Салгын уйуктаах суудуналар тохтуур сирдэрин уларытыы киирэр
Дьокуускай куорат 202 микрооройуонугар баар салгын уйуктаах суудуналар тохтуур сирдэрин 203 микрооройуоҥҥа «Парус» комплекс таһыгар көһөрө былааннанар.
Ити боппуруоһу оробуочай мунньахха СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев дьүүллэстилэр. Мунньахха биэдэмэстибэҕэ сыһыаннаах уонна ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр кытыннылар.
Пассажирдар түһэр-тахсар саҥа миэстэлэрэ Чернышевскай уулуссатыттан 1 км 400 м уонна В.П.Ефимов аатынан уулуссаттан 600 м сиргэ, 203 микрооройуон «Намыв» подстанциятын кэннигэр көһөрүллэр. Итиннэ төрүөтүнэн 202 уонна 203 микрооройуоннар олохтоохторо салгын уйуктаах суудуналар сылдьар кэмнэригэр үҥсүү киллэрэллэрэ буолбут.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, суудуналар турар сирдэрин уларытыыга Роспотребнадзор Управлениета, «Ленатурфлот» ХЭТ бэрэстэбиитэллэрэ уонна микрооройуоннар олохтоохторо бииргэ үлэлэспиттэр.
«Талыллыбыт миэстэ суудунулар туралларыгар табыгастаах. Биллэн турар, балаһааккалары уонна суоллары оҥоруохха наада. Юридическэй боппуруостары быһаарар ирдэнэр», - диир Евгений Григорьев.
Мунньах түмүгүнэн сорудахтар бэрилиннилэр, итини сэргэ таһар дьон өттүттэн этиилэр киирэллэрэ күүтүллэр.
Салҕыы «Саха АССР 100 сылыгар 100 оптуобус» бырайыак дьүүллэһилиннэ.
Оптуобус пааркатын саҥардыы туһунан «ЯПАК» МУТ салайааччыта Валерий Домотов иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, куоракка 100 оптуобус 7 сыллаах хантыраактаах, оптуобус паарката көрөр-истэр сервистээх бэриллиэҕэ. «Саха РЭМ» хампаанньа биир саҥа оптуобуһу боруобалаан куорат усулуобуйатыгар кыһыҥҥы кэмҥэ сүүрдэргэ биэрэрэ былааннанар. Итини таһынан, Валерий Домотов оптуобус пааркатын «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн саҥардыахха сөбүн эттэ.
Мунньах кэриҥинэн бырайыактары үбүлээһин, судаарыстыбаннай өйөбүл, суол саҥа хайысхатын оҥоруу туһунан боппуруостары дьүүллэстилэр.