Салайар хампаанньаҕын билэҕин дуо?
Куорат ыраас, бэрээдэктээх, хас биирдии олорор дьиэтэ маһыттан, тааһыттан, элбэх мэндиэмэннээҕиттэн, хаарбах туруктааҕыттан тутулуга суох нэһилиэнньэҕэ табыгастаах, ыраас, сылаас буолара Салайар хампаанньатыттан уонна ТСЖтан, ТСН-тан быһаччы тутулуктаах. Бу тэрилтэлэр мөлтөх үлэлээх буоллулар даҕаны, подъездка, этэргэ дылы, ыт даҕаны муннун быктарбат тымныы, кирдээх, тиэргэҥҥэ куруму саппыкынан даҕаны тахсыбат бырыы да бадараан буолара саарбаҕа суох. Онон, өскөтүн дьиэҕэр турбаҥ тоҕо барда, подъездкар куоска оҕотун аҕалан бырахтылар, лиипкит үлэлээбэт, кирилиэс хаара ыраастаммат буоллаҕына, тугу гынаҕын? Саамай сөп – Салайар хампаанньаҕар эрийэҕин!
Дьокуускай куоракка уопсайа 220 Салайар хампаанньа (УК) уонна Дьиэни, Хамсаабат баайы-дуолу бас билээччилэр табаарыстыбалара (ТСЖ, ТСН) баар.
Бүгүҥҥү “Ыйынньыкка” бииртэн элбэх дьиэни көрөр-истэр тэрилтэлэр аадырыстарын, төлөпүөннэрин нүөмэрин таһаарабыт.