ситим Кут дьоро киэһэтэ түмүктэнэр бириэмэтэ тиийэн кэлбитин билбэккэ хааллыбыт. Түмүккэ уопсай хаартыскаҕа түстүбүт.

Ааптартан автографтаах кинигэтин бары бэлэх тутан дьоллоннубут. Икки кинигэтэ РИК "Офсет" кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыттара.

Марина Иннокентьевнаҕа ис сүрэхтэн махтанан тураммыт бары үтүөнү, үчүгэйи, үтүмэн үгүс үөрүүнү баҕарабыт. Өссө да кинигэлэриҥ күн сирин көрөн истиннэр, айар аартыгыҥ арылыннын, айар дьоҕуруҥ өссө сайдан истин!

 

Галина Басылайканова-Кэнтик кыыһа,

СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,

СӨ үөрэҕириитин туйгуна,

"КЫРСААДА" литературнай түмсүү салайааччыта

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...