17.11.2020 | 14:25

«Самозанятай» буоллуҥ дуо?

«Самозанятай» буоллуҥ дуо?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр от ыйын 1 күнүттэн саҕалаан бэйэлэригэр үлэлиир дьоҥҥо  (самозанятые)  саҥа нолуок систиэмэтэ киирбитэ. Билиҥҥи туругунан номнуо 2,8 тыһыынчаттан киһи ИП-ттан “самозанятай” аатын сүкпүт. 2021 сылга бэйэ дьарыктаах дьон ахсаанын 4,6 тыһыынчаҕа тиийэ элбэтиэхтээхтэр.

Бүгүн саҥа систиэмэҕэ көспүт, үлэлии сылдьар препринимателлэри билиһиннэрэбит.

Олеся Алексеева: «Миэхэ табыгастаах»

- Мин идэбинэн эти-хааны эрчийэр физкултуура учуутала буолабын. Кыра эрдэхпиттэн спорду, чөл олоҕу өрө тутаммын, идэбин оҕо сылдьан быһаарыммытым. Орто үөрэххэ үөрэнэр кэммэр ЛФК уонна массаас кууруһугар үөрэммитим. Кэлин, бириэмэ ааспытын кэннэ, ылбыт билиини сайыннараары, үлэлэтээри былырыыҥҥыттан Намнааҕы бизнес-инкубатор исписэлииһин кытта кэпсэтэн, сүбэ-ама ылан баран массаас кэбиниэтин арыйарга санаммытым.

Ааспыт күһүнтэн киин куоракка киирэн, массаас куурустарыгар үөрэммитим. Ол кэннэ “Мама-предприниматель” диэн федеральнай бырайыакка киирэммин,   бизнес-былаан оҥорорго, сорук туруорарга босхо үөрэнэн тахсыбытым. Киһи олоҕун тухары үөрэнэр дииллэр. Манан эрэ муҥурдаммака араас семинардары, куурустары эмиэ көтүппэт этим. Ааспыт сылга Саҥа дьыл кэннэ улуу Кытайга бараммын массаас бары салаатыгар үөрэнэн кэлбитим. Дьиҥэ, ахсынньыттан саҕалаан үлэлээбитим. Намҥа “Туйаара” маҕаһыын иккис этээһигэр кэрэ буолуу сэбэрэтин оҥорор «Коко” устуудьуйаны кытта кыттыһан үлэбин саҕалаабытым.

Билигин уопутуран, билиим кэҥээн, практикам хаҥаан, бэйэм туспа массаас  оскуолатын уонна устуудьуйатын @butterfly_massage_namsy арынан олоробун. Butterfly лыах диэн тылбаастанар. Илбийии кэннэ дьон лыах курдук көтө сылдьар, чэгиэн туруктаах буолалларын иһин итинник ааттаабыппыт.

Быйыл сайын атырдьах ыйыгар дьиэҕэ олороммун, Марфа Семеновна көмөтүнэн www.nalog.ru сайтка тус регистрацияны ааһаамын «самозанятай” аатын сүктүм уонна миэхэ нолуокпун төлүүрбэр 20 тыһ. субсидия биэрбиттэрэ. Биир сыл нолуокпун төлөөбөппүн, бу субсидияттан нолуогабай сулууспа төлүү турар. Сайтка төһө суумаҕа өҥө оҥорбуккун, хаһы оҥорбуккун барытын киллэрэн иһэҕин. Итинтэн көрөн нолуогу бэйэтэ учуоттуу турар.

«Самозанятай” буолуу үтүө өрүтэ диэн, ханнык да тэрилтэҕэ уочараттыы-уочаратыы, кумааҕы хомуйса-хомуйса, докумуон туттарбаккын. Дьиэҕэ олорон, биир смартфон көмөтүнэн барытын киллэрэ, көрө олороҕун. Нолуогу ыйынан ылар, төһө харчыны киллэрбиккин, сберкаартаҕар төһө киирэн түспүтүн киллэрэн истэххинэ табыгастаах. Өссө төһө харчыны оҥорбуккун ааҕан иһэрэ үчүгэй.

- Уратыта туохха сытарый?

- ИП буолар былааным суох этэ. Тоҕо диэтэр, кыра оҕолоохпун, ыйдааҕы босуобуйабытын сотон кэбиһиэхтэрин сөп диэммин “самозанятайга” турарга санаммытым. Нолуога төһөнү оҥорбуккуттан 4-6 %-ҥа тиийэр. Бу миэхэ олус табыгастаах. Мин оҕом үс сааһыгар диэри  босуобуйа ылабын.

Мин санаабар, саҥа бизнес тэринэр дьоҥҥо олус сөптөөх усулуобуйа олохтоммут. Тоҕо диэтэр, ИП буоллаххытына наһаа улахан нолуогу төлүүгүт, докумуон үөһэ докумуон, кыбаартал ахсын отчуот туттараҕыт. Оттон “самозанятайга” отчуотун бэйэтэ оҥорон биэрэр, чеккин кытта таһаарар.

Куоракка киирэммин типографияҕа бэчээт оҥорторбутум, ол иһин үөрэх куурустарын эҥкилэ суох ыытабын. Бэчээт элбэҕи быһаарар диэни эмиэ өйдөөҥ.

- Массаас бары көрүҥнэрин баһылаабыт эбиккин, дьону кытта үөрэтэбин диэтиҥ.

- Баҕалааҕы барытын үөрэтэбит, баҕалаах дьон олус элбэх.  Устуудьуйабытыгар классическэй илбийииттэн саҕалаан, Кытай массааһыгар тиийэ оҥоробут. Кэнники кэмҥэ доруобуйаларынан хааччаахтаан дьоҥҥо, инбэлиит оҕолорго элбэхтэ оҥорор буоллубут. Сирэйи-хараҕы ыраастыыбыт, массаастыыбыт. Сатаан кэлбэт-барбат дьоҥҥо дьиэлэригэр кытта тиийэбит.

Дмитрий Жирков: «Өссө даҕаны көстөн иһиэҕэ”

- Мин 2018 сыллаахха кулун тутар ыйга ИП арыммытым. Үлэбин саҕалаан, счет аспытым, Намнааҕы бизнес-инкубатор киинин резиденэ буолбутум. Үлэм хайысхата –  юридическэй өҥөнү оҥоруу. Дьоҥҥо ирдэбил сайабылыанньа суруйабын, суукка кыттабын, о.д.а.

Быйылгыттан, саҥа систиэмэ киирбитин кэннэ,  миэхэ сөп түбэһэр бу баар эбит диэммин «самозанятай” аатын сүктүм. ИП-ттан үчүгэйэ диэн страховой усунуостан босхолонобун уонна кассовай аппараат наадата суох. Кумааҕы хомуйсартан, пошлина төлөөһүнүттэн, сырыы ахсын нолуогабайга тиэстээһин диэн суох. “Мой налог” сыһыарыы нөҥүө судургутук регистрацияны ааһаҕын. Пааспарыҥ дааннайдара уонна хаартыска эрэ ирдэнэр. Нолуок ставката намыһах, 2029 сылга диэри уларыйыа суохтаах. Биирдэ 10000 сууммаҕа диэри вычет ылыахха сөп. Ол харчынан буолбакка, нолуок төлөөһүҥҥэ ставкатын кыччатарга туһаныллар. Аҕыйах кэм ааста, киһи туох даҕаны куһаҕаны билэ илик. Көстөн иһиэҕэ дии саныыбын.

Анна Афанасьева: “Барыта биир төлөпүөнүнэн”

- Профессиональнай нолуок систиэмэтин туһунан хаһыаттан билэн киирбитим. Урут бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэлии сылдьыбытым. Биэнсийэҕэ тахсан бараммын баттах кырыйыытынан дьарыктана сылдьабын. Быйыл от ыйыгар “самозанятай” буолбутум.

- Туох диэн санааҕа кэллиҥ?

- Бэйэҥ бэйэҕэр үлэлиигин, дьону наймаласпаккын. Оҥорон таһаарбыт үпкүттэн  4%-ны төлүүгүн. Оттон хампанньаларга өҥө оҥорбут буоллаххына, 6%-ны төлүүгүн. Барыта төлөпүөн нөҥүө оҥоһуллар, киһи ыарырҕатара суох. «Мой налог” диэн сыһыарыыны App Store эбэтэр  Google Play маҕаһыыннарыттан босхо хачайдыыгыт. Бу сыһыарыы көмөтүнэн нолуоккун төлүүгүн. Килийиэҥҥэр квитанция, чек биэрэр кыахтааххын, ону экраҥҥа бэйэтэ таһаарар. Сыһыарыллыбыт баан каартатыгар киирбит харчыны барытын отчуоттуугун.  Холобура, баттах кырыйыытыгар N суума киирдэ диэн суруйаҕын. Ол кэннэ нолуогуҥ 4%-нын сыһыарыы бэйэтэ ааҕан таһаарар. “Самозанятайдарга” уонна ИП-ларга судаарыстыба барыларыгар көмө харчы ыыппыта. Бу харчыттан нолуокпут көҕүрүүр, бүттэҕинэ нолуокпутун салгыы төлүүбүт.

Үчүгэйэ диэн декларация, отчуот туттарбаккын. Мин саҥа үлэлээн эрэр киһибин. Туох да улахан түмүгү оҥоро иликпин, эһиил хайдах буоларын билиэхпит турдаҕа.

Ханнык эйгэҕэ үлэлиир дьон киирэрий?

Бэйэ дьарыктаах дьон  – улахан собуота, сыаҕа, фабриката, оннооҕор офиһа суох дьону ааттыыбыт. Холобура, дьиэттэн үлэлиир бухгалтердар, тыҥырах оҥорор маастардар, социальнай ситимнэри үлэлэтэр дьон, тамадалар, таргетологтар, маркетологтар, хаартыскаҕа түһэрээччилэр, репетитордар, кондитердар, о.д.а. исписэлиистэр киирэллэр.

“Самозанятай” уонна ИП уратылара

  Бэйэ дьарыктаах дьон ИП
Регистрация бэрээдэгэ Тус регистрацияны «Мой налог” сыһыарыы нөҥүө ааһар. Регистрацията босхо. Нолуогайбага бэйэтигэр тиийэр эбэтэр бааҥҥа счет арыйтарар кэмигэр регистрацияланар уонна 800 солк. пошлинаны төлүүр.
Нолуок 4 % - тус сирэйтэн. 6% - юр.сирэйтэн уонна ИП-ттан. Нолуок систиэмэтиттэн тутулуктанар.
Страховой усунуос Төлөммөт. 2020 сылга 40 874 солк.
Үлэ ыстааһын уонна пенсионнайы ааҕыы Үлэ ыстааһа ааҕыллыбат. 2020 сылтан баҕалаах буоллаххына, пенсионнайгын бэйэҥ төлүүгүн. Ыстаас ааҕыллар уонна пенсионнайгын хайаан да төлүүгүн. 2019 сылга – 32 448 солк.  
Сыллааҕы дохуот Биир сылга дохуотуҥ 2,4 мөл. сууманы куоһарыа суохтаах. 150 мөл. тиийиэн сөп.
Үлэһиттэр Кими даҕаны үлэҕэ ылымыан сөп. Үлэһит ылар кыахтаах. 100 да киһини үлэнэн хааччыйар кыахтаах.    
ФНС – ка отчуот Отчуоттаабат.   Отчуот хайаан да наада. Сыл түмүгүнэн, кыбаартал аайы нолуогабайга отчуот туттараҕын.
Онлайн кассовай аппараат Наадата суох Булгуччу кассовай аппараат ирдэнэр.

Өскөтүн эһиги бэйэҕитигэр үлэлиир, атын үлэһиттэргит суох, сыллааҕы дохуоккут 2,4 мөл. тахсыбат буоллаҕына уонна биэнсийэ туһунан санаабат буоллаххытына, “самозанятай” буолуу эһиэхэ саамай сөптөөх. Оттон бизнескитин кэҥэттиэххитин, саҥа саҕахтары тобулуоххутун, элбэх харчыны эргитиэххитин баҕардаххытына, ИП буоларгытын сүбэлиибин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...